Уус Тааттаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи хотугу многоборье түмүктүүр күрэҕэ күрэҕэ
2024 сыл кулун турар 3 күнүгэр Таатта улууһугар Н.Д.Неустроев аатынан УусТаатта орто оскуолатыгар «Спортивные Якутяне-2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиада оҕолорго биирдиилээн уонна хамаанданан Хотугу многоборьеҕа бастыыр иһин күрэхтэһии түмүктэннэ.
Кулун тутар 2 күнүгэр аркааны таба быраҕыы, бүгүн наартаны ойуу уонна биирдиилээн, уопсай хамаанданан күрэхтэһии түмүктэрин үөрүүлээх быһыыга иһиттибит. Таатта улууһун муниципальнай тэриллии салалтата уонна успуорка кэмитиэтэ кыайыылаах оҕолорго анал бириистэри туруорда. Онтон “Алдан нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин дьаһалтатын аҕа баһылыга Егор Постников Алдан нэһилиэгин бары тэрилтэлэрэ, урбаанньыттара олохтообут бириистэрин Таатта улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын бары чилиэннэригэр туттарда. Хотугу многоборьеҕа 24 Россия уонна 36 Саха сирин успуордун бэлэмнээбит тренер, полиция подполковнига Виктор Акимов анал бирииһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин уонна физическэй култуураҕа, спортка туйгуннара Семен Михайлович Колодезников Муома улууһун бастыҥ спортсменыгар Сева Атласовка биэрдэ, онтон Виктор Акимов иитэн таһаарбыт Арассыыйа уонна Саха сирин успуордун маастардара: 2005 сылга ыытыллыбыт Манчаары оонньууларын хотугу многоборьеҕа абсолютнай кыайыылааҕа, Саха сирин хотугу многоборьеҕа старшай тренерэ Альберт Федорович Иванов, 2009, 2013, 2017 Манчаары оонньууларын хотугу многоборьеҕа абсолютнай кыайыылааҕа, икки төгүллээх призера наартаны ойууга Саха сирин экс рекордсмена Михаил Афанасьевич Тарков, Таатта улууһун үөрэҕин салаатын сүрүннүүр специалиһа Константин Афанасьевич Ширяев анал бириистэрин Таатта улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын тренеригэр Алитет Иванович Кочневка анаатылар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Хотугу многоборьеҕа федерациятын толорооччу директора, 1 категориялаах судьуйа Семен Михайлович Колодезников Чурапчы бастыҥ спорстменнарыгар Күннэй Поповаҕа, Айсан Бомбоевка, Айта Ивановаҕа, Семен Гурьевка анал бириистэри эмиэ олохтоото. Маны таһынан, анал байыаннай дьайыыга сырдык тыына быстыбыт буойун, «Хорсун санаа» уордьан кавалера Владислав Тарабукин аатынан бирииһи хорсун буойун аймахтарын аатыттан бииргэ төрөөбүт убайа, Саха сирин норуотун маастара, анал байыаннай дьайыы бэтэрээнэ Эдуар Эдуардович Тарабукин Үөһээ Бүлүү спортсменыгар Гоша Потаповка, “Азия оҕолоро” спортивнай оонньуу хас да төгүллээх призера, биир дойдулаахпыт Андрей Постников аатынан анал бирииһи балтыта Любовь Петровна Постникова Анаабыр улууһун спортсменыгар Вадим Туприҥҥа, Таатта улууһун саамай кыра саастаах спортсменыгар Алеша Постниковка туттардылар. Таатта улууһун Хотугу многоборье федерациятын аатыттан анал бирииһи Таатта спортсменыгар Валентин Егасовка, Үөһээ Бүлүү спортсменыгар Любовь Михайловаҕа биэрдилэр.
Аркааны таба быраҕыы уопсай түмүгэ:
12-13 саастаах уолаттарга:
Погодаев Евгений, Томпо – 1миэстэ
Иванов Андриан, Уус-Майа – 2 миэстэ
12-13 саастаах кыргыттарга:
Петрова Руслана, Үөһээ Бүлүү – 1 миэстэ
Винокурова Анастасия. Өймөкөөн – 2 миэстэ
14 -15 саастаах уолаттарга:
Егасов Валентин, Таатта – 1 миэстэ
Жирков Виталий, Булун – 2 миэстэ
Гуляев Владимир, Таатта – 3 миэстэ
14 -15 саастаах кыргыттарга:
Алексеева Кира , Үөһээ Бүлүү – 1 миэстэ
Шадрина Надежда, Кэбээйи – 2 миэстэ
Рудых София. Анаабыр – 3 миэстэ
16 – 17 саастаах уолаттарга:
Туприн Вадим, Анаабыр – 1 миэстэ
Качин Виктор, Булун – 2 миэстэ
Портнягин Богдан, Эдьигээн – 3 миэстэ
16 – 17 саастаах кыргыттарга:
Шалагинова Ольга, Нерюнгри – 1 миэстэ
Михайлова Любовь, Үөһээ Бүлүү – 2 миэстэ
Попова Кэрэчээнэ, Анаабыр- 3 миэстэ
Онтон наартаны ойууга 11 саастаах уонна онтон кыра саастаах уолаттарга:
Атласов Всеволод, Муома – 1 миэстэ
Андросов Иван, Томпо – 2 миэстэ
Эверстов Давид, Үөһээ Бүлүү – 3 миэстэ
11 саастаах уонна онтон аллараа саастаах кыргыттарга:
Сафронова Валерия, Булун – 1 миэстэ
Сидоренко Алена, Муома – 2 миэстэ
Садовникова Аяаана, Аллайыаха – 3 миэстэ
12 — 13 саастаах уолаттарга:
Иванов Андриан, Уус-Майа – 1 миэстэ
Николаев Илья, Үөһээ Бүлүү – 2 миэстэ
Оленов Мирон, Горнай – 3 миэстэ
12 — 13саастаах кыргыттарга:
Петрова Руслана, Үөһээ Бүлүү – 1 миэстэ
Константинова Мария, Үөһээ Бүлүү – 2 миэстэ
Мальцева Лариса, Нерюнгри – 3 миэстэ
14 – 15 саастаах уолаттарга:
Андреев Артем, Дьокуускай к. – 1 миэстэ
Ксенофонтов Эдуард, Горнай -2 миэстэ
Кондаков Андрей, Өймөкөөн – 3 миэстэ
14 – 15 саастаах кыргыттарга:
Антонова Диана, Үөһээ Бүлүү- 1 миэстэ
Тарасова Диана, Горнай – 2 миэстэ
Алексеева Кира – Үөһээ Бүлүү, 3 миэстэ
16 – 17 саастаах уолаттарга:
Туприн Вадим, Анаабыр -1 миэстэ
Михайлов Алгыс, Горнай – 2 миэстэ
Николаев Евгений, Үөһээ Бүлүү – 3 миэстэ
16 – 17саастаах кыргыттарга:
Чорду Алена, Чурапчы – 1 миэстэ
Рожина Валерия, Нерюнгри – 2 миэстэ
Михайлова Любовь, Үөһээ Бүлүү – 3 миэстэ буоллулар.
Хотугу многоборьеҕа абсолютнай кыайыылаахтарынан ааттаннылар:
11 саастаах уонна онтон кыра саастаах уолаттарга:
Атласов Всеволод, Муома – 1 миэстэ
Андросов Иван, Томпо – 2 миэстэ
Стручков Павел, Үөһээ Дьааҥы – 3 миэстэ
11 саастаах уонна онтон кыра саастаах кыргыттарга:
Лисовенко София, Ньурба – 1 миэстэ
Сидоренко Алена, муома – 2 миэстэ
Томская Анэля – 3 миэстэ
12 – 13 саастаах уолаттарга:
Иванов Андриан, Уус Майа — 1 миэстэ
Матвеев Эрсан. Чурапчы – 2 миэстэ
Попов Валериан, Анаабыр – 3 миэстэ
12 – 13 саастаахкыргыттарга:
Петрова Руслана. Үөһээ Бүлүү – 1 миэстэ
Мальцева Лариса, Нерюнгри – 2 миэстэ
Гуринова Лилия, Сунтаар – 3 миэстэ
14 – 15 саастаах уолаттарга:
Никитин Матвей, Кэбээйи – 1 миэстэ
Гуляев Владимир, Таатта – 2 миэстэ
Ксенофонтов Эдуард, Горнай – 3 миэстэ
14 – 15 саастаахкыргыттарга:
Шадрина Надежда, Кэбээйи – 1 миэстэ
Алексеева Кира, Үөһээ Бүлүү – 2 миэстэ
Рудых София, Анаабыр – 3 миэстэ
16 – 17 саастаахуолаттарга:
Туприн Вадим. Анаабыр – 1 миэстэ
Потапов Егор, Үөһээ Бүлүү – 2 миэстэ
Слепцов Артемий, Чурапчы – 3 миэстэ
16 – 17 саастаахкыргыттарга:
Михайлова Любовь, Үөһээ Бүлүү – 1 миэстэ
Рожина Валерия, Нерюнгри – 2 миэстэ
Шалагинова Ольга, Нерюнгри – 3 миэстэ.
Хамаанданан бастыыр иһин «Спортивные Якутяне» үөрэнээччилэр спортивнай спартакиадаларыгар уопсай түмүккэ 1 миэстэҕэ – Анаабыр, 2 миэстэҕэ – Үөһээ Бүлүү, 3 миэстэҕэ – Чурапчы, онтон Саха Өрөспүүбүлүкэтин Первенствотыгар 1 миэстэҕэ – Үөһээ Бүлүү, 2 миэстэҕэ – Анаабыр, 3 миэстэ – Горнай улуустара ааттаннылар.
Хотугу многоборье күрэһин кыайыылаахтара.
Руслана Петрова, Үөһээ Бүлүү. Юрий Прокопьев аатынан Үөдүгэй орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ: “Бу күрэхтэһиигэ мин үчүгэйдик кытынным, бары көрүҥҥэ миэстэлэстим. Ол курдук ыстаныыга-2 миэстэ, сүүрүүгэ, сүгэни, аркааны быраҕыыга, наартаны ойууга барытыгар 1 миэстэни ыллым. Наартаны 319-та ыстанным, өссө да ыстаныахпын, наартабыт таарыйдым. Аркааны иккитэ таба бырахтым, дьиҥэр, дьарыкпар 6,8, 15 табар этим. Кыра эрдэхпиттэн сүүрэбин, севернай многоборьенан 5 кылаастан күн ахсын сөбүлээн дьарыктанабын.”
Анэля Томская, Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ: «Мин Хотугу многоборьенана иккис сылбын дьарыктанабын. Тренерим Сааскылаана Ивановна Кылтасова. Быйыл саҥа кытынным, төхтөрүйэн ыстаныыга 2 миэстэ, сүүрүүгэ 1 миэстэ буоллум. Үс оҕолоох ыал улахан оҕотобун. Аҕам спордунан дьарыктанар.Үөрэхпэр туйгуммун. Кылааһым салайааччыта Туприна Раиса Федотовна. Кини төрөөбүт дойдутугар — Уус Тааттаҕа кэлэн кытта сылдьарбыттан үөрэбин, учууталым төрөппүт кыра уола Вадим Туприн эмиэ олус үчүгэйдик күрэхтэһэн миэстэлэстэ. Учууталым бииргэ үөрэммит дьүөгэлэрэ бу оскуолаҕа учууталлар эбит. Манна кэлэн 5-с кылаас үөрэнээччилэрин кытта билистим. Кылааһым олоҕуттан слайд-презентация кэпсээтим уонна кылааспыт аатыттан бэйэбит оҥорбут таба сувенирбытын туттардым, оттон кинилэр биһиги кылааспытыгар Таатта талаҕыттан оҥорбут уруучукаларын өйдөбүнньүк бэлэх ууннулар.»
София Рудых,Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ:“Мин сүгэни ырааҕы быраҕыыга 2 миэстэ, аркааҥҥа 3 миэстэ буоллум. Хамаанданан үчүгэйдик кытта сылдьабыт, үс бастыҥ миэстэ иһигэр киирбит киһи диэн баҕа санаалаахпыт. Бу күрэхтэһии кэнниттэн, аны Дьокуускайга “Тугутчаан” күрэхтэһиигэ түргэн наартаны ыстаныыга кыттабыт.”
Ирена Попова,Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа орто оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ:“Мин төхтөрүйэн ыстаныыга 3 миэстэ буоллум. Биһиэхэ сылын ахсын таба бырааһынньыга ыытыллар, онно аркааны таба быраҕыыга күрэхтэһээччибит. Биһиэхэ оскуолаҕа хотугу многоборьеҕа күрэхтэһиигэ баҕалаах оҕо бары кыттар.”
Володя Гуляев, Таатта улууһун Уус Таатта орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ аркааны ырааҕы быраҕыыга 3 миэстэни ылла. Уопсай суумманан өрөспүүбүлүкэҕэ 2 миэстэни ылары ситистэ.
Валентин Егасов,Таатта улууһун Уус Таатта орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ аркааны ырааҕы быраҕыыга бочуоттаах 1 миэстэ буолла.
Платон Павлов, Өлөөн улууһун Дьилиҥдэ орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ. “Хотугу многоборьенан саҥа дьарыктанабын. Волейбол, футбол оонньуурбун сөбүлүүбүн. Чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр кыттыбытым, сүүрүүнэн уонна үстэ төхтөрүйэн ыстаныыга миэстэлэспитим. Тренерим Александр Петрович Кучаров. Үөрэхпэр үчүгэйбин. Кылааспар спортивнай сектор диэн дуоһунастаахпын. Маны таһынан, оскуолабытыгар “Долбор” диэн үҥкүү ансаамбылыгар сөбүлээн дьарыктанабын.”
Вадим Туприн, Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа хамаандатын спорсмена: “ Мин Хотугу многоборьенана сэттис сылбын дьарыктанабын. Билигин Нерюнгри Арктика оскуолатыгар 10 кылааска үөрэнэбин. Ыстаныыга 3 миэстэ, аркааҥҥа, наартаҕа бастаатым. Уопсай биирдиилээн күрэхтэһии түмүгэр бастакы миэстэ буоллум. Анаабыр улууһа хамаанданан бастааммыт, кыайан-хотон, үөрүүбүт улахан.”
Уус Таатта орто оскуолатын медиа киинэ