Ийэ тыл кэскилэ барыбытыттан тутулуктаах

Иитиллибит Ийэ тылбытын иҥэринэн, сыллата үгэскэ кубулуйбут тэрээһиннэринэн эрэ муҥурдаммакка, күннэтэ сахалыы саҥара-иҥэрэ сылдьар дьон ахсаана үксүүрэ хас биирдии киһиттэн тутулуктаах.

«ААҔАР ТААТТА» БЫРАЙЫАК

Быйыл улуус үрдүнэн «Ааҕар Таатта» бырайыак сүнньүнэн олохтоох ааптардары таһынан, Тааттаттан тахсыбыт биллэр-көстөр үбүлүөйдээх суруйааччылар айымньыларын аахтарарга сыал-сорук турбута. Ол инниттэн иитээччилэр, төрөппүттэр уһуйаан оҕолоругар ааҕыы маҥнайгы хардыыларын билиһиннэрэн, кырачааннары ааҕыы абылаҥар умсугутуохтаахтар. Ону таһынан ойуулуктары көрдөрөн, ойуулаах хартыыналары быһааран, эйэҕэс сэһэргээһии тэриллиэхтээх. Оҕо ааҕарын көҕүлээн, ааҕар дьоҕурун сайыннаран, аахпытын ис хоһоонун өйдөөн, бырыайыакка кыттыһар. Саха тылын уонна литературатын учууталлара уһуйаан, оскуола оҕолоругар сааһынан наардаан, ааҕыы испииһэгин оҥорбуттара. Оҕо уонна киин библиотека үлэһиттэрэ испииһэккэ киирбит кэпсээннэр сыылкаларын сыһыаран, ааҕарга көҕүлүүллэр. Ааҕар балаҕаҥҥа тиийэн, айымньылары ырытыһыахтаахтар.

 ААҔЫЫ ЭЙГЭТИН КЭҤЭТИИ

Ааҕыыны дьиэ кэргэҥҥэ тэрийиигэ төрөппүт кэмитиэтэ быһаччы үлэлэстэҕинэ кыаллар суол. Ааҕааччылар айымньы ис хоһоонун кэпсэтиһэн, араас ньыманы туһаныахтарын сөп. Сыл бүтүүтэ төрөппүттэри, оҕолору, учууталлары мунньан, санаа атастаһыыта буолара көдьүүстээх. Дьиҥинэн ыллахха, ааҕар оҕо ахсаана аччаабыта бэлиэтэнэр. Ол инниттэн тугу гынныбытый?

 ИЙЭ ТЫЛ КҮНҮГЭР АНАЛЛААХ КЭПСЭТИИ ТҮҺҮЛГЭТЭ

Оҕо төрүөҕүттэн тылын сайыннарар туһугар «Арылы Кустук» үөрэхтээһин уопсастыбаннай түмсүү тэриллэн үлэлээбитэ уон сыл буолла. Екатерина Чехордуна «СЭДИП» технологиятынан төрөппүтү уонна кыра оҕону төрөөбүт тылынан саҥардыы бүгүҥҥү күҥҥэ уустуга сиэрдээх кэпсэтиигэ бэлиэтэннэ. Ийэ тылбыт-өспүт симэлийбэтин туһугар ханнык ньыманы тобулабытый? Кэпсэтиигэ кыттыбытблогер кыыс уу сахалыы саҥаны сырдатта. Аныгылыы контеннарга сахалыы тыл чуолкайдык иһиллиэхтээҕин, уһуйаантан саҕаламмыт үлэ үөрэх тэрилтэтин кытта ситимнээх буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Оскуолаҕа Ийэ тылы иҥэрэн иитии хайысхата сахалыы дьыл эргииринэн өбүгэ үтүө үгэһигэр олоҕуран салаллыахтаах. Оҕо айылҕаттан бэриллибит этэ-сиинэ улугурбатын туһугар күүстээх үлэ барыахтаах. Төрүт дьарыктан, төрүт култуураттан сиэттэрэн түөрүйэни билиһиннэриигэ уол оҕоҕо улахан болҕомто ууруллуохтаах. Уол оҕону толкуйдатар үлэ билиҥҥэттэн  саҕаланыахтаах. Уолу эр киһи быһыытынан иитэргэ ыраастык сахалыы саҥарарга үөрэтиэх тустаахпыт, үтүө үгэскэ уһуйуу тылтан-өстөн саҕаланар. Ыраастык саҥарыыга оҕо гуглпуорманан тургутугу толоруон сөп. Бу иннинэ куйуурга, муҥхаҕа сылдьан, бэйэ күүһүн холонон көрөр. Үлэни-хамнаһы билсиһэн, булт-алт тэрилигэр сыһыаннаах тыллары кытары билсиһэр. Төрүт дьарык ситэтэ суох буолар түгэнигэр оҕо тыла-өһө дьадайар. Ол туһугар бүгүн тугу гыныахпытын сөбүй?

«САХА СААРЫННАРА ЭРКЭЭЙИ ОХСУБУТ СУОЛЛАРЫНАН 21-с ҮЙЭҔЭ АЙАН» БЫРАЙЫАК

Хара Алдан, Уолба, Дьохсоҕон, Уус Таатта, Баайаҕа, Туора Күөл, ЫК-1 ОО, лиссиэй бөлөхтөрө «Саха саарыннара эркээйи охсубут суолларынан 21-с үйэҕэ айан» Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр  төрөөбүт тыл түһүлгэтигэр түмсэн, биир кэлим сайдар суолу тобуллулар.

Олунньу 13 күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, Таатта лиссиэйэ А.Е. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй «Оттоку олук алгыһыттан» уон сэттэ алгыһы үллэрэн, бырайыак оҥордулар. Улахан дьон көмөтө суох кэнчээри ыччаппыт улууһу хамсатар сыһыарыыны оҥордулар. Анал сыһыарыыга ытык дьоммутун, сиэри-туому билиһиннэрэр оонньуу киирдэ. Иккис түһүмэххэ туох кыһалҕа баарыттан саҕалаан, сахалыы араадьыйаны, видеоконтеннары туһанан, төһө билбиттэрин чопчулуур түгэннэри тобуларга өй-санаа саһаҕата сааһыланна. Оскуола ахсын сахалыы араадьыйаны үлэлэтэргэ, туспа телеграмм, ютуб ханааллары арыйар соруктары туруоруннулар.

«Мандар Кыһата» өрөс-пүүбүлүкэ оҕолоругар тутан-хабан оҥорор дьоҕурдарын сайыннарар аартыгы арыйбыта. Быйыл «Умсулҕан» лааҕыр иитиллээччилэрэ от-мас үлэтинэн дьарыктанар былааннаахтар.

Ийэ тылбыт кэскилэ кэҥээтин, уран тылбыт сайыннын!

Сандаара-Оксана Андросова.

Читайте дальше