Ийэҕэ махтал

Ийэ баар бу сиргэ

                        Аан дойду аанньала,

                        Ананнын киниэхэ

Барыбыт махтала.

    Убаастабыллаах Матрена Харитоновнаҕа 90 сааскынан итиитик- истиҥник эҕэрдэлээн туран, ыарыыга ылларбакка, кырдьыыны кыайтарбакка, аймах- билэ, чугас дьонуҥ итии тапталларын сылааһынан угуттанан сүһүөххэр сылдьан өссө да уһуннук, дьоллоохтук олор.  

Неустроева Матрена Харитоновна 1933 сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Таатта Игидэйигэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Кузьмина Анастасия Тихоновна, аҕата Матаннанов Харитон Петрович.  Биэс бииргэ төрөөбүттэртэн иккис оҕонон  күн сирин көрбүтэ. 1949 сыллаахха 7 кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа дошкольнай отделенияҕа үөрэммитэ.

1953 с. «Эдэр коммунист» хаһыат редакциятыгар биллиилээх журналист, биир дойдулааҕа И.А. Аргунов  сүбэтинэн корректорынан үлэлиир.

1955 с. Дьокуускай куораттааҕы комсомол горкома ыччакка анаан Ыҥырыы таһаарбыта. Онно эдэр ыччаты куорат тутуутугар активнайдык кытталларыгар ыҥырбыта. Бу ыҥырыыны истээт саха элбэх ыччата куораты тутууга  киирбитэ. Бастаан утаа үгүстэр араас идэлэргэ үөрэнээччинэн киирбиттэрэ. Эдэр, күлбүт – үөрбүт эрчимнээх кыыс комсомол ыҥырыытын күдээринэ истэн кэбиспэтэҕэ. Мотя  комсомол путевкатынан Дьокуускай    куорат   тутуутугар кыттар чиэскэ кыттыбыта. Кырдьыга , тутуу диэн олус ыарахан үлэ буоларын билбэт этэ. Ол эрээри эдэр кыыс кытаанах үлэттэн чаҕыйан турбатаҕа.Бастаан 3-с СМУ-га литовец Бронислав Кемезис биригээдэтигэр каменщик үөрэнээччитинэн үлэтин саҕалыыр.  Каменщик идэтин толору баһылаан эр дьону кытта соҕотох кыыс кыһыннары- сайыннары тэбис тэҥҥэ 5 сыл үлэлээбит. Үлэлиир кэмигэр куорат киин уулуссаларыгар  Ленин проспегар, Ярославскай, Дзержинскай уулуссаларыгар элбэх дьиэни туппуттара. Билигин Герой Ийэ Матрена Харитоновна оччотооҕу кэмнэри маннык ахтар: «Күнү быһа кирпииччэни, тааһы  көтөҕөн тахсарбыт. Бастаан утаа олус илистэр, сылайар этим. Кыһыннары-сайыннары тохтоло суох үлэлиирбит. Тутуу барыта бэйэтэ туспа быраабылардаах , сокуоннардаах. Суурадаһын тоҥмотун диэн алларааттан  анал блоктарга оҥорон, сылытан баран таһаараллар. Эмиэ оннук блоктарга  аһыыр этибит. Үчүгэйдик аһаталлар этэ. Ыарахан үлэҕэ сылдьар сылдьар дьону тото аһаттахтарына сатанара. Тутуу үлэтигэр мин оччотооҕу Холбос уопсайа – 4 этээстээх дьиэ саҥа тутуллан эрдэҕинэ киирбитим уонна 1960 сыллаахха урукку Обком 4-с этээһиттэн үлэлээн бүппүтүм. Киин уулуссалар дьиэлэрин тутууларыгар үксүгэр кыттыбытым. Аны туран биһиги үлэлиир кэммитигэр үлэ адьас өрө оргуйа турар кэмэ этэ. Аны туран биһиги. Комсомоллар, үлэ кэнниттэн киэһэ 10 чааска диэри Саха театрын салҕааһынагар үлэлээбиппит”.

1956 сыллаахха кулун тутарга Москваҕа Бүтүн Россиятааҕы тутааччылар сүбэ мунньахтарыгар кыттыыны  ылбыта умнуллубат түгэни хаалларбыта. Онно «Якутстрой» начальнига Жорницкай Ефим Львович, СМУ-1 управляющайа Старовойтов Григорий Денисович , СМУ-1 болуотунньуга Торохов Николай буолан сылдьыбыттара. Комсомол Киин комитетын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланан  үөрбүтэ- көппүтэ.

Ис киирбэх дьүһүннээх , кыайыгас – хотугас кыыһы аттынааҕы тутуу биригээдэтигэр болуотунньугунан  үлэлиир маастар Уолбаттан төрүттээх Неустроев Василий Сидоровиһы көрсөн ыал буолан,  олохторун холбууллар. Матрена Харитоновна дойдутугар тахсан 1961-1964 сылга диэри Дэбдиргэҕэ дьааһыла саадка сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Уус Тааттаҕа «Хатыҥчаан» оҕо саадыгар сэттэ сыл рабочайынан үлэлээбитэ.

1964 сылтан Уус Тааттаҕа көһөн дьиэ-уот туттан олохсуйбуттара. 10 оҕону төрөтөллөр. 1972 с Герой Ийэ үрдүк аата иҥэриллибитэ. Кэргэнэ  эрдэ өлөн, аҥардас хаалан баран 10 бэйэтин оҕотун таһынан 5 балтыларын, бырааттарын, биир сиэнин кыра саастарыттан ылан соҕотоҕун ииппитэ, сиэнин Нарыйаны төрүөҕүттэн бэйтэ көрөн- истэн улаатыннартаабыта.

Соҕотоҕун хаалан баран 1979 сылтан П. Алексеев аатынан совхозка доярканан тылланан тахсан үлэлээбитэ. Совхозка үлэлиир кэмигэр ынах ыаһыныгар бастакынан биир ынахтан 2000-лаах кирбиини ылан, онтон икки сыл субуруччу 3000-лаах кирбиилэри ылаттаан оройуонун 3 төгүллээх социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа чемпион ыанньыксыта. Петр Алексеев аатынан бириэмийэ 3 төгүллээх лауреата.  «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» девиһинэн тахсар оҕолору кыһыннары-сайыннары бэйэтин кытта илдьэ сылдьан үлэҕэ уһуйбута. П.Алексеев совхозка доярканан ыччат наставнигынан үлэлээбитэ Петр Алексеев оройуон кыайыылааҕа, 2 төгүллээх лауреата. Президент ИЛ түмэн грамоталаах. Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

1991 сылтан нэһилиэккэ биир бастакынан оҕолорун, сиэннэрин кытта  “Эмис» бааһынай хаһаайыстыба хаһаайыстыба тэринэн сайылык туттан, сүөһү сылгы, сибиинньэ, коза, куурусса иитэн бастыҥ үлэлээх хаһаайыстыба салайааччытынан үлэлээбитэ. Герой Ийэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, «Ийэҕэ албан аат» орденнардаах, элбэх наҕараадалардаах, Алдан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, билигин Дьокуускай куоракка сиэнин кытары олорор. Күһүн саас уолугар Николайга Уус Тааттаҕа кэлэн дойдутугар олорон сынньанар. Сайынын  “Сэбирийэ” диэн сайылыгар хас сайын аайы сайылыыр. Ииппит кыыһа Людмила Арсентьевналыын дойдутун мүөттээх салгынынан тыынан сибиэһэй аһынан, сир аһынан аһаан доруобуйатын тупсарар. Сиэттэрин -оҕолорун үөрүүлэрин үллэстэн ахтылҕанын таһааран баран сиэнигэр Нарыйаҕа Дьокуускай куоракка кыстыы киирэр. Билигин куораттан суотабайынан оҕолорун, сиэттэрин кытта сибээстэһэ олорор.

Алдан нэһилиэгин модельнай библиотека сүрүннүүр библиотекара А.К. Маркова

Читайте дальше