Ил Дархан нэдиэлэтэ: Айсен Николаев үлэтин сүрүн түгэннэрэ

Тохсунньу 9 күнэ. Ил Дархан Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьевы кытта көрүстэ.

 Евгений Григорьев өрөспүүбүлүкэ киин куоратын санитарнай туругун,  коммунальнай хаһаайыстыбаларын үлэлэрин- хамнастарын туһунан дакылааттаата. Айсен Николаев бу тымныы күннэргэ уматык уонна техническэй аналлаах саппаас чаас баарын хонтуруоллуурга уонна уоту биэрэр эбийиэктэргэ, итиэннэ уопсастыбаннай тырааныспар үлэтигэр улахан болҕомтону уурарга сорудахтаата.

Тохсунньу 11 күнэ. Айсен Николаев «РИК Плюс» хампааньыйа уонна «РИК» бөлөх 2023 сыллааҕы үлэтин түмүгүн үчүгэй диэн сыаналаата. «2023 сылга хампааньыйалар улахан үлэни ыыттылар, анал байыаннай дьайыыны өйөөһүн соруктарын кытта сибээстээх өрөспүүбүлүкэ салалтатын кэккэ сорудахтарын толордулар. Тэрилтэлэр эрэгийиэн араас судаарыстыбаннай бырагыраамаларыгар киирэн, Саха сирин тутаах бырамыысалыннай уонна инфраструктурнай эбийиэктэрин туттулар. «РИК Плюс» салалтата хампааньыйалар үп — харчы өттүнэн дьэҥкир буолууларын хааччыйыыга утумнаах бэлиитикэни ыытар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев. «РИК Плюс» акционернай уопсастыба «РИК» бөлөххө киирэр хампааньыйалары салайар тэрилтэ буолар. 2023 сылы бөлөх 256 мөл. солк. дохуоттаах түмүктээтэ. Ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ стрелковай полигон тутулунна. Манна «РИК Плюс» инвестор буолла. 2023 сылга «РИК» бөлөххө киирэр ИФК «РФА Инвест» тэрилтэ Дьокуускай куорат  153 кыбаарталыгар 990 миэстэлээх оскуоланы тутан саҕалаата. «РИК» бөлөх олоххо киллэрэр өссө биир дьоһуннаах бырайыагынан Дьокуускайга «Туризм и индустрия гостеприимство» национальнай бырайыак чэрчитинэн 4 сулустаах гостиница комплексын тутуута буолар. «РИК» бөлөххө киирэр «Янолово» уонна «Янзолото» уопсастыбалар Усуйаана уонна Аллайыаха улуустарыгар сезону ситиһиилээхтик түмүктээтилэр. Маны таһынан, тэрилтэлэр «Ыраас Арктика»  федеральнай бырайыакка кытталлар — олохтоох волонтердары кытта  сэбиэскэй кэмтэн ордубут тимири, бөҕү хомуйан бэйэлэрин күүстэринэн киин сиргэ таһан туһаҕа таһаараллар.

«РИК Автодор» суолга-иискэ Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Хаҥаласка уонна Дьокуускай куоракка 40 судаарыстыбаннай уонна муниципальнай хантарааҕы толордо. Саха сирин баһылыга Айсен Николаев 2024 сылга «РИК» бөлөх иннигэр сүрүн соруктары туруорда. Ол курдук, тэрилтэ өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай бырайыактары уонна судаарыстыбаннай бырагыраамалары олоххо киллэриигэ күүскэ үлэлэһиэҕэ. Хорҕолдьуну, көмүһү хостооһун уонна суолу тутуу кээмэйдэрэ улаатыахтара. Быйыл Дьокуускай 153 кыбаарталыгар саҥа оскуола, Жатай судоверфатын бастакы түһүмэҕэ үлэҕэ киириэхтэрэ. Киин куоракка гостиница комплексын тутуу саҕаланыаҕа.

Тохсунньу 12 күнэ. Саха сиригэр электроннай уонна сыыппара сервистэринэн дьон төһө туһанарын ырыттылар. 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ ордук туһанар сыыппара сервистэрин испииһэгин оҥордулар. Манна  11 өҥө киирдэ. «Байыаннайдары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн дьаһалларын справочнига» сервиһи  «Байыаннайдар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ электроннай көрүҥүнэн өйөбүлү ылар комплекстарыгар» тиийэ кэҥэттилэр.  Оттон  «Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай информационнай ситимэ» федеральнай портал сервиһи дьиэ-уот өҥөтүн төлүүрга аналлааах гына чочуйдулар.

Айсен Николаев сыыппара трансформацията – судаарыстыба биир тутаах хайысхата, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин туруорбут национальнай соруктарыттан биирдэстэрэ буоларын санатта.

«Нэһилиэнньэ ирдэбилигэр олоҕуран сыыппаранан сервиһи оҥоруохха наада. Бырайыак сүрүн соругунан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо уонна былааһын уорганнара сыыппара технологиятынан көдьүүстээхтик бииргэ үлэлэһиилэрин тэрийии буолар», – диэтэ  эрэгийиэн баһылыга.

 Тохсунньу 12 күнэ. Айсен Николаев анал байыаннай дьайыы зонатыгар хорсуннук өлбүт дойду Дьоруойа Дмитрий Егоров дьиэ кэргэнигэр Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ Дьоруойун кыһыл көмүс сулуһун туттарда. «Дмитрий Егоров биһиги сүрэхпитигэр, өрөспүүбүлүкэ уонна улуу дойдубут устуоруйатыгар үйэлэргэ хаалыаҕа», – диэтэ Ил Дархан. Саллаат Дмитрий Егоров бойобуой соругу толоро сылдьан өллө. Кини нэһилиэнньэлээх пуун аттыгар утарсааччы баһыйар күүһүн утары киирсэн, өстөөх штурмовой бөлөҕүн улахан аҥаарын суох гынан чугуйарга күһэйдэ. Бу кыргыһыыга Дмитрий Егоров өлөрдүү бааһыран олохтон туораата. Хорсун быһыытын иһин киниэхэ Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан дойду Дьоруойун үрдүк аата иҥэрилиннэ. Маны сэргэ ааспыт сыл сэтинньи ыйыгар Егоров Дмитрий Николаевичка Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ Дьоруойун аата иҥэрилиннэ. Айсен Николаев Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ үрдүкү наҕараадатын кини аҕатыгар туттарда.

Дмитрий Егоров аҕата Николай Алексеевич Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ Аҕа баһылыга Денис Пушилиҥҥа уолун хорсун быһыытын үрдүктүк сыаналаабыттарын иһин улахан махталын биллэрдэ. «Дмитрий оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар үчүгэй үөрэҕин, үлэтин иһин Киевкэ сынньана бара сылдьыбыта. Кини анал байыаннай дьайыы зонатыгар барарыгар: «Мин Украинаны фашистартан ыраастааһыҥҥа хайаан да кыттыахтаахпын», — диэбитэ. Кини Украинаны олус таптыыра уонна олоҕун Украина норуотун иһин биэрдэ», – диэн эттэ Дьоруой аҕата.

Тохсунньу 12 күнэ. Ил Дархан «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр судаарыстыбаннай фонда Саха сиринээҕи филиалыгар сырытта. Госфонда филиала аһыллыаҕыттан уопсайа 90 — тан тахса араас хабааннаах тэрээһини ыытта. Манна барыта 4500 киһи, ол иһигэр байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ кытыннылар. Ааспыт кэм устатыгар госфонда филиалыгар 3,7 тыһыынча киһи 9,8 тыһыынча боппуруоһунан тахса сырытта. Итинтэн билигин 8,4 тыһыынчаттан тахса ыйытыы быһаарылынна (86,2 %). Саамай элбэх боппуруос социальнай өйөбүлгэ, үпкэ — харчыга, медицинскэй көмөҕө, бойобуой дьайыы бэтэрээнин дастабырыанньатын ылыыга, психологическай уонна юридическай өҥөҕө киирдэ. Бүгүн филиал социальнай координатордара анал байыаннай дьайыы 1 098 кыттааччыларын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта үлэлэһэллэр. «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай фонда Арассыыйа Федерациятыгар Бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан тэриллибитэ. Саха сиригэр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай фонда филиала ыам ыйын 30 күнүгэр 2023 сыллаахха Арассыыйаҕа биир бастакынан арыллыбыта уонна ааспыт сыл бэс ыйын 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. Айсен Николаев «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» судаарыстыбаннай фонда филиалыгар анал байыаннай дьайыыга хантыраагынан барбыт байыас Винокуров кэргэнин кытары көрүстэ. Бу иннинэ сулууспалааччы «Боотур» этэрээт састаабыгар киирэн бара сылдьыбыта. Ил Дархан буойун дьиэ кэргэнин саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ, ыалга этэҥҥэ буолууну уонна  аҕа баһылыктара кыайыы көтөллөөх түргэнник эргиллэригэр баҕарда. Саллаат кэргэнэ өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр болҕомтотун уонна көмөтүн иһин махталын быллэрдэ.

Тохсунньу 12 күнэ. Айсен Николаев Үлэ кыбартаалын үлэтин далааһынныырга сорудахтаата. Саха сирэ креативнай экономиканы сайыннарар уопутугар олоҕуран дойду бары эрэгийиэннэригэр тарҕатарга анаан федеральнай стандарт оҥоһулунна. Ол курдук, ааспыт сыл биир сүрүн ситиһиитинэн Дьокуускайга Үлэ кыбартаалын – Уһук Илиҥҥэ бастакы креативнай кластеры үлэҕэ киллэрии буолла. 2023 сылга резиденнэр 600 мөл. солкуобайы киллэрдилэр, 530 үлэ миэстэтин таһаардылар. Өрөспүүбүлүкэ уопутун дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үрдүктүк сыаналаата.

Тохсунньу 13 күнэ. Ил Дархан суруналыыстары Арассыыйа бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрбит кылгас кэм иһигэр сыыппараҕа көһүү суолугар үктэннилэр. Саҥа технологиялар олохпутун бүтүннүүтүн уларыталлар. Инники олохпут эһигиттэн быһаччы тутулуктаах. Суруйан, дьиҥ олоҕу устан дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатар, иһитиннэриини тиэрдэр дьон – эһиги сабыдыалгыт олус күүстээх. Биллэн турар, тосту-туора сыаннастары биһиэхэ сыҥалыыр күүстэри кытта туруулаһар кэммитигэр уопсастыбаны сомоҕолуурга хас биирдии суруналыыс гражданин быһыытынан тус санаатын биллэрэрэ хаһааҥҥытааҕар да дьоһун суолталаах. Анал байыаннай дьайыы туһунан кырдьыктаах уонна суһал сырдатыы кырдьыгы быһаарарга, сымыйаны саралыырга улахан төһүү буолар. Онуоха байыаннай кэрэспэдьиэннэр тутаах оруоллаахтар. Кинилэр кыргыһыы инники кирбиититтэн бэйэлэрин репортажтарыгар, суруйууларыгар Саха сирин буойуннарын сулууспаларын, хорсун быһыыларын туһунан тиһигин быспакка кэпсииллэрэ кыайыыга эрэлбитин бөҕөргөтөр. Кинилэр эмиэ буойуннар – барыларын кытта бииргэ, ардыгар олохторун толук ууралларын кэрэйбэккэ, кырдьык туһугар уонна барыбыт кэскилбит иһин охсуһаллар. Манна даҕатан эттэххэ, эрэгийиэннэр ортолоругар байыаннай кэрэспэдьиэннэр ахсааннарынан өрөспүүбүлүкэбит инники күөҥҥэ сылдьар», – диэтэ Айсен Николаев.

Тохсунньу 13 күнэ. Саха сирин медицинскэй тэрилтэлэригэр 32 анал массыына күлүүстэрин туттарыы буолла. Тырааныспар ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга эмп тэрилтэлэригэр уонна медиктэр ыарыһахтары олорор сирдэригэр тиэрдэллэригэр, ону тэҥэ лабораторнай матырыйааллары чинчийиигэ уонна эмтиир препараттары илдьиигэ-таһыыга туһаныллыаҕа. Массыыналар бастакы медицинскэй көмөнү оҥорор оборудованиялаахтар уонна хотугу сир усулуобуйатыгар үлэлииргэ анаммыттар. «Бу медицинскэй көмө саҥа хаачыстыбата. Биһиги Бэрэсидьиэммит, өрөспүүбүлүкэбит салалтата ыытар бэлиитикэтэ. Маннык үлэ салгыы ыытыллыаҕа. Дьон-сэргэ доруобай буолуутун уонна уһун үйэлэниитин боппуруостарыгар болҕомто өрүү ууруллуоҕа», – диэтэ Айсен Николаев. Саҥа массыыналар күлүүстэрин ылбыт кылаабынай быраастар кэлиҥҥи сылларга доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕэ сайдыытыгар элбэх үлэ ыытылларын бэлиэтээтилэр. Ол курдук, 2018-2023 сылларга Саха сирин медицинскэй тэрилтэлэригэр 313 тырааныспары ылан биэрдилэр.

Афанасий Ноев

Читайте дальше