Улуустааҕы үөрэҕирии салалтатын начальнигын эбээһинэһин толорооччу З.П. Охлопкова салайааччылаах хамыыһыйа кэлэн оскуола саҥа администрациятын үлэтигэр көмө оҥорон бардылар.
Хамыыһыйа үлэтин түмүгэр педколлективы кытта көрсүстэ.
Салайааччы Зинаида Петровна Охлопкова: «Оҕо саада аварийнай туруктааҕынан өрөмүөн кыайан оҥоһуллубатынан докумуонун оҥорторууга үлэ ыытарга диэн этилиннэ. 2025 сылга балаҕан ыйын 1 күнүгэр детсад сабыллар. Ол иһин нэһилиэк баһылыга бу боппуруоска суолта ууран нэһилиэк администрациятын дьиэтин уонна үс квартиралаах дьиэни детсадка туран биэрэр үлэтин документация өттө саҕаланыахтаах. Бырайыак оҥоһуллан детсадка өрөмүөн үлэтэ ыытыллыахтаах. «Дорожнай карта» оҥоһуллуохтаах. Детсад дьиэтэ сабыллыахтаах. Төрөппүттэр көмөлөһүөхтээхтэр бу боппуруоска. Оҕо атын дьиэҕэ сылдьар усулуобуйатын тэрийиэхтээххит.Оскуола дьиэтэ-уота суох хаалбытыгар оччотооҕу баһылыкка Р.А. Захаров махтанабын, баар балаһыанньаҕа үчүгэйдик үлэлээбитэ.
Иккис сыалбыт үөрэх. Үөрэх өттүн көрдүбүт, федеральнай программа туолуутун бэрэбиэркэлээтибит. Медиапрограммаҕа учууталлардааҕар төрөппүттэр быдан үчүгэйдик олороллор. Дистанционнай үөрэхтэн астымматтар. Оҕо оскуолаҕа аһыырыттан астыналлар. Дистанционнай үөрэххэ уруок чааһа расписаниенан буолуохтаах. Завуч С.С. Дягилева барытын докумуоннарын укта сылдьар эбит. Музыка предметин көрдүм. Солбуллуутун. Чаас оҕоҕо толору тиийиэхтээх. Учуутал ыалдьан уруогун биэрбэтэх буоллаҕына, атын учууталынан уруога, дьарыга солбуллуохтаах. Припискэ диэҥҥэ болҕомтоҕутун ууруҥ. Федеральнай адаптированнай программаны көрдүм. Алта оҕолооххут. ФГОС ОВЗ оҕоҕутугар болҕомтону ууруҥ. Универсальнай профильга үөрэнэр да буоллаҕына талар предметтээх. 9 кылаас кэнниттэн барар буоллаҕына коррекционнай оскуолаҕа салгыы барарыгар үлэ барыахтаах. Үлэҕитигэр сүбэлээтим. Рейтиҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 42 миэстэҕэ сылдьаҕыт. 67 миэстэттэн «өрө тахсыыны» оҥордугут. Коллективка билигин 30 миэстэ иһигэр киириигэ үлэ барыахтаах».
Анастасия Ивановна Ефимова: «Мин правовой өттүнэн эппиэтинэстээх буоламмын оскуола докумуоннарын, учууталлар квалификационнай өттүнэн төһө сөп түбэһэллэрин, локальнай- правовой докумуоннары көрдүм. Улахан итэҕэһи көрбөтүм. Вакансия аһыллыбата биһигини үөрдэр. Икки учуутал подъёмнай ылла. Үс сыл ханна да барбакка -кэлбэккэ бу оскуолаҕа үлэлиэхтээхтэр. Стратегическэй сыал диэн нэһилиэккэ баар буолуохтаах. Эдэр кадырдарга былааннаах үлэ ыытыллыахтаах. Эдэр специалист барбатын курдук. Нормативнай докумуоннары көрдүм. Эргэ докумуоннары саҥардыахха наада. Трудовой договорга, араас сурунаалларга болҕомтону ууруҥ. Рособр оскуола сайтын бэрэбиэркэлээбитэ. Учууталлар докумуону толоруулара аччаан, үөрэхтээһиҥҥэ эрэ болҕомто ууруохтаах. Ол иһин ити опрос ыытыллар. Дягилева С.С. бу боппуруоска эһиги оскуолаҕытыттан үлэлэһэр. Должностной инструкцияҕа документация толоруута диэҥҥэ уларытыы киллэриэхтээххит».
Туйаара Юрьевна Егорова: «Иитии үлэтигэр оскуола программатын көрдүм. Игидэй оскуолата иитии үлэтигэр улууска бастакы кэккэҕэ сылдьар. Кылаас салайааччытын докумуоннарын ыламмын көрдүм. Оҕолор ситиһиилэриттэн саҕалаан барыта саҥардыллан докумуоннар тиһиллэн иһиэхтээхтэр. Оҕо аһылыгар болҕомто уурабыт. Норматив толоруллуохтаах. Эһиэхэ үлэ барар эбит. СВО оҕолоругар, аймах оҕолоругар эмиэ болҕомто ууруллар. Ону көрөөрү. «Штаб воспитательной работы» көрдүм. Иитии үлэҕэ төрөппүт комитетыгар тиийэ бары бииргэ үлэлэһиэхтээххит. Төрөппүт оскуолаҕа ыытыллар үлэлэргэ көрөөччү курдук сылдьыа суохтаахтар. Тэбис тэҥҥэ оскуола олоҕор кыттыһыахтаахтар. Лааҕыр үлэтин көрдүм, тех контроль көрдүм. ОВЗлаах оҕолорго сухой паек боппуруоһа турда. Дистанционна бириэмэҕэ сухой паек бэриллиэхтээх. Инвалид, ОВЗлаах оҕолорго. Ыалдьан олорор буоллаҕына, эмтэнии кэмигэр сылдьар буоллаҕына ону ылбат. Төрөппүт бэйэтэ тиийэн ылбат, оскуола аҕалан биэрэр, түҥэтэр. Менюну көрдүм. Сайт үс күннээҕи угуллуохтаах. Календарь питание эмиэ сайтка тахсыахтаах. Роспотребнадзор ирдэбилэ тутуһуллуохтаах. Советник директора үлэтин көрдүм. Лааҕырга 25 оҕо турар. Быйыл «Сындыыс» үлэлиэхтээх. Приоритетнай хайысхатын уларытар буоллаххытына реестртан саҕалаан барыта уларыйар. Үлэҕит ыытыллар эрдэтинэ. Кылаас салайааччыта оҕо аһылыгын көрүөхтээх».
Көрсүһүү кэмигэр боппуруоска эппиэттээтилэр. Түмүккэ оҕо туһугар үлэҕэ ситиһиилэри баҕардылар.
Гизелла Софроновна Попова, педагог-библиотекарь.