Көрдүүрбүт оруннаах дуо?
Көрдүүрбүт оруннаах дуу, суох дуу диэн ыйыттахха саха дьоно араастык ылынар.
Сыһыан араас. Ким сөбүлэһэр, ким утарылаһар, ким куттанар, ким айыыргыыр. Бу барыта саха дьоно биир итэҕэлэ суохпутун биир туоһута дии саныыбын.
Нуучча судаарыстыбата былыр-былыргыттан сүнньүнэн сир оҥоһуутунан дьарыгыран олорор дьонноох буолан өлбүт дьоҥҥо сыһыана олус үчүгэй. Бэйэлэрин аймахтарын, дууһаларыгар чугас илдьэ сылдьар дьоннорун, өллөхтөрүнэ көмөллөрүн биир сүрүн сорук курдук өйдөбүллээхтэр. Көмпөккө хаалларалларын улахан айыы курдук ылыналлар. Кыах эрэ баар буоллар дьаһайа сатыыллар. Православие өйдөбүлэ дииллэр эрээри, итинник өйдөбүл түҥ былыргыттан олохсуйдаҕа. Ол быһыытынан дьоннорун көмпүт сирдэрин көрөллөр-харайаллар. Ити дьарыктарыгар бэл анаммыт күннээхтэр.
Бэйэлэрин дьонун көрбөт-харайбат киһи баар буоллаҕына, оннук киһини кырыы харахтарынан көрөллөр, ыыстыыллар, итэҕэли утарар диэн абааһы көрөллөр. Саха дьоно былыр-былыргыттан сүөһү-сылгы ииттэн, бултаан, балыктаан айахпытын ииттинэн олордохпут. Дьарыкпыт оннук буолан, биир сиргэ түптээн олорбот, кэлэ-бара сырыылаах, онно сөп түбэһиннэрэн өйдөбүллээх омук буоллахпыт. Төһө да 4 үйэ кэриҥэ православнай итэҕэллээх судаарыстыбаҕа олорбуппут иһин өйбүт-санаабыт нуучча дьонун өйүн-санаатын ылымматахпыт, өлбүт дьоҥҥо сыһыаммыт атын. Онуоха эбии 70-ча сыл сэбиэскэй былааспыт православиены утарбыта да оҕустаҕа. Күҥҥэ, уокка сүгүрүйэрбит, сир дойду иччилэрин билинэрбит билиҥҥэ дылы сүппэккэ сылдьар. Бары сыыһа өйдөбүл диэбиппитин айыыргыыбыт.
Дойдутуттан тэйбэтэх саха киһитэ бэйэтин аймаҕын өллөҕүнэ уҥуох тутан, дьаһайан көмөрүн ытык иэс курдук сананар. Аймаҕа суох киһини атас доҕор дьонноро, эбэтэр чугас баар атын да дьон бары силигин ситэрэн көмөллөр. Онно манна былаҕайга былдьаммыт да дьоҥҥо түбэстэхтэринэ, төһө кыалларынан харайан сири буллараллар. Улахан бэлиэ дьону орто дойдуга олорон ааспыт үтүөлэрин көрөннөр араастаан көмөллөр. Бас-көс киһи, буойун киһи көмүллүүтэ барыта бэйэтигэр сөптөөх өйдөбүл быһыытынан хараллар, хараллыахтаах даҕаны. Ойууттарбытын, удаҕаннарбытын араҥастыыр идэ кытта баар. Ол аата өлбүт киһи бу орто дойдуга олорон кэлбит үтүөтүн быһыытынан онно сөп түбэһиннэрэн көмүллүөхтээх диэн өйдөбүл, ирдэбил сахаҕа баар.
Бары ирдэнэри барытын толорон, силигин ситэрэн көмтүбүт дэһэбит. Өлбүт киһи бэйэтигэр сөптөөх ирдэбилинэн көмүллүбэтэҕин биллэхпитинэ айыыргыыбыт. Ону ситэри толоруохтаах аймах-билэ, атас-доҕор, чугас таһынааҕы да дьон бары толорботох буоллахтарына норуот өйдөбүлүнэн сиидэлэнэллэр, баҕайылар диэн ааттаналлар. Ити баар суол. Сахаҕа сиргэ төрөөбүт-үөскээбит киһи бары үөһэттэн ананан бэриллибит олоҕун толору олоруохтаах диэн өйдөбүл баар. Бэриллибит олоҕу толору олоруу сүрүн сыал буолуохтаах. Ону кэһэр, бэйэлэригэр тиийинэн өлбүт дьону саха киһитэ сэргээбэт, ол быһыытынан оннук дьону ким да көрбөт, ким да сылдьыбат сирдэргэ илдьэн умса быраҕан көмөллөр. Бэйэтин туһугар айыыны онорбут киһи диэн, итинник быһыыны ким да батыспатын диэн өйдөбүл саха дьонугар баар. Бэл бэйэтин туһугар айыыны оҥоһунна диэн оннук киһиэхэ улахан буруйу сүктэрэллэр. Оттон сиргэ бэриллибит олоҕу толору олорору араҥаччылыыр киһини дьон бары ытыктыыр, өрө тутар киһитэ буолар. Ол киһи баар буолан үрүҥ тыыммын өллөйдөөтө, араҥаччылаата, быыһаата-абыраата диэн быыһаммыт киһи дьоҥҥо кэпсээн оҥостор. Маннык киһиэхэ махтал муҥура суох буолар, атын да дьон биһирэбиллэрин ыллын диэн киэҥ эйгэҕэ биллэрэ сатыыр. Үтүө дьыаланы оҥорор киһи диэн сыаналаныахтаах диэн толкуйдуур. Бэл бэйэтин олоҕун харыстаабакка мин туспар, атын дьон туһугар кыһалынна диир. Маннык киһи дьон норуот биһирэбилин, хайҕабылын, үйэлэргэ өлбөөдүйбэт өйдөбүлү ылыахтаах диэн буолар. Оттон, өйдөөн көрдөххө, бу биһиги сэрии саҕана дьон көмүскэлин туһугар олоҕун толук уурбут буойуммут дии. Кини баҕарбатаҕын да иһин сэриигэ барбыта эбээт уонна онтон төннүбэтэҕэ. Сатаатар көмүллүбүт да сирэ биллибэт. Буойун буоларын быһыытынан киниэхэ ананар силигин да ситэттэрбэккэ сүппүт буоллаҕа. Ким эмит айыы киһитэ сыстан буору буллардылар эрэ, суох эрэ. Чугас дьоннорун аны суор-тураах, кыыл–сүөл уҥуоҕун ый ыһыаҕа оҥорбуттара дуу диэн дьиксинии үүйэ-хаайа тутар. Бу эмиэ сахаҕа баар өйдөбүл.
Ол аата саха киһитин өйдөбүлэ өлбүт киһи бары силигин ситэрэн көмүллүбүт буолуохтаах диэн. Дьэ оннук силигэ ситэриллэн көмүллүбүт киһини уйгуурдан кэлэр–барар, ытыыр-соҥуур, эгэ, хостуур олох сатаммат. Тыытымаҥ сыттын диэн буолар. Сөп ээ. Бу көннөрү бэйэтин олоҕун туһугар олорбут киһиэхэ сыһыан.
Дьон туһугар тыына быстыбыт киһи туһа туспа. Кини аата-суола үрдүктүк тутуллар, кэриэстэниэхтээх. Кэнэҕэски көлүөнэҕэ кини холобур буолуохтаах. Силигэ ситэриллибэккэ көмүллүбүт буоллаҕына ситэри оҥорорбут кэнчээри ыччаттар биһиги булгуруйбат эбээһинэспит. Кини олох өрөгөйдүүрүн туһугар, биһиги туспутугар тыына быстыбыта. Биһиги ону ылыммат, учуоттаабат, дьаһаммат буоллахпытына, өлбүт буойун эрэ туһугар буолбатах, киниттэн төрүттэнэн үөскээбэккэ хаалбыт ыччаттарын эрэ туһугар буолбатах, өссө биһиги бэйэбит кэннибититтэн кэлэр кэнники көлүөнэлэрбит туһугар улахан айыыны оҥостобут. Бу өйдөбүл саха дьонугар бигэтик киириэхтээх. Бу мин эрэ өйдөбүлүм буолбатах. Саха сиэрин-туомун үөрэтэр дьоммут, үөһэттэн айдарыылаах да дьоммут бука бары итинник этэллэр. Биһиги ону ылыныахтаахпыт, сорук оҥостон сэриигэ өлбүт дьоммутун өрө тутан, ир суолларын ирдээн, көмүллүбэтэхтэрбитин булан буойун курдук чиэстээн, силигин ситэрэн көмөн, үтүө аатын үйэлэргэ умнуллубат курдук дьаһайыахтаахпыт. Бу биһиги ытык иэспит буолуохтаах.
Үөрэтэн көрбүтүм 19-с биригээдэ бастакы күн кыргыллыбыт дьоммутун ньиэмэстэр дьаһайбыттара эбээт. Ол кинилэр биһиги дьоммутун буойун курдук чиэстээн көмпүттэр үһү дуо? Суоҕа чуолкай. Онно-манна быраҕалаан сири буллардахтара. Кэлин 1958 сыллаахха дэриэбинэ таһыгар буойуттар көмүллүүлэрин хостотолоон ылан атын сиргэ илдьитэлээн диэн дьаһал тахсыбытыгар Ретлё дэриэбинэттэн биир көмүүнү буланнар сир уларыппыттарын олохтоохтор билэллэр. Сир уларыталларыгар син буойуннуу чиэстээн көмпүттэрэ буолуо диэн бүк эрэниэххэ. Атын көмүүнү булбуттарын, дьаһайбыттарын олохтоохтор бигэргэппэттэр. Ол аата Ретлёга ситэ хараллыбакка хаалбыт 19-с биригээдэ буойуттара өссө да элбэх буолуохтаахтар. 19-с биригээдэҕэ 10-ча оройуон дьоно сэриилэспиттэрэ. «Списки безвозвратных потерь» диэнтэн ыланнар үлүбээй «похоронен на берегу озера Ильмень севернее деревни Ретлё» диэн суруйаллар. Сураҕа суох сүппүт үгүс. Биһигиттэн ураты 19-с биригээдэни өрө тутар атын омук дьоно баалларын истибэппин. Сахалар биһиги эрэ быһыылаах. Ол да быһыытынан биригээдэ булуллубатах буойуттарын биһиги саха дьоно көрдүүр эбээһинэһи бэйэбитигэр ылыннахпытына табыллар. Саҕалаатыбыт, чуолкай дьаһаллыбатахтарын дакаастаатыбыт. Өссө көрдүөххэ.
Көрдүүрбүт оруннаах.
К.В.Васильев.