Эргиэн эйгэтигэр үлэлээбит тумус туттар киһибит

Атыы-эргиэн эйгэтэ улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар биир сүрүн кылааты киллэрэр, нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарар биир сүрүн хайысха. Урукку кэмнэргэ атыы хайысхата муҥутуу сайда илигинэ РАЙПО маҕаһыыннара бүтүн улууһу аһынан-таҥаһынан хааччыйаллара.

Төһө да билигин улахан тэрилтэ үлэлээн тохтообутун иһин, үгүс сыл тухары норуот туһугар үлэлээн-хамсаан ааспыт аҕам саастаахтар үгүстэр. Тааттыныскай нэһилиэккэ бу эйгэҕэ уһун кэмҥэ үтүө суобастаахтык, биир идэҕэ ис сүрэҕиттэн бэриниилээхтик үлэлээбит дьонтон биирдэстэринэн Варвара Дмитриевна Мегина буолар. Кини атыы-эргиэн хайысхатыгар үйэ аҥара кэриҥэ эҥкилэ суох үлэлээбит бастыҥ салайааччы, солбуллубат сэбиэдиссэй, үлэ бэтэрээнэ, Арассыыйатааҕы потребительскай кооперация сайдыытыгар кылаатын иһин уордьан уонна II-с истиэпэннээх мэтээл, Саха сиринээҕи «Холбос» потребительскай уопсастыба «XX үйэҕэ потребительскай кооперация сайдыытыгар үтүө өҥөтүн иһин», Таатта улууһа төрүттэммитэ 100 сыла анал бэлиэлэр хаһаайкалара, Саха сиринээҕи потребительскай кооперация Бочуоттаах үлэһитэ. Атыы эйгэтигэр туйгун үлэтинэн үрдүктүк сыаналанан, үлэлээбитэ 30 сылыгар уонна Саха сиригэр «Холбос» потребительскай уопсастыба төрүттэммитэ 100 сылыгар 40 сыл үлэлээн, анал наҕараадаларынан бэлиэтэммитэ. Бар дьон эрэлин ылан, 1980 сыллаахха Алексеевскай оройуон №36 уокурук дьокутаатынан талыллан айымньылаахтык үлэлээбитэ.

Варвара Дмитриевна баай историялаах Тыараһа сиригэр Пелагея Ивановна уонна Дмитрий Прокопьевич Мегиннэргэ 1952 сыллаахха ахсынньы 18 күнүгэр үһүс оҕонон төрөөбүтэ. Иллээх дьиэ кэргэн алта оҕоҕо күн сирин күндүтүн көрдөрөн, үтүө ыччаттары тэниппиттэрэ. Элбэх оҕолоох ыал аҕата ыалдьан, эрдэ олохтон туораан, ийэ киһи соҕотоҕун оҕолорун атахтарыгар туруоран, үлэһит дьон оҥортообута. Убайдара Дмитрий Дмитриевич сатабыллаах суоппар, тутуу прорабынан, эдьиийдэрэ Анна Дмитриевна уһуйаан сэбиэдиссэйинэн, Евдокия Дмитриевна промкомбинат бухгалтерынан, Прокопий Дмитриевич үгүс оҕону уһуйан таһаарбыт бастыҥ учууталынан үлэлээбиттэрэ, Мария Дмитриевна финасовай министиэристибэҕэ үрдүк көрдөрүүлээхтик үлэлии сылдьар. Варвара Дмитриевна алын кылааска ыанньыксыт ийэтигэр илии-атах буолан көмөлөһөн, туохтан да толлон турбат, үлэни өрө тута улааппыта. Оччотооҕу кэм оҕотун сиэринэн оскуоланы бүтэрэн, дойдутугар икки сыл ыанньыксыттаабыта. Оҕо сааһын аргыһа, истиҥ дьүөгэтэ Анастасия Гаврильевна Огонеровалыын Дьокуускайдааҕы кооперативнай техникум иһинээҕи училищеҕа биир сыллаах атыыһыт үөрэҕэр үөрэнэ киирбиттэрэ. Ахсаан өттүгэр, суокка-учуокка дьоҕурдаах кыргыттар атыыһыт идэтин толору баһылаан, 1973 — 78 сс. Амма нэһилиэгин РАЙПО-тун маҕаһыыныгар атыыһытынан үлэлэрин саҕалаабыттара. Оччолорго суол мөлтөх кэмигэр тыраахтар батыллан аара хонон, табаары сүөкээн, төттөрү тиэйэн, үгүс кыһалҕаны көрсөллөрө, суол суоҕар өрүһүнэн бааржанан тиэйэллэрэ.

1978 с. атырдьах ыйыгар Варвара Дмитриевна улуус киинигэр «Гастроном» сэбиэдиссэйинэн ананан, атыыһыт идэлээх Иустиния Макаровна Белолюбскаяҕа атыы-эргиэн баай үөрүйэхтэригэр уһуйуллубута. Оччолорго «Гастроном» курдук улахан маҕаһыын ыскылаатын дьаһайар улахан эппиэтинэһин сүкпүтэ. Үлэлээбитин тухары Варвара Дмитриевна «Киһи киһиттэн үөрэнэр» диэн санаанан салайтаран, атыы эйгэтин төһүү үлэһиттэрэ: Константин Макарович Федоров, Василий Капитонович Яроев, Афанасий Иванович Собакин, Тамара Михайловна Боярова, Марфа Гаврильевна Портнягина, старшай товаровед Клавдия Павловна Евдокимова курдук таһаарыылаахтык үлэлииргэ дьулуһара. Ол ааспыт кэмнэргэ атыыһыт идэтэ илии күүстээх үлэтин ирдиирэ. Атыыһыт кыргыттар 20 киилэ ынах арыытын чэпчэки ыйааһынынан ааҕан, бадыбаалга уган дьаарыстыыллара, 50 киилэлээх бурдугу, саахары күрэхтэһии былаастаах таһан, эт илиилэринэн сүөһү этин эттээн, нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаараллара. Варвара Дмитриевна «Гастроном» үлэһитэ Григорий Иванович Мурунов сүөһү этин аҥарын сүгэн киллэрэн, олус сатамньылаахтык эттиирин көрөн, эт эттииргэ үөрэммитэ, улахан нэһилиэнньэни хааччыйар табаары дьаарыстыыр сатабылы баһылаабыта. «Гастроном» маҕаһыынтан саҕалаан, үтүө суобастаах техническэй үлэһиттэр  Клавдия Николаевна Слепцова, Дария Ивановна Ордахова буолан, дьоҕус кэллэктиип биир сүбэнэн-саргынан эйэлээхтик үлэлээбиттэрин үтүө тылынан махтана ахтар.

Онтон 2001 сыллаахтан «Северянка» маҕаһыын сэбиэдиссэйинэн ананан, «Атыыһыт — дьон туһугар үлэлиэхтээх» диэн бигэ санаанан салайтаран, намыһах көрдөрүүлээх маҕаһыыны атаҕар туруоран, атыылаһааччы тоҕуоруһа мустар маҕаһыынынан буолбута. Үлэҕэ эппиэтинэстээх сыһыаны, бэрээдэги ирдиир сэбиэдиссэй салалтатынан «Северянка» маҕаһыыҥҥа уһун кэмҥэ Мария Егоровна Никифорова, Альбина Прокопьевна Большакова, Варвара Ильинична Канаева, Евдокия Гаврильевна Гермогенова, Маргарита Ревовна Боярова, Зинаида Егоровна Слепцова таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Биһиги ортобутугар үйэ аҥара дьон туһа диэн үлэлээн кэлбит дьоммут куруук үтүө холобур буолан, үтүө тылынан ахтылла туруохтара.

Альбина Большакова: «Үлэни өрө тутар ирдэбиллээх салайааччы».

Мин 1986 сыллаахха Варвара Дмитриевна Мегина «Гастрономҥа» сэбиэдиссэйдии сырыттаҕына үлэлии киирбитим. Кэллэктиипкэ Людмила Бетюнова, Дария Попова, Мария Григорьева үлэлииллэрэ. Эргиэн үлэтин ымпыгын-чымпыгын толору баһылаабыт, үлэтигэр сүрдээх бэриниилээх, ирдэбиллээх салайааччы буолан, бары биир киһи курдук үлэлиирбит. Оччолорго үлэҕэ социалистическай куоталаһыы, үгүс субуотунньуктар, улуустааҕы бэстибээллэр тиһигин быспакка ыытыллаллара, онно барытыгар көхтөөхтүк кыттан, былааммытын толорон, куруук инники күөҥҥэ сылдьарбыт. Манна барытыгар салайааччыбыт Варвара Дмитриевна үтүөтэ-өҥөтө улахан. Кэлин «Гастрономтан» көһөн, «Северянка» маҕаһыыҥҥа өр кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлээбиппитин дьолбунан ааҕабын.

Евдокия Гермогенова: «Билигин кини курдук үлэлиир киһи суох».

Варвара Дмитриевнаны кытары бииргэ үлэлээн, атыыһыт уустук идэтигэр элбэҕи билбитим, үгүскэ үөрэммитим. Кини үтүө суобастаах атыыһыт эрэ буолбатах, сэбиэдиссэй быһыытынан нэһилиэнньэ туохха наадыйарын билэр, отчуот үлэтин кыайа-хото тутар бастыҥ салайааччы быһыытынан сыаналыыбын. Сэбиэдиссэй саҥа киирбит үлэһиттэргэ кыраттан саҕалаан, үөрэтэн-такайан, табаары атыылыырга, аһы-үөлү хайдах харайарга барытыгар уһуйара. Маҕаһыын табаара хайдах туруохтааҕын, ырааһын, бэрээдэгин күүскэ хонтуруоллуура. Атыыһыт үлэтэ диҥ иһигэр киирдэххэ — уустук идэ. Дьэ, ону Варвара Дмитриевна кыайа тутан, өр сылларга бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Ордук сөҕөрүм диэн, сэбиэдиссэй күнүнэн төһө табаар хаалбытын өйүгэр хатыыр ураты дьоҕурдааҕын. Күнүс, түүн да табаар кэллэҕинэ, тэбис-тэҥҥэ кэлэн аахсан, эппиэтинэһигэр ылан тутара. Салайааччы киһи үлэтигэр бэриниилээҕэ, дьоҥҥо үтүө сыһыана биһиэхэ куруук үтүө холобур буолара. Кини, кырдьык даҕаны, атыы-эргиэн эйгэтигэр хорутуулаах дириҥ суолу-ииһи хаалларбыт үтүөлээх үлэһитинэн буолар. Ол иһин, «Кырдьаҕаһы хааһахха хаалыы сылдьан сүбэлэт» — диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ.

Читайте дальше