Геннадий Петрович Решетников – учуутал, салайааччы, инноватор

Анна Спиридоновна уонна Петр Егорович Решетниковтар оһоҕос түгэҕинээҕи оҕолоро Геннадий 1964 cыл олунньу 8 күнүгэр Эдьигээҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Аҕатын учуутал идэтин түөрт бииргэ төрөөбүттэртэн кини эрэ утумнаабыта. Геннадий Петрович Решетников кылгас олоҕун бүтүннүүтүн кэриэтэ үөрэхтээһин эйгэтигэр саҥаны киллэрэр, сайдыыны саҕар дьаныардаах үлэҕэ анаабыта, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Россия таһымыгар биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыта.

Кини оҕо эрдэҕинэ оскуола туйгун үөрэнээччитэ, ордук ахсаан, физика, черчение предметтэригэр дьоҕурдааҕа биллибитэ. Онон ахсыс кылаастан Ытык Күөлгэ физико-математическай кылааска көспүтэ. Оскуоланы бүтэрээт СГУ физическэй факультетыгар туттарсан киирбитэ.
1986 cыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, Дьокуускай куорат 7 №-дээх орто оскуолатыгар физика учууталынан анаммыта. 22-лээх учуутал үөрэнээччилэрин кытта футболлуура, сорох олох баппат уолаттары дьарыйталыыр да түгэннэрэ бааллара. Уһуннук саҥардаҕына күөмэйэ «олорор», бүтэҥи куоластаах буолан, кылааһыгар аппаратура холбоон, микрофону туттара. Оччолорго ол сонун көстүү этэ. Сытыы-хотуу нуучча оҕолоро киэҥ эрудициялаах, тобуллаҕас толкуйдаах учууталларын тылын истэр, ирдэбилин толорор этилэр.

Геннадий Петрович РТПЦ салаатыгар, Хотугу сир физико-техническэй проблемаларын институтугар старшай инженеринэн, 1991–1993 cc. физик доҕотторун кытта чааһынай тэрилтэни тэринэн үлэлээн, харчы-хамнас кырыымчык, ас-таҥас суох кэмигэр дьиэ кэргэнин ииппитэ, кэргэнэ Мария быраас идэтин ыларыгар тирэх буолбута. 1993 cыллаахха Чөркөөххө сайылыы кэлэ сылдьан, оскуолаҕа физика учуутала, дириэктэр суоҕун, дьон кыанар өттө оҕолорун үөрэттэрээри киин сирдэргэ талаһалларын туһунан кэпсэтиини истээт, сарсыҥҥы күнүгэр Ытык Күөлгэ тиийэн, үөрэх салаатын начальнигын Атос Реасович Кулаковскайдыын көрсүбүтэ. Итиэннэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн үөрэммит оскуолатыгар физика учууталынан уонна дириэктэринэн ананан кэлбитэ. Ити саҕана төһө да олох-дьаһах ыараханын иһин, Саха сирэ саҥардыы суверенитеттанан, омук быһыытынан уһуктуубут, төрүт үгэстэрбитин сөргүтүүбүт, көҥүл тыыныгар тардыһыыбыт күүһүрэн эрэр кэмэ этэ. Ол биир холобурунан, үөрэх тэрилтэлэригэр Е.П.Жирков национальнай концепциятын киллэрии саҕаламмыта. Чөркөөх оскуолатыгар бырайыактыыр үлэ, саҥаны киллэрии лидеринэн Геннадий Петрович буолбута диэн бигэтик этиэххэ сөп. 1994 c. Чөркөөх орто оскуолата Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институт лабораториятын, республикатааҕы экспериментальнай площадка статуһун ылары ситиспитэ.

Геннадий Петрович салгыы сайдарыгар учуонай, оскуола научнай салайааччыта Николай Иннокентьевич Бугаев наставник, учуутал буолбута. 1995 c. өссө биир төлөннөөх эдэр учуутал Алексей Петрович Саввин кэлэн, үһүөн тутуспутунан уһуннук, айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. «Бырайыак, «дакылаат», «мозговой штурм», «рефлексия» диэн тыллар хас биирдии учуутал уонна үөрэнээччи күннээҕи олохторугар өтөн киирбиттэрэ. Түүннэри-күннэри тигинэччи барбыт күргүөмнээх үлэ түмүгэр, П.А.Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата-лабораторията Саха сиригэр уонна Россияҕа «Школа года–1997» күрэххэ инновационнай үлэҕэ бастыҥ экспериментальнай оскуола аатын көмүскээбитэ. Онуоха Геннадий Петрович – оскуола дириэктэрин наукаҕа солбуйааччыта – СӨ үөрэҕин министиэристибэтин бочуотунай грамотатынан уонна бэйэтин оскуолатыттан 400 cолкуобай бириэмийэлээх грамотанан наҕараадаланан, аан бастаан билиниини ылбыта. Тустаах үлэтин таһынан, 1995 с. Улуус Мунньаҕын депутатынан талыллан, үөрэх, доруобуйа, култуура хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн, Улуус Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээбитэ.

1999 с. сайын улуустааҕы үөрэх салаатын начальнигын солбуйааччынан анаммыта. 1999–2000 үөрэх сылыгар «Развитие улусной системы образования через организацию сетевого взаимодействия образовательных учреждений» диэн ааттаах республиканскай экспериментальнай площадка тэриллибитэ. Инновационнай үлэнэн улуус бары оскуолалара, оҕо уһуйааннара хабыллан, араас хайысханан үлэлииллэрэ. Геннадий Петрович дьиэтигэр-уотугар хонор хоноһо курдуга, куруук айаҥҥа сылдьара. Таатта улууһун кэрийэн учууталлары, иитээччилэри үөрэтэрэ, сүбэлиирэ. Үлэтин уопутун Саха сирин үрдүнэн тарҕатан, үгүс улуустарга кэтэһиилээх ыалдьыт этэ. Ол курдук Хаҥалас, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Абый, Өлөөн, Үөһээ Дьааҥы улуустарын, Илин Эҥээри барытын таарыйан, билиитин-көрүүтүн үллэстэн ааспыта. Үгүс ахсааннаах семинардары ыыппыта. Таатта талааннаах дьонун үөрэх эйгэтигэр сыһыаран, Б.Ф.Неустроев-Мандары, А.Н.Лопатины, Э.А.Алексеевы о.д.а. кытта алтыһара. Бу улахан хамсааһын үтүө түмүктэрэ үөрэнээччилэр «Инникигэ хардыы» НПК-ҕа ситиһиилэригэр, үөрэххэ киириилэрин көрдөрүүлэригэр биллэн барбыттара.

2003–2008 cылларга Геннадий Петрович Таатта улууһун үөрэҕин салаатын начальнигынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. 2002 c. улуус учууталларын ортолоругар 8 аспирант, 22 соискатель бааллара, 16 дириэктэр, солбуйааччы уонна учуутал кэтэхтэн үөрэнэн менеджмент дипломун ылбыттара. 2005 с. Ытык Күөлгэ Хадаайыга III Республикатааҕы «Тыа сирин оскуолата» педагогическай ярмарка өрө көтөҕүллүүлээхтик тэриллибитэ. Онно миниистир Ф.В.Габышева, Москваттан тиийэ учуонайдар, Саха сирин бары муннуктарыттан үөрэнээччилэр, учууталлар ыалдьыттаабыттара. Оҕо аймаҕы кынаттыыр П.А.Ойуунускай ааҕыылара, «Инникигэ хардыы» НПК-лар үрдүк таһымнаахтык ыытыллаллара. Бу сылларга Таатта улууһун 5 оскуолата федеральнай, 12 оскуолата республика таһымнаах экспериментальнай площадка буолбуттара. Үөрэх тэрилтэлэрин материальнай-техническэй хааччыллыыларын тупсарыыга үлэ бөҕөтө барбыта. Чычымах, Уус-Таатта таас оскуолалара тутуллубуттара.
2008 c. балаҕан ыйыттан Геннадий Петрович Дьокуускайга үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин үрдэтэр институт проректорынан, кафедра сэбиэдиссэйинэн, онтон 2012 c. от ыйыттан саҥа тэриллибит «Сосновый Бор» оҕону сайыннарар уонна чэбдигирдэр киин дириэктэрин научнай үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбитэ. Аҕатын, ийэ тыллаах олоҥхоһут П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр айар үлэтигэр олоҕуран «Олоҥхо үүнэр көлүөнэҕэ» диэн киэҥ ис хоһоонноох үөрэх кинигэтин уонна кэккэ научнай-методическай үлэлэри таһаарбыта. 2012 c. балаҕан ыйын 30 күнүгэр орто дойду олоҕуттан соһуччу барбыта.

Геннадий Петрович үчүгэй уруһуйдьут, уус, оҕо сылдьан народнай театр артыыһа, ырыаһыт, «Доҕордоһуу» ансаамбыл бастакы бөлөҕүн үҥкүүһүтэ, тустуук – араас дьоҕурдааҕа. Талааннаах лиирик поэт быһыытынан биллэн испитэ. 2004 с. «Араҥас сулус» айар түмсүүнү кытта эдэр суруйааччылар мунньахтарыгар кыттан биһирэммитэ, кинигэҕэ мэктиэлэммитэ. Ол эрээри, хомойуох иһин, бэчээттиир саҕана, биир ыалтан икки ааптары таһаарбаппыт диэн, кини айымньыларын тохтоппуттар этэ. Онон «Айанньыт буолабын» диэн хоһоонун хомуурунньугун Маргарита Иванова бэлэмнээн, доҕоро Борис Павлов «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар 2016 c. бэчээттэппитэ.
Учуутал, салайааччы, инноватор Г.П.Решетников үөрэх эйгэтигэр чаҕылхай үлэтин иһин «СӨ үөрэҕириитин туйгуна», «РФ уопсай үөрэхтээһинин уонна наукатын бочуоттаах үлэһитэ», «Учууталлар учууталлара» бочуоттаах бэлиэлэринэн уонна «Саха сирин методиһа» үрүн көмүс бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Кини олоҕун 4 оҕото уонна 4 cиэнэ салгыыллар. Уолаттара Дима, Гурий техническэй идэлэри баһылаан «ЛОРП» ААО тэрилтэлэригэр инженеринэн, геодезиһынан, кыыһа Лиза «Дороги Арктики» КТ экономиһынан үлэлииллэр, кыра уола Алеша – саха салаатын үһүс кууруһун устудьуона.

Бу дьыл олунньу 8 күнүгэр Геннадий Петрович 60 cааһын туолуо этэ.

Оксана Андросова-Сандаара Россия үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһитэ.