Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Майа сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа уолунаан» күрэскэ сахабыт сирин араас муннуктарыттан холбоон 19 көхтөөх хамаанда кииристэ, ону тэҥэ Дьокуускай куораттан уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан иккилии хамаанда турда. Тааттабыт улууһун чиэһин Чөркөөх нэһилиэгин олохтоохторо Жегусовтар дьиэ кэргэн көмүскээтилэр. Тэринэн кэлбит хамаандалар ох курдук оҥостон уопсайа сэттэ көрүҥҥэ биир сомоҕо буолан икки күн устата кииристилэр. Хамаанданы өйүү, арыаллыы Чөркөөх Аҕа баһылыга Андрей Семенов өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҕа күрэһин» 3 төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕа, улуус депутаттарын мунньаҕын чилиэнэ Петр Чупров, улуустааҕы ыччат уонна дьиэ-кэргэн отделын салайааччыта Иван Старостин сырыттылар.
Жегусовтар дьиэ кэргэн бу улахан хабааннаах күрэскэ бэйэлэрин ис кыахтарын олус үчүгэйдик көрдөрөн, элбэҕи билэн, үөрэтэн, инникитин өссө күүскэ дьаныардаахтык бэлэмнэнэн эһиилги күрэскэ кыттарга сыал-сорук туруоруннулар. Уопсай түмүккэ орто көрдөрүүлэнэн 11 миэстэҕэ таҕыстылар. Бу 19 хамаандаттан олус үчүгэй көрдөрүү буолар. Түһүмэхтэринэн миэстэ таһаарыытыгар уустук көрүҥҥэ, ол эбэтэр остуолбаҕа ыттан тахсыыга 3 миэстэни ыллылар.
Бу күрэс Аҕа уолунаан сыһыанын бөҕөргөтөр, күүһүрдэр ураты тыыннаах буолан күрэскэ кыттыбыт аҕалаах уол икки күннэрин бииргэ атааран, күүс-уох эбинэн, күлэн-үөрэн, санаа атастаһан, уол оҕону сахалыы иитиигэ, ону тэҥэ дьиэ кэргэн олоҕор, туругар бэлэмнээх, тирэхтээх буолалларыгар сүдү күүс буолар эбит диэн үгүһү билэн үөрүү кынаттаах кэллилэр.
Онон Күүстээх санаалаах эр бэрдэрбитигэр Жегусовтар дьиэ кэргэттэригэр эҕэрдэ бастыҥын баҕарыаҕыҥ, бу курдук бииргэ дьоллоох олох суолугар уйдаран, ситиһии аргыстаах сылдьаргытыгар баҕа санаа алгыһын тиэрдэбит.
Хаартыска улуустааҕы ыччат оделыттан.
Уруйана