Иван Тарабукин: «Үөрэхтээһин эйгэтин тула кэпсэтиини сэҥээрдим”

Өрөспүүбүлүкэбит күнүн көрсө бу ый 25 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев нэһилиэнньэҕэ быһа эпиирин Тааттатааҕы үөрэх салаатын начальнигын солбуйааччы Иван Тарабукин сэҥээрбитин биллэрдэ.

Бу үгэс буолбут тэрээһиҥҥэ 850 боппуруос киирдэ уонна эпиир устатыгар араас улуустартан биирдиилээн олохтоохтор сытыырхайан турар ыйытыктары биэрбиттэригэр хоруйдары Айсен Сергеевич 3 чаас устата биэрдэ.

Бары хайысхалары хабан аһаҕас кэпсэтии буолбутун түмүгэр хас биирдии олохтоох бэйэтигэр тустаах бэлиэтэниилэри оҥордо диэн санаалаахпыт. Буоларын курдук туох үлэ ыытылла турарын кэпсиирин таһынан араас хайысхаларга бэйэтин сорудахтарын иһитиннэрдэ, олоххо киирэллэр диэн мэктиэлээтэ. Үөрэхтээһин эйгэтин тула кэпсэтиигэ биһиги биһирии истибиппититтэн манныкка тохтуубут:

  1. Оскуолалар саҥардыллаллар, таас, сырдык-ыраас дьиэлэргэ киирэн үөрэнэллэр ол курдук үөрэхтээһин таһыма эмиэ тэҥинэн үрдүөхтээх диэтэ.
  2. Элбэх оҕолоох ыаллар ахсааннара элбээн иһэрэ үөрдэр ол иһин дойду да өрөспүүбүлүкэ да таһымыгар элбэх оҕолоох ыалга көмөлөр оҥоһуллуохтара диэтэ. Ол иһигэр хомунальнай өҥө төлөбүрүн биллэрдик аччатыы миэрэтэ олоххо киирэн эрэр диэтэ.
  3. Эрдэ кыаммат дьиэ-кэргэн оҕотугар оскуолаҕа итии аһылыгынан хааччыйыы баара, онно эбии элбэх оҕолоох ыаллар оҕолоругар инник чэпчэтии оҥоһулуоҕа диэн иһитиннэрдэ.
  4. Орто анал үөрэххэ киирэр элбэх оҕолоох ыал оҕотугар 50 тыһыынча солкуобай биир кэмнээх көмө быһыытынан бэриллиэ диэтэ.
  5. 2026 сылга 60 тыһ. квадратнай миэтирэ иэннээх Жатай таһыгар 20 млрд сууммалаах тутуу «Эльгауголь” тэрилтэттэн үбүлэнэн оҥоһуллан эрэрин эттэ. Маннык улахан үөрэх тэрилтэтэ чугаһынан суоҕун уонна өрөспүүбүлүкэбитигэр маннык тутуу баар буоларыгар ким да итэҕэйбэт этэ диэтэ.

Биһиги улууспут “Үөрэхтээһин” бэдэрээлинэй национальнай бырайыак чэрчитинэн эмиэ таһымнаахтык үөрэх тэрилтэлэрин тутуу ыытыллар. Быйыл күһүн, саҥа үөрэх дьылын көрсө А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй 450 миэстэлээх, 100 миэстэлээх интэринээт баараҕай тутуута үлэҕэ киириэхтээх. Манна Айсен Сергеевич Николаев быһаччы өйүбүлүнэн буоларын өйдүүбүт, махтанабыт.

«Таатта» хаһыат.

 

Читайте дальше