Ийэ күнүгэр аналлаах Ток-шоу

«Сарыал» култуура киинигэр Ийэ күнүгэр аналлаах нэдиэлэ биир сэргэх тэрээһининэн алтынньы 17 күнүгэр ыытыллыбыт нэһилиэк түмсүүлэрин икки ардыларыгар ТОК-ШОУ буолла.

Барыта 8 түмсүү күөн көрүстэ: аҕам саастаахтар хордара, «Удьурҕай-Таатта» этно-бөлөх, «Алдаана» ырыа-үҥкүү, «Туналыына», «Ситим» үҥкүү бөлөхтөрө, коллекционердар, фитнес, эдэр ийэлэр кулууптара. Биэс түһүмэхтээх тургутуктартан турар оонньуу бэрт сэргэхтик ааста. Түһүмэх аайы түмүк тахсан, сөптөөх эппиэт этиллэн, кыттааччы да, көрөөччү да билиилэрин тута тургутунан көрдө.


Эриэ-дэхси көрдөрүүлээх тыҥааһыннаах оонньуу түмүгүнэн фитнес кулуубун Ийэлэрэ бастакы, «Туналыына» үҥкүү бөлөҕүн кэрэчээн үҥкүүһүттэрэ иккис, аҕам саастаахтар хордарын хамаандата үһүс миэстэни ыллылар. Бары кыттыбыт түмсүүлэргэ тэрийээччилэр ааттарыттан махтанабыт, олоххо ийэлии истиҥ сыһыаны, айар-тутар дьоҕуру, кэрэни, сырдыгы баҕарабыт.

Мотрена Сунхалырова.