Эр киһи — оскуола эргийэр киинэ, нэһилиэк туллар тутааҕа

«Алаас ааттаах, дойду сурахтаах, өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх» буоларын курдук хас биирдии нэһилиэк олоҕор үтүө үгэһи төрүттүүр, олох оҥкулун оҥорор дьоһун дьонунан киэҥник биллэр. И.Н. Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолатыгар сэргэх хамсааһыннары киллэрэр, үүнэр көлүөнэни, кэнчээри ыччаты иитиигэ сүҥкэн оруолу ылар эр дьон учууталлар, аҕа түмсүүтүн салайааччылара оскуола, нэһилиэк көхтөөх сүрүннээччилэринэн буолан, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, айа-тута үлэлии сылдьаллара кэрэхсэбиллээх.

Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ учуутал сырдык аатын үрдүктүк тутан, сөбүлүүр идэлэрин анал быһыытынан ылынан, кэнэҕэски көлүөнэни аҕалыы амарах сыһыанынан, бэйэ холобурунан үтүөҕэ сирдиир, «олох оскуолатыгар» уһуйар талааннаах учууталлар бааллара үөрэх сайдыытыгар сырдык кыымы саҕар. Педагог уонна Уһуйааччы сылын чэрчитинэн иитии эйгэтигэр улахан кылааты киллэрэр, оҕону кытары уопсай тылы судургутук булар, баай үөрүйэҕи иҥэрэр, үгүс уһуйуллааччылары иитэн таһаарар Дьүлэй нэһилиэгин эр дьонун билиһиннэрэбит.

ОСКУОЛА, НЭҺИЛИЭК ОЛОҔУН СҮРҮННҮҮР АҔА ТҮМСҮҮТҮН САЛАЙААЧЧЫТА

Баай устуоруйалаах Дьүлэй н э һ и л и э г и т т э н төрүттээх Петр Романович Чупров төрөөбүт түөлбэтигэр эр дьону түмэ тардан, үгүс үлэни-хамнаһы ы ы т а р , с э р г э х х а м с а а һ ы н н а р ы таһаарар ураты дьоҕурдаах киһинэн биллэр. Кини уолунаан улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэҕин» хас да төгүллээх кыайыылаахтарынан, призердарынан ааттанан, улуустарын чиэһин үгүстүк көмүскээбиттэрэ.

2022 с. Чупровтар улууска «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» анал аат хаһаайыннарынан буолбуттара. Ыал аҕата сварщик, суоппар идэлээх, тутуу бастыҥ маастарынан буолар. Кини нэһилиэккэ аҕа түмсүүтүн салайааччытынан, Таатта улууһун дьокутаатынан талыллан, оскуола, нэһилиэк, улуус уопсастыбаннай олоҕун бастыҥ тэрийээччитэ, «Дохсун» эр дьон ансаамбыл чилиэнин быһыытынан нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэри, үөрүүлээх түгэннэри киэргэтэллэр.

 

Ыал ийэтэ Сардана Васильевна оскуолаҕа педагог-психологынан таһаарыылаахтык үлэлиир. Биэс оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолорун бэйэлэрин үтүө холобурдарынан, үлэҕэ сыһыаран иитэргэ дьулуһаллар. Билигин оҕолор улаатан туһа дьоно буолан, төрөппүттэрин үөрдэллэр. Икки уол кыра эрдэхтэриттэн туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбат буола үүнэн, аҕаларын туйаҕын хатаран, сварщик идэтин баһылаабыттара үгүһү этэр.

Петр Чупров нэһилиэккэ Аҕа түмсүүтүн салайааччытын быһыытынан оскуола, нэһилиэк олоҕор киэҥ хабааннаах, үгүс хайысхалаах үлэни ыытан, уол оҕону эр киһилии иитэргэ сыаналаммат кылааты киллэрсэр. Кини оҕону, төрөппүтү, нэһилиэк эр дьонун кытары алтыһыы эйгэтин табыгастаахтык тэрийэр. Дьону сомоҕолуу түмэр дьоҕурдаах сатабыллаах салайааччы көҕүлээһининэн, кэнэҕэски ыччакка өбүгэ үтүө үгэһин тиэрдэр соруктаах, сахалыы сиэрдээх муҥханы тэрийэр. Үгүс көлүөнэ эдэр ыччат, Томпо улууһуттан тиийэ кэлэн, оскуола оҕолоругар, нэһилиэнньэҕэ ыытыллар күһүҥҥү илимҥэ уонна кыһыҥҥы муҥхаҕа сылдьан үгүс үөрүйэхтэри иҥэринэллэр. Урукку кэмнэргэ пионер баһаатайдар үтүө холобурдарын салҕыыр туһуттан, шефтэһии кэскиллээх үгэһин кэҥэтэн, оҕо-оҕоттон түргэнник үөрэнэр диэн санаанан салайтаран, Г.Д. Бястинов — Бэс Дьарааһын, А.И. Софронов – Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолалара, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй үөрэнээччилэрэ кэлэн, өбүгэ үгэһигэр уһуйуллаллар.

Өбүгэ үтүө үгэһигэр уһуйуу

А.И. Софронов — Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ

 

Аҕа түмсүүтүн үлэтин биир дьоһун хайысхатынан оҕолорго үтүө санааланыыны иҥэрэр туһуттан нэһилиэк аҕам саастаах Ытык дьонугар туох үлэ баарынан саһаан охсон, кыстыыр маһы бэлэмнииллэр, өбүгэ дьарыгар уһуйар туһуттан сылгыһыттарга көмөлөһөллөр. Үлэнэн иитии элбэх оҕолоох, соҕотох төрөппүттээх оҕолор үлэ сатабылыгар, бултка уһуйуллалларыгар сыаналаммат акылааты уураллар.

  

Түмсүү салайааччыта оскуолаҕа иитэр үлэни сүрүннэһэн, уол оҕоҕо аналлаах байыаннай-коммунарскай сбордары түмсүүлээхтик тэрийсэр. Хамсык дьаҥын кэмигэр Тааттатааҕы «Үргэл» автошколаны кытары дуогабар түһэрсэн, нэһилиэк ыччаттарын суоппар идэтигэр уһуйбута. Ол кэмҥэ права ылбыт оҕолор билигин идэлэрин толору баһылаан, олохторун суолун булунан, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бу курдук кэлэр кэнчээрилэри үтүө холобурга, бастыҥ сатабылга уһуйар ыллыктаах санаалаах үтүө дьон үксүү, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын сомоҕолуу түмэр дьон ахсаана элбии турдун.

УРАН УУСКА УҺУЙАР МААСТАР

Тарбаҕар талааннаах уус дьонноох аҕа ууһуттан төрүттээх Алквиад Павлович Атастыров улааппыт биһигэр, Туора Күөл орто оскуолатыгар уруһуй, черчение, технология учууталынан 26-с сылын таһаарыылаахтык үлэлиир. Уонтан тахса сыл оскуола профосоюһун бэрэссэдээтэлинэн киэҥ хайысхалаах үлэни ыытар. Маастар-педагог орто сүһүөх кылаастары «Эдэр уус» уонна алын кылаас үөрэнээччилэрин тобуллаҕас толкуйдарын сайыннарар «Саахымат» эбии дьарыгар бэлэмниир. Элбэх оҕолоох ыал аҕата төрөөбүт түөлбэтин дьонун-сэргэтин эрэлин ылан, иккис төгүлүн дьокутаатынан талыллан, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун көхтөөх кыттааччыта.

Алквиад Павлович учуутал быһыытынан кэлэр көлүөнэ дьон, нэһилиэккэ патриотическай тыыҥҥа иитиллии үтүө холобурун туруу үлэһит Ытык саастаах дьонтон иҥэринэн улаатар, оҕо төрөппүт ийэттэн, аҕаттан үгүскэ уһуйуллан тахсар диэн бигэ санаалаах. Ол курдук кини төрөөбүт нэһилиэгэр ыччат лиидэриттэн саҕалаан, араас көлүөнэ дьон спортка көҕүлүүр, бултка абылыыр, ырыаҕа умсугутар, түмэр дьоҕурдаах дьонтон үгүскэ үөрэммитэ. Ыал аҕата бөҕө туруктаах, бигэ тирэхтээх, чөл куттаах, сахалыы сиэрдээх, баай култууралаах буолары ситиһии диэн — оҕо иитиитин сүрүн акылаатын быһыытынан сыаналыыр. Бар дьонун үтүө холобурунан сирдэтэн, уолун кыра эрдэҕиттэн саха киһитин сиэринэн бултка, тиэхиньикэҕэ, бары үлэҕэ сыһыаран, киэҥ-холку майгылаах, дьону-сэргэни ытыктыыр, олох араас күчүмэҕэйдэрин туоруурга бэлэмнээх, инникигэ эрэллээх буола үүннэрэргэ кыһаллар. Аҕа киһи спорт эйгэтигэр мас тардыһыы, хапсаҕай, бильярд, саахымат, волейбол, гиирэ көрүҥнэринэн сөбүлээн дьарыктанар буолан, учуутал сиэринэн оҕо дьарыкка, араас таһымнаах күрэстэргэ, спорт күрэхтэһиилэригэр бары сатабылы ылынарыгар үлэлэһэр, бэрээдэги тутуһуу сөптөөх хайысхатынан ыллыктаах сүбэни-аманы биэрэн, үөрэтэргэ дьулуһар.

Учуутал Таатта улууһугар аан маҥнай ыытыллыбыт улуустааҕы муус оҥоһук күрэҕэр уһуйуллааччылара кыттан, кыайыы өрөгөйүн ситиһэн, бастакы миэстэни ылары ситиспиттэрэ. Күн бүгүнүгэр диэри үөрэнээччилэрэ учууталларын кытары хаар, муус, мас оҥоһуктар күрэхтэригэр кыттан, инники күөҥҥэ сылдьан, 1, 2, 3 миэстэлэри ылан, үрдүк маастарыстыбалары баһылыыллар.

 

Алквиад Атастыров оскуола эр дьон педагогтарын кытта биир санаанан тиһиктээх байыаннай сбордары ыытыһар, үөрэнээччилэри булчут мындыр күрэҕэр бэлэмниир, араас таһымнаах оҥоһук куонкурустарыгар кытыннарар.

Технология учуутала үөрэнээччилэрин кытта оскуола иһинэн ыытыллар күрэстэргэ сыананы киэргэтии, уопсай тэрээһини ыытыһыы солбуллубат эбээһинэстэрин толорор көстүбэт үлэһиттэринэн буолаллар.

Учуутал нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕун бэлиэ түгэннэригэр, ыытыллар тэрээһиннэргэ, кэнсиэргэ, хорга, сыаҥкаҕа, кыралаан үҥкүүгэ кыттан, оҕолору дэгиттэр сайдыылаах, туохтан да толлон турбат буолуу үтүө холобурун көрдөрөр. Учуутал билиини, сатабылы иҥэрэн, сөптөөх хайысханан салайан, үөрэнээччи инники кэскилин түстээн, идэҕэ туһаайыахтаах диэн бигэ санаанан салайтаран үлэлиир.

СОМОҔОЛУУР КҮҮСТЭЭХ «ДОХСУН» АНСААМБЫЛ БАСТЫҤ САЛАЙААЧЧЫТА

Туора Күөл орто оскуолатыгар 2014 сыллаахтан Геннадий Кононович Васильев музыка учууталынан үлэлии кэлээт, оскуола үөрэнээччилэрин, нэһилиэк олохтоохторун ырыа алыпт аах эйг этиг эр умсугуппута. Айымньылаах үлэлээх учуутал «Айар ыллыктар» вокальнай дьарыкка баҕалаах оҕолору ылан, ыллыыр-туойар дьоҕурдарын сайыннаран, үөрэнээччилэр, нэһилиэк эр дьонун ансаамбылын тэрийбитэ. Талаан норуокка дииллэрин курдук саҥа талааннары арыйан, араас таһымнаах куонкурустарга кытыннаран, нэһилиэк дьонун-сэргэтин ситиһиигэ кынаттыыр. Ол түмүгэр оҕолор улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы, Аан дойдутааҕы куонкурустар, бэстибээллэр дипломаннарынан, лауреаттарынан, Гран-При хаһаайыттарынан буолан, үрдүк ситиһиилэннилэр. Эдэр педагог оскуола иһинэн «Дьүлэй дьээбэлэрэ» КВН хамаандатын тэрийбитэ билигин улууска, Илин Эҥэргэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хамаанда салайааччытынан буолар. Аныгы үөрэх ирдэбилинэн үөрэнээччилэр сатабылларын сайыннарар сыалтан «Видеопроизводство» эбии дьарыгы айымньылаахтык үлэлэтэр. Үгүс уһуйуллааччылара Туора Күөл оскуолатыгар ыытыллыбыт улуустааҕы Worldskills күрэҕэр үрдүк ситиһиилэнэр чиэскэ тиксибиттэрэ.

Геннадий Кононович кылаас салайааччытын быһыытынан оҕолоругар улахан болҕомтону ууран үлэлэһэр. «Бастыҥ салайааччы» анал аат хаһаайына үөрэнээччилэрин олох киэҥ аартыгар атаарбыт, кэрэ эйгэтигэр умсугуппут оҕолорун кытары сибээһин быспакка алтыһар. Талааннаах учуутал Амма улууһугар киэҥ эйгэҕэ биллэр «Дайыы» бөлөххө бииргэ ыллаабыт доҕоро Косиор Кармановтыын сайыҥҥы ырыа лааҕырын үлэлэтэн, Таатта, Амма талааннаах оҕолорун түмэн, «Дайыы» лааҕыр гииминэн видео-клип уонна уһуйуллааччыларын ырыаларынан клип оҥорбута «Саха» НКИХ ханаалыгар үгүстүк көстөр. Тыараһа нэһилиэгэр ырыа лааҕырын үлэлэтэ сылдьан доҕорунаан оскуола гиимин матыыбын айбыттара. Айар куттаах ырыаһыт «Айар ыллыктар» ырыа түмсүүтүн, бииргэ үлэлиир учуутала Л.Э. Егорова тылларыгар Туора Күөл оскуолатын өрөгөйүн ырыатын бар дьонноругар бэлэхтээбиттэрэ күн бүгүнүгэр диэри уостан түспэккэ ылланар. Нэһилиэк дьокутаата «Сайдам» норуот айымньытын култуурунай тэрээһинин айымньылаахтык ыытыһар тэрийсээччинэн буолар.

2015 с. Геннадий Васильев нэһилиэккэ эр дьон «Дохсун» ансаамбылын тэрийэн, соҕотох бэйэтэ улахан хамсааһыны таһааран, дьону-сэргэни түмэр түһүлгэни таһаарыылаахтык үлэлэтэр. Ансаамбыл хас да төгүллээх улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэр лауреаттарынан, Гран-При хаһаайыттарынан буолаллар.

«ДОХСУН» эр дьон ансаамбыла

Үтүө холобур буолар нэһилиэк эр дьонун ансаамбыла үүнэр көлүөнэ ортотугар утума салҕанан, билигин «Дохсун» ансаамбыл иһинэн Тит Захаров уонна Анатолий Меркурьев дуэттара, оскуола үөрэнээччилэрин ортотугар «Дохсуннар» уолаттар ансаамбыллара тэриллибитэ. Дьүлэй нэһилиэгин ырыаһыттара улуустааҕы куонкурустар кыайыылаахтарынан ааттанан бар дьоннорун үөрдэллэр. Ансаамбыллар нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэри киэргэтэллэр, аһымал аахсыйаларга көхтөөхтүк кыттан, үтүөнү үксэтэллэр, үөрүүнү үрдэтэллэр.

ЧЭГИЭН ТУРУККА СИРДИИР УЧУУТАЛ

Сунтаар Сиэйэтиттэн төрүттээх Анатолий Иванович Меркурьев Туора Күөл оскуолатыгар физкультура учууталынан 2001 сыллаахтан үрдүк көрдөрү үлээхтик үлэлиир. Учуутал оҕолор эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах буолалларын туһугар улахан болҕомтотун ууран, араас таһымнаах сэргэх күрэхтэри ыытар. Үрдүк категориялаах учуутал 21 сыл устата күүскэ үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи учууталлар күрэстэрин 3 миэстэлээх кыайыылааҕынан буолбута. Түөрт оҕо амарах аҕата киһи кыра сааһыттан көрө-истэ сылдьан элбэххэ үөрэнэр, дьиэ кэргэҥҥэ эр киһи чиҥ, бэйэ үтүө холобурунан кэлэр кэнчээрилэрин иитиэхтээх диэн бигэ санаанан салайтаран үлэлиир.

Анатолий Иванович нэһилиэк эр дьонун «Дохсун» ансаамбылын чилиэнэ, оскуолаҕа физическэй култуура уонна ОБЖ учууталларын методическай холбоһугун салайааччыта. Кини оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр аҕам саастаах, баай уопуттаах физкультуура учуутала «гимнастика атыгар» ыстанан сөхтөрбүтүн холобур оҥостон, кэлэр көлүөнэни эрчийиигэ, оҕо доруобай, чэгиэн туруктаах, чөл куттаах буоларыгар сүрүн олугу уурар. Кини үөрэнээччилэрэ аҕыйах ахсааннаах оскуолалар ортолоругар улуустааҕы комплекснай спартакиадаҕа куруук инники күөҥҥэ сылдьаллар. Спортка уһуйбут кэнчээрилэрэ улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи араас көрүҥнээх спортивнай күрэхтэр кыайыылаахтарынан буолаллар. Ол курдук оҕолору эт-хаан өттүнэн эрчийиигэ нэһилиэккэ ыытыллар «Нация кроһун» күрэһиттэн саҕалаан, араас таһымнаах күрэхтэри үрдүк таһымнаахтык тэрийэр.

Оскуолаҕа физкультура учуутала үгүс тэрээһиннэр солбуллубат тэрийээччилэринэн буоларын курдук, 2003 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан оскуола уолаттарын казарма усулуобуйатыгар олордон, байыаннай сбордары ыытан саҕалаабыттара.

Билигин оскуола иһинэн уолаттары аармыйа кэккэтигэр сулууспалыырга бэлэмниир сыалтан «Уолан» байыаннай-патриотическай кулууп иһинэн байыаннай сбордары үрдүк тэрээһиннээхтик ыыталлар. Уолаттар анал званиелары ылан, хамандыыр дуоһунаһын толорон, аармыйаҕа сулууспалыырга толору бэлэмнээх буола үүнэллэр. Оскуоланы бүтэрбит ыччаттар истиҥ махталларын ылар учуутал кэлэр көлүөнэни спорт бары көрүҥнэригэр бэлэмнээн, үгүс кыайыыга кынаттыыр. Учуутал оҕо доруобуйатын эрчийэр туһугар сөптөөх спорт хайысхаларын киллэрэн, үөрэнээччи бэйэтигэр эрэллээх, күүстээх санаалаах буола үүнэригэр бары кыаҕын уурар.

Бэйэтин идэтигэр бэриниилээх педагог Аҕа түмсүүтүн иһинэн ыытыллар үтүө санаа аахсыйаларыгар оҕолору кытыннаран, кыһалҕалаах дьиэ кэргэҥҥэ, аҕам саастаахтарга көмө субуотунньактары тэрийсэр. Эр дьон педагогтар көмөлөрүнэн ыытыллар тэрээһиннэр оҕолору үтүө санаалаах, аһыныгас сүрэхтээх буоларга иитэллэрин таһынан, тус бэйэлэрин үлэлэринэн дьоҥҥо көмөлөһүү үтүө холобурун көрдөрөн, оҕо иитиитигэр сүдү кылааты киллэрэллэр. Анатолий Меркурьев саха эр киһитэ киэҥ-холку майгылаах, эт-хаан өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах буоларын туһугар айымньылаахтык үлэлэһэр.

«ОЛОХ ОСКУОЛАТЫГАР» УҺУЙАР УЧУУТАЛ

Орто Халыма улууһун Сыбаатай нэһилиэгиттэн төрүттээх Александр Николаевич Бережнов Туора Күөл оскуолатыгар ОБЖ учууталынан 23-с сылын таһаарыылаахтык үлэлиир. Олоҕун аргыһа Анна Артуровна айымньылаах үлэлээх уруһуй, черчение, технология учууталынан биллэр. Учуутал дьиэ кэргэн 3 оҕо амарах аҕатынан, эйэҕэс ийэтинэн буолаллар. Элбэх оҕо аҕата Александр Бережнов дьиэ кэргэҥҥэ аҕа оруолун үрдүктүк тутан, оҕону үлэнэн иитэр ньыманы тутуһан, олох мындыр үөрүйэҕэр үөрэтэргэ-такайарга дьулуһар. Үрдүк категориялаах учуутал улуустааҕы «Сыл бастыҥ учуутала» куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан, «Учитель учительских признаний» анал аат хаһаайынынан буолбута. Уһуйан таһаарбыт үөрэнээччилэрэ улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэр кыайыылаахтарынан, призердарынан буолаллар.

Александр Бережнов нэһилиэк Ытык киһитэ, оскуола олоҕор сүдү кылааты киллэрбит новатор-учуутал Иван Николаевич Гуляевы үтүө холобур оҥостон, үөрэх эйгэтигэр киллэрбит саҥа саҕалааһыннарын салҕыыр сыалтан, 2003 сыллаахтан оскуола эр дьон педагогтара оскуола иһинэн «Уолан» байыаннай-патриотическай кулуубу үлэлэппиттэрэ. Бырайыак бигэтик олоххо киирэн, үлэлиир эйгэтэ кэҥээн, «Уолан» кулууп иһинэн 5-11 кылаас уолаттарын аармыйа олоҕор бэлэмниир сбордар ыытыллаллар.

Үрдүкү кылаас уолаттарыгар аналлаах «Сержант оскуолата» байыаннай сбор үгүс көлүөнэни үүннэрэн таһаарда. Оскуола эр дьон учууталлара взвод, үрдүкү кылаас уолаттара хамандыырдарын дуоһунаһын толорон, иитии эйгэтигэр улахан кылааты киллэрэллэр. Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу үтүө холобуругар үөрэтэр сэргэх тэрээһин, учууталлары уонна үөрэнээччилэри бииргэ түмэр улахан хамсааһынынан буолар.

Ол курдук патриотическай тыыҥҥа иитэр «Снежный барс» кулууп таһаарыылаахтык үлэлээн, аармыйа олоҕор эрэ бэлэмниир буолбакка, бары сатабыллары иҥэрэн, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга буоларга туһаайар хайысхалаах үлэлэри тиһигин быспакка ыыталлар.

Туора Күөл оскуолатын учуутала Александр Николаевич саха киһитин сиэринэн үөрэнээччилэрэ Ийэ дойдуга бэриниилээх, Сахатын омугунан киэн туттар, кырдьыгы өрө тутар, үлэни таптыыр, барыны сатыыр буолалларын туһугар бары кыаҕын ууран үлэлэһэр. Дьүлэй нэһилиэгин эр дьоно үүнэр көлүөнэни иитиигэ оскуола эргийэр киининэн нэһилиэк туллар тутаахтарынан буолар таһаарыылаах үлэлэрэ сырдыкка сирдии, үтүөнү үксэтэ турарыгар баҕарыаҕыҥ.

Мария Павлова.

Читайте дальше