Географическай билиигэ, арыйыыларга – дьиэ кэргэнинэн

Сири-дойдуну үөрэтэр, ол курдук алын сүһүөххэ «Тулалыыр эйгэни» үөрэтэртэн саҕалаан Аан дойду экономикатыгар, политикатыгар тиийэ үөрэтэр, олус киэҥ ис хоһоонноох, интэриэһинэй, умсугутуулаах, оҕону курдат тардар алыптаах География уруоктара буолаллар.

«Ийээ, аҕаа тоҕо сирбит төгүрүгүй, тоҕо күн-түүн буоларый, тоҕо кыһын-сайын буоларый» ‒ диэн тоҕус төгүл тоҕо боппуруостар хас биирдии дьиэ-кэргэҥҥэ үөскүүллэрэ саарбаҕа суох. Дьэ мантан саҕаланар География наукатын гранитын тиниктээһин, үөрэтии. География учуутала үөрэн-көтөн, хараҕа уоттанан уруогун тематын кэпсээтэҕинэ, оҕолор кини кэпсээнин харахтарыгар бу баардыы ойуулаан, оҥорон көрөн абстрактнай, пространственнай, логическай, аналитическай толкуйдуур дьоҕурдара үөскээн кэҥиир-дириҥиир, эргиччи сайдар. Ону таһынан чуолаан география уруоктарыгар оҕо Ийэ дойдутун, төрөөбүт түөлбэтин ис сүрэҕиттэн таптыыра, бу кэрэ дойдуга төрөөн-үөскээн олороруттан киэҥ туттуута, ол аата патриотическай өйө-санаата үөскүүр. Былыргы грек учуонайдара – Эратосфен, Птолемей, Геродот; айанньыттар – Христофор Колумб, Фернан Магеллан, Миклухо – Маклай, Афанасий Никитин; сирбит бүрүөһүннэрэ – гидросфера, атмосфера, литосфера, биосфера; материктар – Евразия, Африка, Хотугу Америка, Соҕуруу Америка, Антарктида, Австралия, кинилэр айылҕалара, климаттарын курдааһыннара, айылҕаларын зоналара; төрөөбүт Ийэ дойдубут, Россиябыт айылҕата уонна экономиката; тас дойдулар экономикалара; глобальнай проблемалар – маны барытын оҕо география уруоктарыттан билэр, өйүгэр-сүрэҕэр иҥэринэр, олоҕор туһанар.

Ааспыт сылларга Таатта улууһун оскуолаларыгар география учууталларынан үлэлээбит, үүнэр көлүөнэҕэ үгүс билиини-көрүүнү биэрбит, иҥэрбит дьоммутунан, учууталларбытынан, уһуйааччыларбытынан буолаллар: Фекла Дмитриевна Товарищева, Гаврил Илларионович Васильев, Варвара Иннокентьевна Данилова, Елена Федоровна Старостина, Леонид Николаевич Малышев, Михаил Михайлович Аммосов, Марфа Матвеевна Аммосова, Евдокия Ивановна Сартаева, Галина Григорьевна Сорова, Галина Петровна Дьячковская, Римма Алексеевна Алексеева, Зинаида Егоровна Макеева, Валерия Васильевна Дедюкина, Илья Ильич Аргунов, Дария Васильевна Попова, Татьяна Петровна Сметанина. Кинилэр үөрэппит-такайбыт үөрэнээччилэрэ, туйах хатарааччылара, география учууталлара республикабыт улуустарыгар үлэлииллэр-хамсыыллар. Билигин үлэлии сылдьар учууталлар биһиги бу убаастыыр, ытыктыыр наставниктарбыт баай опыттарыгар олоҕуран араас кэриҥнээх методическай системалары оҥостон үлэлии сылдьабыт.

9-с уонна 11-с кылаастарга улууспут оскуолаларын оҕолоро экзамеҥҥа география предметин тиһигин быспакка сыллата талаллар, билиилэрин тургуталлар, инники идэлэрин кытта сибээстииллэр.

2015 сылтан дойдубут үрдүнэн бүттүүн Географическай диктант Нуучча Географическай обществотын көҕүлээһининэн, РФ президенэ Путин В.В. өйөөһүнүнэн, аан дойдутааҕы сырдатар акция чэрчитинэн ыытыллар. Диктант сыалынан-соругунан дойдубут географиятын билиигэ интэриэһи тардыы уонна үрдэтии, киэҥ араҥа нэһилиэнньэҕэ тарҕатыы буолар. Сахабыт сирэ диктаны суруйбут киһи ахсаанынан куруутун инники күөҥҥэ сылдьар. Тааттабыт улууһун оскуолалара бары эмиэ сыллата көхтөөхтүк кытталлар. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ нэһилиэнньэ географическай билиитэ элбииригэр, кэҥииригэр Географическай диктант олук буолар.

Олунньу 29 күнүгэр «К географическим открытиям всей семьей» диэн девизтаах «Географическая карусель» диэн ааттаах улууска бастакытын дьиэ-кэргэн географическай олимпиадата П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатыгар ыытылынна. Оскуола директора, география учуутала Лебедев Егор Валерьевич, улуустааҕы география учууталларын методическай холбоһугун салайааччыта, педагогическай наука кандидата Огоюкина Саргылана Иннокентьевна, Чөркөөх оскуолатын географияҕа учуутала Яковлева Лена Дмитриевна санааларын түмэн, сүбэлэрин холбоон бу тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыттылар. Олимпиада үөрүүлээх чааһа Географтар гимнэринэн саҕаланна. Билигин үлэлии сылдьар, сыллата элбэх оҕону научнай-чинчийэр үлэҕэ дьарыктыыр, ОГЭ, ЕГЭ түмүгүнэн үрдүк көрдөрүүлээх география учууталлара Бочуотунай грамоталары, махтал суруктары туттулар.

А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолатын, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицейын, М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолатын, В.Х. Кашкин аатынан Даайа-Амматын орто оскуолатын, П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын 4-10 кылаастарын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.

Үс түһүмэхтээх (тестовай, теоретическай, метапредметнай) олимпиада сорудахтарын үөрэнээччилэр төрөппүттэрин , аймахтарын кытта толордулар. Түмүктэр.

4 кылаастарга:

1 миэстэ – Жегусова Амелия – Жегусова Аксиния, П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата.

2 миэстэ – Сунхалыров Антон – Свешникова С.С, М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата.

5 кылаастарга:

1 миэстэ – Шарин Кеша – Шарин А.И., А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей.

2 миэстэ – Сысолятин Алеша – Максимов Д.Д., А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей.

3 миэстэ – Федоров Костя – Федорова С.И., М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата.

6 кылаастарга:

1 миэстэ – Кычкин Уран – Кычкина С.Т., А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей.

2 миэстэ – Слепцов Андрей – Слепцова Р.Р., М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата.

3 миэстэ – Докторов Айтал – Докторов А.П., А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолата.

3 миэстэ – Семенова Амелия – Ходулова Венера, П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата.

7 кылаастарга:

1 миэстэ – Аргунова Ванесса – Аргунов С.Ф., А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей.

2 миэстэ – Полускина Айсана – Полускин П.В., М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата.

3 миэстэ – Плотникова Лана – Плотников С.П., А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолата.

8 кылаастарга:

1миэстэ – Попов Эрчим – Попова П.П., А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолата.

2 миэстэ – Огонеров Сережа – Огонеров Г.С., М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата.

3 миэстэ – Татаринова Аина – Макаров Н.И., А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей.

9 кылаастарга:

1 миэстэ – Жегусова Александра – Жегусов Г.И., П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата.

2 миэстэ – Мосоркин Никита – Мосоркин М.М., А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолата.

3 миэстэ – Колодезников Герман – Колодезникова А.И., М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата.

10 кылаастарга:

1 миэстэ – Огонеров Дархан – Огонерова Н.С., А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолата.

2 миэстэ – Большаков Тимофей – Сокольникова М.С., П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата.

3 миэстэ – Слепцова Василина – Томскай Е.Д., М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата.

Эбиэт кэннэ 9 станциялаах квест-оонньуу хамаандаларынан олус интэриэһинэйдик ааста:

1 миэстэ – А.И. Софронов-Алампа аатынан Ытык Күөл №1 орто оскуолата.

2 миэстэ – А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей.

3 миэстэ – П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолата.

Географиябыт предметин суолтатын үрдэтэр , оҕолорго интэриэс үөскэтэр, учууталлар түмсэр, сүбэлэһэр, санаа атастаһар түһүлгэлэрэ, сыллата ыытыллар тэрээһиннэрэ буоллун диэн, дьиэ кэргэн сылынан оҕо, төрөппүт, учуутал быстыспат ситимнээхтик үлэлииллэригэр төһүү күүс буоллун диэн баҕа санааттан олимпиада ыытылынна.

Эверест үрдүк чыпчаалын курдук үрдүктэн үрдүккэ талаһыҥ, Марианскай куоһах дириҥин курдук дириҥ билиилээх буолуҥ , Сахаара кумах куйаарын куйааһын курдук итии сүрэхтээх буолуҥ, иннигит диэки эрэллээхтик хардыылааҥ, үлэлээҥ-хамсаан, айыҥ-тутун!

П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын географияҕа учуутала Яковлева Л.Д.

Читайте дальше