Бүгүҥҥү Саҥа Дьылынан эҕэрдэбитин “Кырдьаҕастан – сүбэтин, эдэртэн-эйэтин” бырайыакпыт дьоруойа Баайаҕаттан төрүттээх үлэ, тыыл бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото Христофорова Александра Алексеевна ыытар. Кини сааһа 90.
11 оҕолоох Дьоруой Ийэ, элбэх сиэнинэн, хос сиэннэринэн иилэнэн олорор дьоллоох Эбэ.
Таатта улууһун, Баайаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, улуустааҕы “Холумтан сылааһа” дьиэ кэргэн күрэхтэһиитин кыттыылааҕа.