1991сыллааҕы выпустарбын соҕуруу Москва-Ленинград күүлэйдэтэ илдьээри, сааскы каникул кэмигэр турфирматтан путевка атыыласпытым, кинилэр автобуһунан оҕолору Ытык Күөлтэн көтүөх иннинээҕи күммүтүгэр кэлэн ылыах буолбуттара. Онон эрдэ Харбалаахтан айаннаан, болдьоспут сирбитигэр гостиницаҕа олорон автобуспутун күүт да күүт. Суох да суох, тэрилтэбитигэр эрийбиппитин бэҕэһээ барбыт буолуохтаах дииллэр. Иккигэ дылы кэтэһэ сатаан баран, ыксаан оройуонум салалтатыгар тиийдим. Мин дьолбор, В.Х. Кашкин, Г.М. Артемьев иккиэн бааллар эбит. Баар балаһыанньаны кэпсээтим, Василий Хрисанфович төбөтүн быһа илгистэн баран, мөхтө: «Хайдах, саатар, Ытык Күөлтэн да сатаан тахсыбакка сылдьан, хайдах оҕолору соҕуруу илдьэ бараары гынаҕын?»- диир, этэр эттэҕинэ, кырдьыга да оннук буоллаҕа дии…
Мин хараҕым уута халыс гына түстэ…
Онтон Георгий Михайлович наһаа аһыммыт хараҕынан көрөн баран, эттэ: «Ыксаан, көмө көрдүү кэлбит дьону наһаа мөҥүмүөххэ, хайдах көмөлөһөрү толкуйдуохха», — диэтэ уонна Маҥан пуордун начальнигар эрийдэ. Кэпсэттилэр, онтон миэхэ ыстакааҥҥа уу кутан биэрдэ уонна эттэ: «Валентина Семеновна, уоскуй, билигин 4 Ан 2 самолету ыытыах буоллулар, маннааҕы автобуһу кэпсэтиэм, Мойуонаҕа киллэртээн биэриэ. Оҕолору сайыннара хорсуннук ылсан, баран эрэргин хайгыыбын, үчүгэйдик сылдьан кэлиҥ!», — диэтэ. Хаһыска төннөрбүтүн ыйыталаста, кэлэргитигэр самолету кэпсэтиэм диэтэ. Автобуһунан пуорка киирдибит.
Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, 4 самолет утуу-субуу көтөн кэлэн, куоракка сөбүнэн тиийдибит, Сарсыарда 7 чааска Москубаҕа көттүбүт. Бэркэ күүлэйдээн, элбэҕи билэн-көрөн, төннөн кэлэн, Маҕаҥҥа киирбиппитигэр диспетчер тута: «Эһиги тускутугар оройуоҥҥут салалтата кыһаллан, кэпсэтии ыыппыта, сүрүн рейстэр толоруллан бүттэхтэринэ, көтүтүөхпүт», — диэтэ. Ол күн дьиэбитин этэҥҥэ буллубут. Бу кылааһым оҕолоро ол баран кэлбиттэрин олохторун биир дьоллоох түгэнинэн ахталлар, саныыллар.
Оттон мин Георгий Михайловиһы оччолорго да убаастыырым, ити түгэн кэнниттэн наһаа сүгүрүйэр, ытыктыыр, билиҥҥэ диэри улахан махталынан ахтар салайааччым, киһи кэрэмэһэ буолар. Быдан дьылларга бырастыы, Таатталарга дьиҥнээх ааппытын туруулаһан, төннөрбүт, бар дьон туһугар кэскиллээҕи эрэ толкуйдаан үлэлээбит муударай салайааччыбыт!
СӨ үтүөлээх учуутала Валентина Семеновна Кривошапкина, Харбалаах.