1959 сыллаахтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит киэн тутта ааттыыр биир дойдулаахтарбыт ааттарын бөдөҥ алмааска иҥэрэр үтүө үгэс олохтоммута.

Бу күннэргэ АЛРОСА хампаанньа түөрт улахан алмааска дьоһун дьоммут аатын биэрэн үйэтиттэ. Ол курдук А.С. Макаренко аатынан уордьан кавалера, алмаас бырамыысыланнаһыгар үрдүк квалификациялаах каадырдары бэлэмниир М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Мииринэйдээҕи филиалын төрүттэспит Альбина Гольдман, опера ырыаһыта, РФ үтүөлээх артыыһа, СӨ норуот артыыһа Нина Чигирева, Саха сиригэр ювелир дьыалатын сайыннарыыга кылаатын киллэрсибит профессор Иван Егоров төрөөбүтэ 90 уонна айа-тута үлэлээбит М.К. Аммосов аатынан ХИФУ «Күндү таастары уонна металлары оҥорор технология» кафедрата төрүттэммитэ 20 сылынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин киэн туттар шеф-повара 80 үбүлүөйдээх сааһынан, национальнай аһы-үөлү үөрэтиигэ сүҥкэн кылааты киллэрбитин уонна үйэ аҥарын кэриҥэ саха омук төрүт аһын киэҥник тарҕатыыга дьаныардаахтык үлэлэспит Иннокентий Тарбахов ааттара алмааска иҥэрилиннэ.
2024 сыл кулун тутар ыйын 14 күнүгэр Накыын сир баайын хостуур сириттэн булуллубут 73,16 карааттаах алмаас Иннокентий Тарбахов аатынан ааттанна.
Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов ас-үөл эйгэтигэр айымньылаах үлэтэ Нам остолобуойуттан саҕаламмыта. Эдэр дьоҕурдаах үлэһит, сатабыллаах асчыт технологтан, остолобуой сэбиэдиссэйиттэн, Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ «Тыгын Дархан» ресторанын төрүттээччитигэр тиийэ үүммүтэ. Шеф-повар суруйбут кинигэлэрэ хас биирдии хаһаайкаҕа бастакы «Эн остуолуҥ сахалыы астарыттан» саҕалаан, остуолун кинигэтинэн буолан, күннээҕи олох сирдьитинэн буолаллар. Уонтан тахса сыл устата «Тарбаахаптыын астыахха» тэлэбиидэнньийэнэн биэрии дьон болҕомтотун тардара. Биир дойдулаахтара, ытык киһилэрин аатын үрдүктүк тутан, И.Н. Гуляев аатынан Туора Күөл орто оскуолата астыыр талааннаах, дьоҕурдаах оҕолорго аналлаах «Тарбаахаптыын астыахха» күөн күрэһи ыытан үгэскэ кубулуппута.

Бу күрэстэн кынаттанан, Тарбаахаптан уһуйуллан, үгүс эдэр дьон асчыт идэтин баһылаатылар.

АЛРОСА хаартыскаҕа түһэриитэ.

Мария Попова.

Читайте дальше