Хойутаабыт күһүн эгэлгэ өҥүнэн киэргэнэн,

айылҕабыт тула өттүттэн тупсан турар кэмигэр, балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр уруһуйдьут  оҕолор,улахан дьон мустаннар пленэр буолла. Бу тэрээһин Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи «ИИС-УУС, АС.ФЕСТ» чэрчитинэн, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство аҕата И.В. Попов эһиил буолуохтаах 150 сыллаах үбүлүөйүн көрсө бэлэмнэнии үлэ быһыытынан ыытылынна. «Таатта —  ойууһут биһигэ» ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба учууталларын түмсүүтэ, Тааттатааҕы хартыына галереята, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин өйөбүлүнэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи хабааннаах пленэри аан маҥнайгытын тэрийдилэр. Пленэр икки сиринэн, ол курдук Чөркөөх түмэлигэр уонна Чөркөөхтөн алта биэрэстэлээх сиргэ Хоочугурдар кыстыктарыгар Былатыан Ойуунускай төрөөбүт-үөскээбит сиригэр-уотугар Муҥха Дэлбэрийбиккэ ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа мустан уруһуй дьоро күнэ тосхойдо. Пленэргэ Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыттан, Томпо Мэҥэ Алданыттан, Саһылыттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Хаҥалас Покровскайыттан айар куттаах, ойууһут дьоҕурдаах барыта 100чэкэ киһи 5 хайысханан: пейзаж, архитектурнай пейзаж, этнография натюрморта, олоҥхону истэн олорон уруһуй, маастардары түргэнник уруһуйдуурга үллэстэн үлэлээтилэр. Пленэр саҕаланыыта Чөркөөх түмэлин дириэктэрин эбээһинэһин толорооччута М.А.Протодьяконов оҕолорго ыллыктаах алгыстаах тылын, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээнин тириэртэ, айар күүстэрин мунньунан дьоһуннаах үлэлэри айалларыгар баҕарда. Саха бастакы худуоһунньуга И.В.Попов хос сиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, худуоһунньук И.И.Попов,СВФУ картиннай галереятын сэбиэдиссэйинээн, кэргэнинээн М.С.Поповалыын  уруһуйдуур дьоҕурдарын тургутунааччыларга, айар алыптаах оҕолорго сүбэ-ама эттилэр, тэрээһиммитин өссө суолталаан биэрдилэр.

Ойуунускай үөрэммит балаҕаныттан саҕалаан, таалар налыы хонууга, таалалаахтаан устар Таатта үрэх үрдүнэн, талыы талба талахтар аннынан, норуот депутата бэлэх ууммут — саҥа муостатын кыйа, Ойуунускай төрөөбүт балаҕаныгар тиийэ сөбүлээбит сирдэригэр абына-табына  олорон, сарсыарда 10-тан киэһэ 16 чааска диэри пейзаж уруһуйдаатылар. Онтон Чөркөөх түмэлигэр саха олоҕун көрдөрөр араас тутуулары көрдөрөр архитектурнай пейзаж, олоҥхоһуттар, уустар түһүлгэлэрин кэрийэ сылдьан түргэн уруһуйдары, Государственность музейыгар былыргы саха туттубут маллара-саллара туруоруулаах натюрмортары оҥордулар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Чөркөөх орто оскуолатын черчениеҕа уонна ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа бэтэрээн учуутала, В.П.Ларионов аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата И.С.Жегусов, уруһуйдьут дьиэ-кэргэн М.С. уонна И. И.Поповтар үлэлэри сыаналаатылар.
Айар кут абылаҥнаах живописец-худуоһунньуктар В.В.Яроев, И.И. Корякин оҕолорго анаан бириистэри туруордулар. Сахаҕа ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын төрүттээбит, этнограф И.В. Попов норуот тапталын ылбыт бастыҥ киһибит айар үлэҕэ үктээн хаалларбыт суола-ииһэ сүтэн-оһон хаалар дьылҕата суох. Кини чулуу үлэлэрэ – бу саха ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустубатын хайыы-үйэ олоҕурбут оскуолата, сиэрдээх үгэстэрэ, духуобунай нэһилиэстибэтэ буолар. Кини тэлбит суолунан эдэр ыччаппыт үүнэн-сайдан, чэчирээн истин!

Пленэргэ барыта 96 кыттааччы сайаапка биэрбититтэн 78 үлэ выставкаҕа турда.
Пейзаж: 33 үлэ
Архит. Пейзаж: 20 үлэ
Этнограф.натюрморт: 13
Быстрый набросок мастеров: 3 үлэ
Түмүккэ:
Пейзаж
1.Петрова Сандаара Павловская СОШ
2.Карбаканова Лилия, г.Якутск
3.Александрова Влада, ТДШИ
4.Платонова Туйаара, Таттинский лицей
5.Сергеева Настя, Покровская ДХШИ
6.Петрова Надя, Покровская ДХШИ
7. Слепцова Нарыйа, Покровская ДХШИ
8.Алексеева Таня,Туора-Кюельская СОШ
9.Мосоркина Сайнаара, Таттинский лицей
Этнограф.Натюрморт:
1.Данилова Сайнаара, Таттинская ДШИ
2. Чохова Алиана
3.Большакова Саша Таттинская ДШИ
4.Слепцова Нарыйа, Покровская ДХШИ
5.Кривошапкина Нарыйаана, Таттинский лицей
Архитектурный пейзаж
1.Старостина Нарыйаана ,Чычымахская СОШ
2. Аржакова Айыллаана, Черкехская СОШ
Быстрый набросок
1.Николаева Сайаана, Таттинская ДШИ

Читайте дальше