Хоһоону биирдиилээн дорҕоонноохтук ааҕыыга уонна хоһоону айан толорууга кэтэхтэн ыытыллар күрэc балаһыанньата

Таатта улууһун иһинэн хоһоону биирдиилээн дорҕоонноохтук ааҕыыга уонна хоһоону айан толорууга кэтэхтэн ыытыллар күрэc балаһыанньата

Тэрийээччи:  СӨ «СахаБэчээт» ГАУ «Таатта» хаһыат редакцията Олунньу 16 күнэ 2024с.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев Оҕо саас, Таатта улууһугар Айаал Бурцев Таптал. Эрэл. Итэҕэл. сылынан биллэрдэ

. Бу бэлиэ сылга «Таатта» хаһыат  үбүлүөйдээх 85 сылынан оҕо саадын улахан бөлөх оҕолоругар хоһоону төрөөбүт тылынан биирдиилээн ааҕыыга уонна оскуола үөрэнээччилэригэр ( орто сүһүөх 5-7 кылаастарга улахан сүһүөх 8-10 кылаастарга) уус-уран хоһоону айыыга күрэс ыытар.

Сайаапкалары тутуу:

  1. Хоһоон ааҕыытын олунньу 19 күнүттэн кулун тутар 11 күнүгэр диэри телеграмм ханаалга 89148203565 нүөмэргэ тутабыт.
  2. Кулун тутар 21 күнүгэр түмүк «Таатта» хаһыат ВКонтакт ханаалыгар https://vk.com/taattagazeta  тахсыаҕа.

Оҕо саадын оҕолоро хоһоону биирдиилээн толорууга сөбүлүүр хоһооннорун ааҕаллар. Күрэс түмүгүнэн, «Кылаан чыпчаал» уонна 6 анал аат талыллыа, ону тэҥэ хас биирдии кыттааччы туоһу сурук тутуоҕа.

Иккис бөлөххө айар дьоҕурдаах 5-10 кылаас үөрэнээччилэрэ кытталлар. Хоһоон тиэмэтэ Ытык Тааттабытын хоһуйуу, айыллыбыт хоһооннор кинигэҕэ тиһиллиэхтэрэ, ону тэҥэ  бастыҥ хоһооннор «Таатта» хаһыакка бэчээттэниэхтэрэ.

Күрэс түмүгүнэн сүһүөхтэринэн арааран дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары таһаарыа. Кыттааччылар «Таатта» хаһыат ВКонтакт ханаалыгар тахсыахтара. Көрөөччү биһирэбилэ кыайыылаахтарын «Таатта» хаһыат ВКонтакт ханаалыгар https://vk.com/taattagazeta  сурутааччылар (подписчиктар)  Кулун тутар 14-18 күнүгэр аһаҕас куоластааһыҥҥа кыайыылааҕы элбэх лайк нөҥүө быһаарыахтара.

Күрэс сыала-соруга:

  1. Төрөөбүт тылы байытыы, оҕону кыра сааһыттан ийэ тылыгар сыһыаран иитии.
  2. Оҕолорбутун киэҥ эйгэҕэ таһааран, саҥа ааттары арыйыы.
  3. Сахалыы ыраастык хомоҕойдук саҥарыы.
  4. Оҕоҕо патриотическай тыыны иҥэрии, төрөөбүт дойдуну ытыктааһын, харыстааһын.

Күрэс ирдэбилэ:

  1. Хоһоону чуолкайдык ааҕыы.
  2. Толоруу маастарыстыбата.
  3. Кыттааччы аата-суола, хоһоонун ааптара, үөрэнэр тэрилтэтэ ыйыллар.
  4. Хас биирдии кыттааччы «Таатта» хаһыат ВКонтакт ханаалыгар. https://vk.com/taattagazeta подпискаланар.

Видеоҕа устуу ирдэбилэ:

  1. Оҕоттон 1м – 1,5 м тэйиччи устабыт.
  2. Түлүпүөнтэн устарбытыгар сытыары устабыт.
  3. Оҕо саҥата иһиллиэхтээх.
  4. Видео саҕаланыытыгар оҕо аата-суола, тэрилтэтэ, хаһыс кылаас үөрэнээччитэ барыта ыйыллар.

Хоһоон айбыт оҕолор хоһооннорун сурукка тиһэн толору аатын-суолун суруйан «Таатта» хаһыат rgtaatta@mail.ru  аадырыска ыытабыт.

 

 

Читайте дальше