Хара Алдаҥҥа 1942-1958 сылларга аһыллыбыт балык артыала

Аҕа  дойдуну  көмүскүүр  Улуу  сэрии  саҕаламмытын  кэнниттэн, фрону  аһынан – үөлүнэн  хааччыйар  инниттэн,  1942  сыл  тохсунньу 6   күнүгэр  ССРС Правительствота  уонна  БСК (б) Киин  Комитета   «Сибиир  өрүстэригэр  уонна  Дальнай  Востокка  балыгы  бултааһыны  сайыннарыы»  диэн  холбоһуктаах  уурааҕы  ылыммыттара. Бу  уураахха  олоҕуран  балык  промышленноһа  сайдыбыт  сирдэриттэн  балык  промышленноһын  элбэх  специалистара  Саха  сиригэр  ыытыллыбыттара.  Кинилэр  сүрүн  соруктарынан  Саха  сирин  өрүстэригэр  балыгы  бултааһыны  тэрийии  уонна  сайыннарыы, Сэриилэһэр  Аармыйаны  уонна  оборона  предприятиеларын  рабочайдарын  балыгынан  хааччыйыы  буолбута.  Бу  уурааҕынан  сирдэтэн  1942  сыл  олунньу  9  күнүгэр  партия  Саха  сиринээҕи  комитетын  уурааҕа  тахсыбыта.  Саха  сиригэр 4 саҥа  балык  собуотун  аһарга  уонна  34 балык  булдунан дьарыктанар  аналлаах  холкуостары  тэрийэргэ  быһаарбыта.  Бу  уурааҕы  толорор  инниттэн  Дьокуускай  куораттан  уонна  өрөспүүбүлүкэ  үгүс  оройуоннарыттан   1149  рабочайдар  уонна  сулууспалаахтар, 3  тыһыынча  кэриҥэ  холкуостаахтар, 376  оскуоланы  уонна  училищены  бүтэрбит  үөрэнээччилэр  хомуллан  балык  бултааһыныгар  ыытыллыбыттара. Дойду  арҕаа  уобаластарыттан  6 тыһыынча  кэриҥэ  спецпереселенецтэр  (финнэр, латыштар, литовецтар, немецтэр  уо.д.а. омуктар  бэрэстэбиитэллэрэ)  балык  бултааһыныгар  үүрүллэн  Саха  сиригэр  кэлбиттэрэ.

Партия  обкомун  бюротун  балаҕан  ыйын  6 күнүнээҕи 1942  сыл  уурааҕынан  Чурапчы  оройуонун  41  холкуоһа, барыта  — 1169  хаһаайыстыба, 4988  киһи  Кэбээйи, Эдьигээн, Булуҥ  оройуоннарыгар  балык  бултааһыныгар  ыытыллыбыттара.  Көһүү  содулугар  ити  оройуоннарга  2 тыһыынчаттан  тахса  киһи  хоргуйан  өлбүтэ. Бу – саха  норуотун  алдьархайа  этэ.

Учуонай  Николай  Степанович  Николаев “Мэҥэ  Алдан: Томпо  улууһа – Дьокуускай: Бичик, 2011” кинигэтигэр  бэлиэтээбитэ:  «Обком  бюротун  уурааҕын  кэнниттэн  1941 с.   Охотскай  Перевозка   аһыллыбыт  Алданнааҕы  балык  собуота  көһөрүллэн,   Мэҥэ Алдан  нэһилиэгэр,  «Сырдаабыт» холкуос   сиригэр – уотугар, «Бүгүйэх»  ферматыттан  чугас   Сайылык  диэн  Алдан  өрүс  үрдүгэр  баар  сиргэ  олохсуйбута. Холкуос  быалаах  сирин  балык  собуотугар  биэрии  туһунан  Таатта  оройуоннааҕы  Сэбиэтин  ситэриилээх  комитетын  1942  сыл  балаҕан  ыйын  19  күнүнээҕи  уурааҕа  тахсыбыта (СР НА, ф.52, оп.20, д.116, л.4, 8).

Онон  1942 сылтан  саҕалаан  Алдан  өрүс  биэрэгэр  балык  собуота  уонна  кини  үлэһиттэрэ  олорор   оччотооҕу  кэмҥэ  улахан  соҕус   Рыбзавод  диэн  саҥа  бөһүөлэк  тэриллибитэ. Бөһүөлэк  нэһилиэнньэтэ  150 – 200  киһиэхэ  тиийэ  сылдьыбыта.  Сэрии  кэмэ  буолан  специалистар  кэлэ – бара, уларыйа  тураллара.

Үлэ  итинник  тэрээһининэн  барбыт  буолан, балыгы  бултааһын  государство  булгуччу  толоруллуохтаах  сорудаҕын  быһыытынан  Таатта  оройуонун  холкуостарыгар  сүктэриллибитэ, холкуостар  эбээһинэстэрэ  буолбута. 1942 сыл бүтүүтүгэр  балык  булдунан  дьарыктанар  артыаллар  устааптарын  ылынан оройуон  4 холкуоһа  — «Сырдаабыт»(Мэҥэ Алдан  нэһилиэгэ),   «Сайдыы» (Ыҥаа нэһилиэгэ), «Кыһыл  Алдан» (II Алдан нэһилиэгэ, Охотскай  Перевоз  утарыта  баар  сир)  уонна   «Төрүттэнии»(Хара  Алдан  нэһилиэгэ)  балыгы  бултааһынынан  дьарыктанар  идэтийбит  хаһаайыстыбалар  буолбуттара. Маны  таһынан  балыгы  бултаан  собуокка  туттарарга  Алдан  уонна  Амма  сүнньүлэригэр  олорор  холкуостар  10 – чалыы  киһилээх  биригээдэлэри   сайын  уонна  кыһын  туруоран  үлэлэтэллэрэ (СР  НА, ф.52, оп.20, д.230, л.55) ».

Учуонайдар  Егор Гаврильевич  Винокуров,  Василий  Васильевич  Винокуров, учуутал  Дмитрий  Матвеевич  Стрекаловскай  «Хара  Алдан: Таатта  улууһа.- Дьокуускай:  Бичик, 2011» кинигэлэригэр  суруллар:   «1942  сыл күһүөрү  сайын  Таатта  оройуонугар  Хара  Алдан  нэһилиэгэр  100 –кэ тиийбэт  хаһаайыстыбалаах   «Төрүттэнии»  диэн  тыа  хаһаайыстыбатын  холкуоһун  фрону  балыгынан  хааччыйар  сыалтан  балык  артыалыгар  уларытан  тэрийбиттэрэ.  Саҥа  тэриллибит  балык  артыалын  председателинэн  Афанасьев  Семен  Данилович I  талыллыбыта. Председатели  солбуйааччынан  Старостин  Василий  Данилович, онтон  бухгалтерынан  Новгородов  Афанасий  Григорьевич  үлэлээбиттэрэ.

Райсовет  дьаһалынан, «Ворошилов» , «Саҥа олох», «Трудовой»,   «Бэрээйи  күүһэ»,  «Лыппа»  холкуостарга   400  тахса  ынах  сүөһүбүтүн  туох  да  төлөбүрэ суох  буор  босхо  биэрбиппит.

1942  сыллаахха  күһүн   36 тонна  собону  Арҕаа  (Хаҕыр)  бултаан  рыбзаводка  туттарбыппыт.  Кыһын  Мохсоҕоллоох, Кыыртаах  харгыларыгар  балыктаан  43 тонна  сыалыһары  ылбыппыт».

Балык  артыалын  1953 – 1958 сс. председателэ  Иннокентий  Иванович  Винокуров  кэпсиир :  «Хара  Алдаҥҥа  балык  бултааһына  кэнники  сылларга  улам  мөлтөөн  испитэ. Ол  биричиинэлэринэн  буолаллар  этэ: бастакытынан, миэстэтигэр  икки  сылга  биирдэ эрэ  балык  таһаарыылаахтык  бултатар  баҕайыта,  иккиһинэн, 15 -20  гектар  иэннээх  үчүгэйдик  собо  балык  төрүүр – ууһуур  күөллэрэ  суохтара, үсүһүнэн, холкуос  бултуур  сиригэр, Алдан  өрүскэ, балык   үчүгэйдик  тохтуур —  үөскүүр  табыгастаах, улахан  кумахтара – хомолоро  суоҕа, төрдүһүнэн,сааскы  халаан  уутугар  балык  өксөйөр  туора  таас  үрэхтэр  аҕыйахтара.

Бараайы  диэн  Алдаҥҥа  түһэр  таас  үрэхтэн  быһыттаан  4 – 6 тонна  тойон  балыгы  уонна  быйыты  бултуур  этибит. Илин  уонна  Арҕаа  Хараадыкы  диэн  үрэхтэртэн    сыл  устатыгар  3 – 4  тонна  дьарҕааны  тутарбыт. Онон  кэнники  сылларга   миэстэтигэр  сыл  устатыгар  30 – ча  тонна  балыгы  бултуур  буолбуппут.

Онтон  балыгы  бултааһын  былаана  сылтан  сыл  үрдүү  турар  этэ. 1946  — 1948 сылларга   «Төрүттэнии» холкуос  балыксыттара  Кэбээйигэ  баран  балыктаабыттара. Ити  бадаһыанньаттан  олуйтаран, ыраах  Лена  төрдүгэр  хас сылын  аайы  киирэн  балыктыырга  күһэллибиппит. Кэлин  санаатахха, сэрии  кыһалҕалаах,  ыарахан, ыктарыылаах  кэмигэр  буолан  ханнык  да  экономическай  ааҕыы  —  суоттааһын, кэскиллээх  былааннааһын   диэн   суох эбит. Ол  кэмҥэ айылҕа  харыстабыла, балыктааһын  быраабылата  эҥин  диэн  суох этэ. Кэлин  Булуҥҥа  үлэлиир  кэмнэрбэр  ити  боппуруостар  сүрдээх  сытыытык  турар  этилэр ».

ХАҺЫАТ  САҺАРБЫТ  СИРЭЙДЭРИНЭН

1943 с. олунньуга  Хара  Алдаҥҥа  фрону  уонна  тыылы  аһылыгынан  хааччыйар  аналлаах  балык  артыала  тэриллибитэ. Артыал  21  өрүс, 11  үрэх  туулаах, 15 илимнээх, 5 бэрэмээттээх, 2  муҥхалаах этэ.  Балык  бултааһыныгар  18 –тан   50 –гпр  диэри  саастаах  байыаннай  эбээһинэстээх  дьон  үлэлииллэрэ. Биригэдьиирдэринэн  Самсонов  А.Г., Старостин  Е.Г,, Старостин  Н.Г., Новгородов  Д.И. үлэлииллэрэ. Үлэ ыарахан  этэ.  Хара  Алдантан  4 -5  көс    ыраах  баар   «Ньээкийэнэн»,   «Буруо  көтүппүтүнэн»  тэлэһийэн  балыктаан, бултарын   Дириҥ  Борууга  турар   балык  заводугар  туттараллара, сылга   60  тонна  балык  бултаныахтааҕын  быдан  аһара  толороллоро.

Коммунист.- 1985.- Бэс  ыйын 27  күнэ . – 77  №.

Хара  Алдан  нэһилиэгин  бастыҥ  булчуттара  төрдүс  кварталлаах  түүлээх  бултааһынын  былаанын  кыайыылаахтык  толордулар:  Винокуров  И.В.  2168 солк., Новгородов  Г.И.  1680  солк., Новгородов  Н.В. 1679  солк. суумалааҕы  бултаан  государствоҕа  туттардылар.

Коммунист.- 1941.- Олунньу  27 күнэ. – 16 №.

Хара  Алдан  нэһилиэгин  сулууспалаахтарын  инициативатынан   тэриллибит 14 киһилээх  хамаанда  воскресникка  тахсыбыта.

Воскресник  кыттыылаахтара    күнү  быһа  молотилканан  бурдук  астааһыныгар  үлэлээтилэр. Кинилэр  барыта  24  центнер бурдугу  астаатылар. Астаммыт  бурдуктан  21, 35  центнер  сиэмэ  ыраастанан, государствоҕа  туттарылынна, онон  график  100 % толорулунна.

Коммунист.- 1941.- Балаҕан  ыйын  15 күнэ.- 68 №.

Хара  Алдан  нэһилиэгин   “Төрүттэнии” холкуос  холкуостаахтара  1942 с.  нолуок  эттэрин  90%  толордулар.  Бу  холобур  оройуон  бары  холкуостарыгар  бастыҥ  көрдөрүү  буолуохтаах.

Коммунист. – 1942.  От  ыйын  18 күнэ. – 47 №.

САССР XX  сыла  туолуутугар  социалистическай  тутууга  уһулуччу  үтүөлээхтэрин  иһин  райсовет  уурааҕынан  «Коммунист»    хаһыакка  тэриллибит  бочуот  юбилейнай  дуоскатыгар  маннык  бастыҥ  дьоннор  киллэрилиннилэр:

Түүлээх  бултааһынын  бастыҥнара

Винокуров  Иннокентий  Васильевич —  Хара  Алдан   «Төрүттэнии»  холкуос  чилиэнэ. Кини  1941 – 42 сылларга  4086 солк. суумалаах  түүлээҕи  бултаан, былаанын  267%   толордо.

Новгородов  Григорий  Иванович – Хара  Алдан   «Төрүттэнии»   холкуос  чилиэнэ.  Кини  1941 – 42  сылларга  4704  солк. суумалаах   түүлээҕи  бултаан  былаанын  271 %  толордо.

Коммунист. – 1942. Балаҕан  ыйын  6  күнэ. – 60 №.

«Төрүттэнии»  холкуос  Старостин  М.Г.  балыгы  бултуур  20 – чэ киһилээх биригээдэтэ  аҕыйах  хонук  иһигэр  муҥханан  30 центнер  собону  ыллылар  уонна  государствоҕа  туттардылар.

Коммунист.- 1942.- Ахсынньы  3 күнэ. – 86 №.

Хара  Алдан  балыксыттара  13  киһилээх  2 биригээдэлэрэ  буолан  баран, нь эрэ быһыты  оҥорон, 4 тууну уктулар.

Коммунист .- 1942. – Ахсынньы  24 күнэ. —  92  №.

Хара  Алдан  “Төрүттэнии”  холкуос  быйыл  сааскыттан  ыла  балыгы  бултуур  артыалга  кубулутуллубута. Бу  артыалга  председателинэн  коммунист  Винокуров  В. үлэлиир. Артыал  балыксыттара  сааскы  уонна  сайыҥҥы  балык  бултааһыныгар  үчүгэйдик  бэлэмнэннилэр.

Артыалга  барыта  21  улахан  Алдан  туулара, 11 үрэх  туулара, 15  илим, 50-нуу  күрүчүөктээх  5 бэрэмээт, 2 муҥха, о.д.а.  бултуур тэриллэр  бааллар.  Икки  күҥҥэ  балыктаан  110  кг  балык  ылылынна.

Коммунист. – 1943.- Бэс  ыйын 2 күнэ.- 36 №.

Балыгы  бултуур  «Төрүттэнии»  артыал  6 суол  сиргэ  2700  миэтэрэ  усталаах быһыты  быспыта. Ити  быһыттарга  26  өксөөн  тууларын  укпута,  ону  таһынан  1000  миэтэрэ  усталаах  11 суол илими  Алдан  балыктаах  хомолоругар  үтэр.  Биир  күн  120  устуука  сыалыһары  эбэтэр  ортотунан  960  килограмм  балыгы  ыллылар.

«Төрүттэнии»  артыал  тохсунньу  ый  бастакы  аҥарыгар  14860  килограмм  балыгы  бултаан, ыйдааҕы  былаанын  575 %  толордо, эбэтэр  766  буут  балыгы  былааны  таһынан  бултаан  биэрдилэр.

«Төрүттэнии»  артыалга  Старостин  Н.Г. (2 № биригээдэ  биригэдьиирэ), Самсонов  А.Г. (3 №  биригээдэ  биригэдьиирэ)  уонна  биригээдэ  балыксыттара  Новгородов  Д., Винокуров В., Старостин  Е., Винокуров Е.  Уо.д.а. муус  үлэтигэр  нуормаларын  куруутун  150 – 175  %  толорон  иһээччилэр  үүннүлэр.

Коммунист.- 1944. – Тохсунньу  21  күнэ. – 3 №.

Балык  бултааһынын  тохсунньутааҕы  былаанын  ситиһиилээхтик  толорбут  уонна  оройуон  балыксыттарын  социалистическай  куоталаһыыларыгар   бэйэлэрин  ылыммыт  эбэһээтэлистибэлэрин  кыайыылаахтык  толорбут  балыксыт  артыаллар  Бочуот  дуоскатыгар  таһаарыллаллар:

Хара  Алдан   нэһилиэгин  (Совет  председателэ  Старостин  П.М.),    «Төрүттэнии» балыксыт  артыал  (председатель  Старостин  В.Д.)  балык  бултааһынын  1944 с. тохсунньутааҕы    сорудаҕын  болдьоҕун  иннинэ  576  %  толорбут, 900   буут  бастыҥ  сортаах  балыгы  туттарбыт.

Коммунист.- 1944.- Тохсунньу  28  күнэ.-  4 №.

Түмүктээн  эттэххэ,  Хара  Алдан  дьоно  — сэргэтэ, «Төрүттэнии» балык  артыала  1958 сылга  үлэтин  тохтотуор  диэри  балык  бултааһыныгар  тиргиччи, тигинэччи  үлэлээбиттэрэ, Улуу  Кыайыы  өрөгөйдүүрүн  туһугар  көмүс  көлөһүннэрин  тохпуттара.  Ол  эрээри  хомойуох  иһин, холкуостаахтар  барахсаттар    дьулуурдаах үлэлэрэ  ханнык  даҕаны  наҕараадаларынан  бэлиэтэммэккэ  хаалбыта, биир даҕаны  киһи  уордьаҥҥа,  мэтээлгэ  да  тиксибэтэҕэ.

Винокуров  Егор  Гаврильевич,  философия  наукатын  кандидата, доцент.

 

 

 

Читайте дальше