Балаҕан ыйын 2 күнүгэр, бэнидиэнньик күн, оскуолабыт барахсан оҕо чуопчаарар саҥатынан күйгүөрэ түстэ. Көмүс күһүммүт тиийэн кэлэн, оскуолабыт аанын үөрэнээччилэргэ тэлийэ аста.

Быйылгы Билии күнэ иккис чыыһылаттан саҕаламмыта эмиэ да ураты, эмиэ да үгэскэ кубулуйбут сайыҥҥы сынньалаҥ кэнниттэн үлэбит, үөрэхпит саҕаланна. Быйыл Игидэй орто оскуолатыгар 12 кырачаан оҕолор төрөппүттэригэр сиэттэрэн кэлэн оскуола боруогун атылаатылар.

Кырачааннары оскуола администрацията, олохтоох дьаһалта уонна Ил Түмэн депутата, Виктор Лебедев олохтообут бэлэхтэрэ үөртэ, санааларын көтөхтө. Кырачааннар оскуолаҕа киирбит үөрүүлэриттэн ырыа бэлэх ууннулар, бүгүн болҕомто киинигэр сырыттылар.

Быйылгы 11 кылаастар, дьоһуннук туттан, эппиэтинэс ылынан параадтаан киирдилэр. 11-с кылаас оҕолорун аатыттан бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн Баннов Олег эҕэрдэтин тиэртэ. Оҕолорбут бу эппиэтинэстээх сылларын этэҥҥэ түмүктээн, ситии-хотуу аттестатын илиилэригэр тутан, сөбүлүүр идэлэрин баһылыахтара диэн эрэнэбит. 4 уонна 9 кылаастарбыт тургутуктарын этэҥҥэ туттаран салгыы үөрэнэллэригэр баҕарабыт.

Быйылгы Билии күнүн олус сэргэхтик, өрө көтөҕүллэн көрүстүбүт. Билии күнүн «Чуораанын» маҥнайгы кылаас боруогун атылаабыт Бурмистров Вадим уонна оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ Захарова Алина (11 кылаас) тыаһатар чиэскэ тигистилэр.

Үөрүүлээх линейканы иилээн-саҕалаан ыытта Ермолаева Мария Павловна нуучча тылын, литературатын учуутала. «Үөрэх баар-бараммат баай».

Варвара Ефимова.

Читайте дальше