Хор сомоҕолуур сүдү күүстээх

Ырыа – кэрэҕэ угуйар, олоҕу киэргэтэр.

Хор ырыата уус-уран самодеятельность жанрын үрдүкү кэрдииһэ. Ол курдук хуор араас эйгэҕэ үлэлии сылдьар үгүс нэһилиэк олохтооҕун улахан кэллэктиибинэн буолар.

2004 cылтан улуус киинигэр дьону-сэргэни түмэр күүстээх хуор үлэтин саҕалаабыта. 1974-80 cc. оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр муусука салайааччытынан үлэлии сылдьан, Марфа Иннокентьевна Иванова салайар хорун кэллэктиибигэр киирбитим. Бөлөҕүнэн ырыаны өрө тутар буолан, онно элбэх куоласка арааран толоруу ымпыгын-чымпыгын билэн, үгүс үөрүйэҕи иҥэриммитим.

1980 сыллаахха Алдан нэһилиэгэр култуура дьиэтигэр үлэлээбитим. Оччолорго оройуон үрдүнэн агитзоналарынан нэһилиэнньэ ортотугар култуурунай-сырдатар үлэҕэ уус-уран самодеятельность киэҥ араҥаны хабара. Бу үлэ үксэ култуура дьиэтин нөҥүө ыытыллара.

2003 сыллаахха улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин салайааччыта Мария Степановна Андросова ыҥыран ылан: «Эн Уус Тааттаҕа народнай хору тэрийсибит, салайсыбыт, музыкааннаабыт киһи, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан тэриллибит сэрии, тыыл, үлэ уонна баартыйа бэтэрээннэрин уус-уран кэллэктиибэ кырдьан, сааһыран аҕыйаатыбыт, онон кэллэктииби иилээн-саҕалаан, эдэрситэн, дьэ, уолум эрэ буолларгын, убайыҥ Андрей Андреевиһы солбуйар курдук үлэлэс эрэ», — диэн күүстээх тылынан ылыннарардыы көрдөһүү курдук тыл көтөхпүтэ. Дьэ, ол кэмтэн 2004 сыллаахха нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Галина Романовна Макеева дьаһалтаҕа Сэбиэт тэрийэн, тылбын ылыннаран, художественнай самодеятельность кэллэктиибин тэрийэргэ быһаарыммыппыт. Оччолорго 70-80 сыллар көхтөөх ыччаттара М.Е. Бондарева, И.И. Данилова, М.И. Платонова, Н.Н. Слепцов, М.С. Собакин, М.П. Нутчина, Р.С. Аржакова уо.д.а. кэллэктиип тэриллэригэр күүс-көмө буолан, Ытык Күөл аҕам саастаахтарын хорун кэллэктиибэ тэриллибитэ. Эрдэттэн үлэлии сылдьар М.Д. Матаннанова сөбүлэһэн, хуорга дирижердаан, иккиэн үлэни саҕалаабыппыт. Бу сыл усталаах-туоратыгар хор кэллэктиибэ улууска, нэһилиэккэ, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас таһымнаах куонкурустарга, бэстибээллэргэ, көрүүлэргэ барытыгар ситиһиилээхтик кыттан, үгүс тэрээһини киэргэтэн кэллэ. Аҥардас ырыанан эрэ буолбакка кэллэктиип нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор, үлэтигэр көхтөөхтүк кыттар. Хор кэллэктиибэ таһаарыылаахтык үлэлииригэр «Алгыс» саха балаҕана күүспүтүгэр күүс, санаабытыгар санаа эбэн, нэһилиэкпит, улууспут салайааччылара М.А. Протодьяконов, М.М. Соров, Е.И. Павлов, култуура эйгэтин салайааччыта Н.А. Неустроева, А.П. Лопатин, Г.Г. Вырдылин өйдөөннөр, өйөөннөр кэллэктиип үлэтэ улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэн, үтүө холобурга сылдьар. Бу барыта бүтүн кэллэктиип үлэтинэн буолар.

Хайа да нэһилиэккэ, улууска хуор таһаарыылаахтык үлэлиир буоллаҕына, онно уус-уран самодеятельность үлэтэ көдьүүстээх буолар. Онтон сиэттэрэн, дьон-сэргэ култуурата үрдүүр, нэһилиэк, улуус сайдыытыгар улахан сабыдыаллаах буолар.

Ол курдук улахан кэллэктиип бэйэтин ылбаҕай ырыатынан, күүстээх үлэтинэн, дойдуга бэриниилээх сыһыанынан, үлэни үрдүктүк тутарынан кэнэҕэски кэлэр ыччакка үтүө холобур буолар. Хор кэллэктиибэ Таатта инники сайдыытын түстэһэн, үгүс тэрээһиннэргэ күүс-көмө буола турар.

Хор салайааччыта К.И. Христофоров, СӨ үтүөлээх үлэһитэ,

СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Читайте дальше