2020 сыллаахха СӨ Үүнэр көлүөнэ пуондата “Кэлэр кэм туһугар” диэн 2021–2025 сылларга үлэлиир тус сыаллаах бырагырааманы бэлэмнээн, АЛРОСА хампаанньа угар үбүн суотугар олоххо киллэрэ, айа-тута сылдьар. Ол чэрчитинэн пуонда бары тэрээһиннэрэ олоххо киирэллэр.
Сайдыы туһаайыллар хайысхатыгар үөрэх уонна билим, дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах көмүскэлэ, успуорт уонна култуура, экология уонна кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри өйүүр тирэх суолталаах эйгэлэр киирсэллэр. Пуонда бигэ тирэхтээҕин өйдөөт да, тута үүнэр көлүөнэни кытта үлэни тиһиктээхтик уонна киэҥник хабан ыытарга ылсыбыта. Тус сыаллаах пуонда АЛРОСА өйөбүлүнэн, ылсыбыт миссиятын хайдах толорон иһэрин пуонда Тус сыаллаах бырагыраамаларга управлениетын начаалынньыга Сардаана Попова билиһиннэрдэ.
“Биһиги биисинэс, судаарыстыба уонна социальнай партнёрдар күүстэрин, кыахтарын түмэн, кииннээн, дьоһун суолталаах инновациялаах компоненнары тэрийии нөҥүө, үүнэр көлүөнэ урутаан сайдыытын эко-тиһигин оҥорорго дьулуһабыт. Бырайыактарбыт уонна тэрээһиннэрбит тутаах партнёра – АЛРОСА хампаанньа”, – диир кини.
Тус сыаллаах бырагыраама чэрчитинэн, үлэ түөрт сүрүн хайысханан барар: оҕо уонна ыччат, экология, кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри уонна олохтоохтор көҕүлээһиннэрин өйөөһүн уонна аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир уопсастыбаннай туоналары тэрийиигэ көмөлөһүү.
“Биһиги оҕо аймах уонна ыччат кыаҕын урутаан сайыннарарга сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ үлэлэһэбит. Ол иһигэр, үөрэх, билим, култуура уонна успуорт эбийиэктэрирн туттарабыт. Ол кэнниттэн оҥоһуллубут инфраструктура төрүтүгэр билимҥэ тирэҕирбит көдьүүстээх ньымалары туһанан, үүнэр көлүөнэ бары өттүнэн сайдарыгар тирэх буолар, дьиҥ көдьүүстээх көмө мэхэньиисимнэри олоххо киллэрэбит, – диэн Сардаана Попова анаан бэлиэтиир.
Оҕолор – креативнай индустрияҕа
Саха сирин олохтоохторо креативнай индустрия эйгэтигэр үлэлэһэр Билим дьоҕус академиятын, Үүнэр көлүөнэ пааркатын бырайыактарын бэркэ диэн билэллэр. Оҕолор биир бырайыакка кыттан баран, өссө атыҥҥа эмиэ кыттар баҕалаахтара көстөр.
Холобур, “КиноМАНиЯ” үөрэх бырагырааматыгар кыттыбыт, Харысхан Амбросьев: “Дьокуускайга көһөн кэлиэхпэр диэри мин Ньурба куоракка Оҕолору эбии үөрэхтээһин киинигэр дьарыктаммытым. Манна кэлэн баран, бырагыраамалары оҥоруу куруһуогар киирбитим. Ол сылдьан үөрэнээччилэр кылгас метражтаах киинэлэрин бэстибээлигэр кыттыбыппар сэртипикээт туттарбыттара. Хара ааныттан бэйэм киинэни таҥааччы эбэтэр сценарий суруйааччы буолуохпун баҕарарым. Оттон миэхэ манна “артыыстыыр маастарыстыбаҕа дьоҕурдааххын” диэбиттэрэ. Мин онно дьарыктаммыппын олус биһирээтим, бэйэбэр сонун үөрүйэҕи арыйдым, диктор ускуустубатын сөбүлээтим. Итиннэ дьарыктаныы миэхэ бэйэбэр эрэли сахта, онон “креативнай индустрия эйгэтигэр дьарыктаныахпын сөп эбит” диэн санаам бөҕөргөөтө. Ону тэҥэ уруһуйдуур уонна бырагыраама оҥорор дьарыкпын хайаан да салгыыбын. Өссө туох эрэ сонуҥҥа, саҥаҕа холонуохпун баҕарабын. Кэнэҕэһин да Билим дьоҕус акадьыамыйата уонна Үүнэр көлүөнэ паарката ыытар тэрээһиннэригэр үөрүүнэн кыттыам этэ”.
Олоҕу уларытарга бэйэттэн уонна оҕоттон саҕалыахха
Саха сирин олохтоохторо СӨ Талааннаах оҕолору булан, талааннары өйүүр эрэгийиэннээҕи киин үлэтин-хамнаһын, тэрилтэ эспиэрдэрэ оройуон кииннэриттэн саҕалаан, кырыы сытар бөһүөлэктэри тилэри хабан туран, өрөспүүбүлүкэ аҥаарын кэриҥэ сирин кэрийбиттэрин истэн билэр буолуохтааххыт. Бу бырайыак көмөтүнэн, өрөспүүбүлүкэ элбэх оҕото айылҕаттан бэриллибит талааннарын билэн, салгыы сайыннаран, Саха сирин үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар үөрэххэ киирэр кыахтаммыттара: Муусука үрдүкү оскуолатыгар, Дьокуускайдааҕы балет оскуолатыгар уонна успуорт үөрэҕин тэрилтэлэригэр. Бу оҕолор үрдүк ааттарын өссө да истиэхпит турдаҕа.
Үүнэр көлүөнэ пуондатын өссө биир суолталаах бырайыага – “СӨ Кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэрин уонна олохтоохтор көҕүлээһиннэрин сайыннарыы кэлим кыаҕын киинэ” диэн баар. Бу Киин кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри кытта грант өттүгэр эрэ үлэлэспэт, оҕо уонна ыччат эйгэтигэр социальнай бырайыактааһын технологияларын киллэриигэ эмиэ үлэлэһэр.
Кэлим кыах киинин (Единый ресурсный центр) дириэктэрэ Ольга Вешникова оҕолору кытта үлэ туһунан маннык кэпсээтэ: “Кэлим кыах киинин устуоруйата үс сыллааҕыта саҕаламмыта. Үбүлээһин бүддьүөт тас өттүнээҕи источниктартан, ол иһигэр АЛРОСА Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар эбии биэрэр үбүттэн, көрүллэр. Бастаан утаа кэмиэрчэскэйэ суох секторы эрэ кытта үлэлэһэн баран, хабар эйгэбит кэҥээн барбыта. Үлэбит-хамнаспыт биир туһунан хайысхата бырайыактаах култуура буолбута. Ол эбэтэр, идиэйэлэри хайдах толкуйдаан, бырайыак гына оҥорор, хантан күүһү, өйөбүлү ылар, көдьүүһү хайдах быһыылаахтык ситиһэр туһунан итиннэ этиллэр. Биһиги бу хайысхаҕа үлэни аан бастакынан оҕолортон, ыччаттан саҕалыыр, үөрүйэҕи кинилэргэ эрдэттэн иҥэрэр наадатын тута өйдөөбүппүт. Онтубут “үүнүүтүн”, “отонун” Үүнэр көлүөнэ паарката үлэлээн барда да, билиэхпит, көрүөхпүт дии саныыбыт”.
Ол курдук, былырыын Кэлим кыах киинэ “Арктика креативнай академията” бырайыагын олоххо киллэрбитэ. Ол чэрчитинэн, Саха сиринээҕи Арктика оройуоннарын оҕолорун уонна ыччатын креативнай үөрүйэҕин сайыннарарга ылсыбыттара. Онно информационнай технологияларга, дизайҥҥа, киинэ индустриятыгар, ойуулугу оҥорууга сыһыаннаах барыта киирсэр. Бастакы креативнай туоналары бибилэтиэкэ, түмэл, култуура дьиэлэригэр уонна ИТ-кииннэргэ олохтоон туран, Булуҥ, Усуйаана, Орто Халыма, Эбээн Бытантай, Анаабыр, Муома уонна Өлөөн улуустарыгар арыйталаабыттара. Холобур, Өлөөн бөһүөлэгэр АЛРОСА үбүгэр тутуллубут А.С. Иванов аатынан «Илкит» этно-култуура киинигэр аспыттар. Ити тэрилтэлэр үлэһиттэрин уонна кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр тумус туттар дьонун оҕолорго настаабынньыгынан сыһыарбыттар.
“Бу бырайыак чэрчитинэн, биһиги педагогтар уонна исписэлиистэр кылаастарын үрдэтэр куурустары ыыппыппыт. Кинилэргэ олох аныгы, кыахтаах тэрил бэриллибитэ. Көмпүүтэрдэригэр уонна ноутбуктарыгар биһиэхэ баар оҕону үөрэтиигэ сыһыаннаах, анал лиссиэнсийэлээх бырагыраамалары хачайдаан биэрбиппит. Ону таһынан анаан уһуллубут биидьийэ-уруоктар бааллара. Биһигини кытта оҕолору үөрэтэр араас эспиэрдэр сылдьыспыттара.
Түмүк быһыытынан, Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуонда доҕотторун пуорумугар “Өбүгэбит халандаара” диэн бырайыакпытын сүрэхтэниитин тэрийбиппит. Бу – Арктика оройуоннарын култуурунай нэһилиэстибэлэригэр анаммыт оҕолор биидьийэ-үлэлэрин сыыппара-архыыба. Холобур, уус хайдах хомуһу уһааран, таптайан таһаарара, эбээ былыргы остуоруйаны эбээн тылынан кэпсиирэ, иистэнньэҥ таҥас тигэрэ, Табаһыт күнэ хайдах тэриллэрэ курдук олус туһалаах, интэриэһинэй устуулар бааллар. Ити курдук, бииртэн биир саҥа атыл, хардыы оҥоһуллан, ити тэриллибит хамаандаларбыт кэнэҕэһин бэйэлэрэ араас грант түҥэтиллэр куонкурустарыгар кыттар кыахтаналарын уонна кыайалларын ситиһиэх тустаахпыт”, – диир Ольга Анатольевна.
Ити курдук, АЛРОСА холобуругар уонна Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондатын бырайыактарыгар олоҕуран, оҕону уонна ыччаты сайыннарыыга биисинэс туох оруолу ыларын уонна ылыах тустааҕын көрүөххэ сөп. Оттон бу үлэ тирэҕэ, туллар тутааҕа – конструктивнай кэпсэтии уонна хайаан да тиһиктээхтик ыытыллар кыттыгас бииргэ үлэлэһии.
Андрей ШИЛОВ.
“Биһиги ситиһиигэ эрэллээхпит, өрөспүүбүлүкэҕэ киһи хапытаалын сайыннарыыга боччумнаах кылааты киллэрэр кыахтаахпыт санааны кынаттыыр. Кэлэр кэми бары кыттыһан, көмөлөөн оҥоробут!”
СӨ Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата.