Репрессия дьалхааннаах кэмэ дойду үрдүнэн үгүс киһи олоҕун огдолуппута, оспот бааһы хаалларан, дууһатын аймаабыта, дьылҕатын быспыта. Оччотооҕу кэм ыар тыынын содула киһи-аймах өйүгэр-санаатыгар сүппэттик иҥмитэ, умнуллубаттык хатаммыта. Инникитин ааспыт кэм хартыыната хатыламматын туһугар, биһиги ортобутугар буруйа суох буруйдаммыттары кэриэстээн, ытык иэс быһыытынан сырдык ааттарын тилиннэрэр, кэскиллээҕи үйэтитэр дьоһун дьонноохпут.
Игидэй нэһилиэгэр политическай репрессия ыар охсуутун туһунан ааспыт кэм хартыынатын А.П. Варламова аатынан түмэл сотруднига Татьяна Маркова сырдатта: «Игидэй нэһилиэгэр репрессия ыар охсуута 1922 с. Роман Иванович Оросин «Оруоһун саагабарыттан» саҕаламмытыгар 20 сааһыттан саҥа тахсыбыт уол суорума суолламмыта. Ол кэнниттэн, 1938 с. репрессия иккис тыына сүрүннээн, Таатта улууһун эрэ таарыйбыта. Манна үөрэх норкуома, аптаныамыйаны төрүттэспит Алексей Бояров баара суоҕа 42 сааһыгар Эһэ Хайа лааҕырыгар сырдык тыына быстыбыта. Бу сыл Иннокентий Иванович Лопатин, Николай Романович Лопатин, Фекла Ивановна Мурунова – Лопатина уонна Афанасий Варламов репрессияҕа түбэһэн, хаайыыга баран, сору-муҥу көрөн кэлбиттэрэ. Сэрии сылларыгар сымыйа балыырынан холкуос бэрэссэдээтэллэрэ, суоччуттар репрессияламмыттара. Ол курдук, Игидэй нэһилиэгиттэр уопсайа 21 киһи репрессияламмыт испииһэгин Гизелла Софроновна биир дойдулаахпыт Алексей Бояров туһунан иккис кинигэтигэр киллэрбитэ».
Таатта улууһугар култуура эйгэтигэр дьоһун хамсааһыны киллэрбит маастар-педагог Афанасий Лопатин 2010 сыллаахха, Халымаҕа тутууга үлэлии сылдьан, Зырянкатааҕы үлэнэн көннөрүү лааҕырын илэ хараҕынан көрөн, биир дойдулаахтара репрессия ыар тыыныгар ылларбыт дьалхааннаах кэмнэрин кэнчээри ыччакка тиэрдэр баҕа санаалааҕа.
Игидэй нэһилиэгэ төрүттэммитэ 385 сылынан РФ норуотун үөрэҕириитин уонна СӨ үөрэҕириитин, култууратын туйгуна, норуот маастара Афанасий Петрович Лопатин көҕүлээһининэн репрессия ыар содулуттан олохторо огдолуйбут, дьылҕалара быстыбыт 21 биир дойдулаахтарын сырдык ааттарын тилиннэрэр «Уорааннаах кэм уорҕатыгар» диэн дириҥ суолталаах өйдөбүнньүк монумент Бырыылаах алааһыгар үрдүк тэрээһиннээхтик аһылынна. Ытык бэлиэ аһыллыытын Игидэйдээҕи норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Мария Ермолаева иилээн-саҕалаан ыытта.
Ааспыт кэм хартыынатын дьэҥкэтик ойуулаан көрдөрөр ытык бэлиэ хас биирдии дэтээлэ киэҥ, дириҥ суолтатынан үгүһү сэһэргиир, элбэҕи кэпсиир үрдүк аналлаах. Хатыылаах боробулуоха нөҥүө көҥүлгэ тардыспыт үс илии Бырыылаах алааһыгар олорбут, репрессия сиэртибэлэринэн буолбут хаан-уруу дьон «Сардаҥа» холкуос бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Иванович Лопатин (1900-1938 сс.), Учур (Алдан) райисполком бэрэссэдээтэлэ Николай Романович Лопатин (1910-1938 сс.), Игидэй нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Фекла Ивановна Мурунова – Лопатина (1915-1976 сс.) ыар дьылҕаларын бэлиэтиир.
Күөх халлааҥҥа кыырайа көппүт тоҕус туруйа Игидэй нэһилиэгиттэн репрессия содулуттан суорума суолламмыт биир дойдулаахтарбыт туолбатах ыра санааларын, ситэ олорботох олохторун кэрэһэлииргэ дылы… сэргэ — төрөөбүт алаастан букатыннаахтык арахсыы… саҥа үүнэн эрэр хахыйах — репрессия ыар содулугар оҕустарбыт үтүө дьоммут олохторун салгыы сыдьааннара утумнуулларын… түүнүктээх хаайыы халҕана… куолакал тыаһа… хас биирдии ыалдьыкка ураты иэйиини тиэрдэр, дириҥ санааны хаалларар…
Бу күн уустук кэмҥэ олорон ааспыт көлүөнэ дьон уонна бүгүҥҥү кэм тыыннаах туоһулара — кинилэр сыдьааннара, өбүгэлэрэ олорбут алаастарыгар, ыанньыйбыт ыра санааларын толорон, Ытык иэстэрин толорбут сүдү бэлиэлэринэн буолла.
Арассыыйаҕа политическай репрессия сиэртибэлэригэр аналлаах өйдөбүнньүк күн монумент аһыллыытыгар аалай кыһыл лиэнтэни көмүс дуйдаах кыптыыйынан быһар чиэс сымыйа буруйдааһын содулуттан суорума суолламмыт Николай Романович Лопатин төрөппүт кыыһыгар Дунья Николаевна Андросоваҕа, улуус дьокутааттарын Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Петр Петрович Максимовка, монумент ааптара Афанасий Петрович Лопатиҥҥа сүктэрилиннэ.
«Игидэй нэһилиэгэ» МТ баһылыгын солбуйааччы Вероника Дъяконова дириҥ суолталаах монумены оҥорбут, үйэтитиигэ сүҥкэн кылааты киллэрбит маастар-педагог Афанасий Лопатиҥҥа Игидэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо анал ааты иҥэрдэ.
Ытык бэлиэ спонсордарыгар, Фекла Ивановна Мурунова — Лопатина кыргыттарыгар, Бүлүүтээҕи сибээс үлэтин бэтэрээнэ Татьяна Николаевна Васильеваҕа, Өлүөхүмэ улууһуттан педагогическай үлэ бэтэрээнэ Анна Иннокентьевна Ордаховаҕа, Илья Поповка, өйөбүл, күүс-көмө буолбут «Тааттыныскай нэһилиэк» баһылыга Егор Павловка, Николай Поповка, Алексей Марковка, «Тааттадальнобой» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Никифор Кутугутовка махтал суруктар туттарылыннылар.
Умнуллубат күн улуус дьокутааттарын Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Петр Максимов: «Ааспыт история туоһутунан буолар монумены туруорбут Афанасий Лопатиҥҥа махтаныах тустаахпыт», — диэн ааспыт кэм кэрдииһигэр оччотооҕу былаас күөмчүлээһинэ улахан охсууну аҕалбытын сырдатан, эҕэрдэ истиҥин анаата.
Бырыылаах алааһыттан төрүттээх Фекла Мурунова – Лопатина төрөппүт кыргыттара, Өлүөхүмэҕэ олорор Анна Ордахова ийэтин уонна таайдарын сырдык ааттарын үйэтиппит бырааттарыгар Афанасий Петровичка истиҥ махталын биллэрдэ. Бүлүүттэн кэлбит Татьяна Васильева ийэлэрэ 7 оҕону төрөтөн, билигин 22 сиэн эйэҕэс эбэтэ буолан олорорун билиһиннэрэн, бииргэ төрөөбүттэр ааттарыттан Игидэй нэһилиэгин баһылыгар, Сэбиэт бэтэрээннэригэр, Афанасий Петровичка махтал суруктары туттарда.
Николай Романович Лопатин кыыһа, репрессия сылын оҕото, норуокка киэҥник биллэринэн Эбээ Дунья аҕатын туһунан сырдык өйдөбүлү тиэрдэр, сиэнэ Татьяна Товарова Учур сириттэн аҕалбыт икки тааһын хараҕын харатын курдук харыстаан, үйэлээх өйдөбүнньүккэ уурар түгэнэ тэрээһин биир долгутуулаах чааһынан буолла.
- Тыыннаахпар тиийдим. Аҕаа, өйдүүбүн тиһэх суруккун… ийэм эппитэ… Оҕолоргун кимиэхэ да биэримэ. Таатталарыгар олордуннар, ааппын ааттатыахтара…» — диэт, икки тааһы тыллан эрэр хахыйах аттыгар уурбута ураты көстүүнү бэлэхтээтэ.
Билигин 5 оҕо күн күбэй ийэтэ, 18 сиэн, 32 хос сиэн эйэҕэс эбэтэ Дунья Николаевна Андросова: «Мин баайым оҕолорум, сиэннэрим, кэннибэр хаалар ыччаттарым», — диэн этэн туран, быраата Афанасий Лопатиҥҥа, Игидэй нэһилиэгин олохтоохторугар эйэлээх, түмсүүлээх буоларга үтүө санаа бастыҥын анаата, барҕа махталын тиэртэ.
Эбээ Дунья: «Мин аҕам сымыйа балыырга түбэспит кэмигэр ийэм сүрэҕин анныгар сылдьан 6 ыйдаахпар хаайыыга сыппыппыт. Онтон ийэм хаайыыттан тахсан, дойдутун булан, сүрдээх иринньэх оҕону төрөппүтэ. Баҕар киһи буолуо, баҕар киһи буолуо суоҕа диэн миигин балаҕаҥҥа, оһох кэннигэр сытыарбыттара үһү. Киһилэрэ этэҥҥэ киһи буолан таҕыстым. Бииргэ төрөөбүт төрдүө этибит. Онтон иккитэ орто дойдуттан барбыта. Билигин убайым Нерюнгри куоракка олорор, 88 сааһа, кыайан кэлбэтэ. 1964 сыллаахха редакцияҕа үлэлии сылдьан, кэллэктииппин кытта аҕам көмүс уҥуоҕа хаалбыт сиригэр тиийэ сылдьыбытым. Онно биир киһи: «Аҕаҥ уҥуоҕун булбаккын, бары ол хайа анныгар сытаахтыыллар», — диэбитэ. Мин аҕам аатын сымыйа буруйдааһынтан ыраастаан, үүнэр ыччаттарбар үтүө аатын хааллараары 7 сыл устатын тухары архыыбы хасыһан, докумуоннары хомуйан, тилиннэрбитим», — диэн тэрээһин иннинэ иһирэхтик сырдаппыта.
Чөркөөхтөөҕү кыраайы үөрэтэр түмэл сэбиэдиссэйэ, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Николай Попов: «Бу түгэн репрессия дьалхаана хаарыйбыт хаан-уруу аймахтарга олус долгутуулаах күнүнэн буолар. Таатта улууһуттан Тыараһаттан, Октябрьскай, Дьүлэй, Игидэй нэһилиэктэригэр тиийэ үгүс киһи репрессияланан, улуус, нэһилиэк чулуулара репрессия сиэртибэлэринэн буолан, суорума суолламмыттара. Маннык үрдүк таһымнаах репрессия тиэмэтигэр өйдөбүнньүк бэлиэ суох. Эдэр сааһын бүтүннүү норуотугар анаабыт, үйэтин тухары кэскиллээҕи олоххо киллэрэн кэлбит Афанасий Лопатин, аҥардас бу сүдү үлэтин иһин, үрдүк сыанабылга туруохтаах. Дьон-сэргэ бэлиэтииринэн, үрдүк сыанабылы ыла илик. Үчүгэй иэйиилээх дьон өйөнүллүөхтээҕин улуус үрдүкү салалтата баарына иһитиннэрэбин. Ол курдук үтүө дьыала салҕанан, Игидэй нэһилиэгэр Лопатиннар олорон ааспыт балаҕаннарын сөргүтэн, түмэл тэриллэригэр баҕарабын. Уонна кыраайы үөрэтээччилэр кырдьаҕас көлүөнэлэрин ааттарыттан Афанасий Лопатиҥҥа барҕа махталбын тиэрдэбин!» — диэн этэр тылын түмүктээтэ.
Монумент аһыллыытын долгутуулаах чааһыгар Чөркөөхтөөҕү түмэл сэбиэдиссэйин эбээһинэһин толорооччу Михаил Протодъяконов: «Биир дойдулаахпыт Афанасий Лопатин репрессия сырдык ааттарын киртиппит, суорума суоллаабыт, олохторун быспыт быһыы хатыламматын туһугар олоххо киллэрбит идиэйэтэ Саха сирэ, киэҥ Арассыыйа баттаммыт-атаҕастаммыт дьонугар умнуллубат суолталаах үрдүк бэлиэнэн буолар. Таатталар репрессияттан улахан охсууну ылбыт, норуоттарын сирдээбит, сырдаппыт, омуктарын өрө тарпыт чулуу дьоннорбут сырдык ааттарын сымыйа балыырга түбэһиннэрэн, улууһунан буруйдаммыт ыар кэмнэр ааспыттара. Историяны көрдөххө, Дмитрий Васильевич Кустуров «Репрессия ыар тыына» суруйуутугар балыырга буруйдаммыт Таатталары дьон өйүттэн-санаатыттан умуннара сатаабыттара. Саҥа үйэҕэ кэлэн, үтүө дьоммут аата төннөн, маннык монумены туруорбут Афанасий Лопатин, эдэр эрдэҕиттэн, Николай Попов эппитин курдук, ыччаты сахалыы тыыҥҥа иитии-үөрэтии киинин арыйан үлэлэппитэ. Биһиги норуоппут омук быһыытынан үтүө үгэспитин, чөл туруктаах, бигэ тирэхтээх төрөөбүт тылбытын хаалларарга улахан үлэни ыыппыта. Маннык үлэ аныгы үйэҕэ кэҥиэхтээх, чиҥиэхтээх, норуоппут уратытын умнубакка, үтүө-мааны дьоммут ааттара-суоллара тиллэрин, кырдьык кыайа турарын туһугар үлэлэһиэхтээхпит. Монумены харыстанар пааматынньыктар реестрдарын ахсааныгар киллэрэн, уһаппакка-кэҥэппэккэ көрөр-истэр дьону анаан, ыраастык тутан, харыстыахтаахпыт, ытык-мааны дьоннорбутун ахтан-санаан ааһыахтаахпыт. Көрүөххэйиҥ, харыстыаххайыҥ, үйэтитиэххэйиҥ!» — диэн истиҥ эҕэрдэтин эттэ.
Улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Попова: «Инникитин ыар охсуулаах репрессия алдьархайа хаһан даҕаны хатыламматын, умнуллубатын туһугар оҥоһуллубут монумены Афанасий Петрович баҕа санаатынан олоххо киллэрдэ. Кини хаан–уруу дьонун үйэтитиитигэр биир дойдулаахтара ааттара ааттанан, ол иһигэр Былатыан Ойуунускайы кытары үс күн быысаһан ытыллыбыт үгүс сыдьааннардаах Алексей Бояров, 32 хос сиэннээх Дунья Андросова өтөх төҥүргэстээх, сурт кэриэстээх дииллэринии ааттара ааттанна», — диэн туран үтүө дьоннорбутун кэриэстиир, кэрэ оҥоһуулары оҥоро турарыгар баҕарда.
Илгэлээх Игидэй сиригэр репрессия сиэртибэлэригэр анаммыт монумент аһыллыыта тыыннаах сибэкки дьорбөтүн ууруунан уонна кэриэстэбил быһыытынан биир мүнүүтэ иһийэн туруунан түмүктэннэ.
Историяны сырдатар үйэтитиигэ үлэ дьон-сэргэ үрдүктүк сыанабылын ылан, норуот өйүн-санаатын түмэр, сомоҕолуур күүһүнэн буолуоҕа.
Төһө да кэм кэрдии ааспытын иһин, олоҕо суох буруйдаммыт биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын ырааһырдар кырдьыктаах суолу норуот тилиннэрэрэ хайҕаллаах.
Мария Павлова.
Умнуллубат түгэн тэрээһиниттэн