Балаҕан ыйын 26 күнүгэр үлэ сезонун арыйар “Көмүс күһүн” атыы-эргиэн дьаарбаҥката Тааттыныскай нэһилиэгэр бэрт сэргэхтик ааста. Чаҕылхай күннээх ыраас халлааннаах күн, дьон-сэргэ астына сынньанна, дьаарбаҥкаҕа көхтөөхтүк кытынна.
Улуус тыатын хаһаайыстыбалара, бааһынай хаһаайыстыбалар, эти-үүтү дэлэтээччилэр, биирдиилээн дьон өлгөм үүнүүлээх оҕуруот астарын, сип сибиэһэй сүөһү, чооску эттэрин, сайын устата үргээбит сир астарыттан барыанньаларын атыылаатылар. Алдан эбэ көмүс хатырыктаахтарын, Дьүлэй нэһилиэгиттэн собо балыктары атыыга таһаардылар.
Манна сылын аайы кыттар Тааттатааҕы «Эдэр натуралистар ыстаансыйалара» бэйэлэрэ үүннэрбит оҕуруоттарын аһын атыыга таһаарбыттар. Сайыҥҥы кэмҥэ оскуола оҕолорун үлэни уонна сынньалаҥы дьүөрэлии тутар, хамнас аахсар лааҕырдара үлэлээбит. Кинилэр үүннэрбит оҕуруоттарын аһын: помидору, биэрэһи, кабачогу, тыкваны, моркуобу, сүбүөкүлэни, дыняны уонна араас көрүҥ бэйэлэрэ хомуйбут, хатардыбыт эмтээх отторун номнуо атыылаһан бүтэрбиттэр.
Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолата быйыл сайын бэйэтэ үүннэрбит хортуоскатын, моркуобун, сүбүөкүлэтин атыыга таһаарбыт. Маны сэргэ үөрэнээччилэр, учууталлар сир аһын отону хомуйан, оскуола остолобуойугар биэрбиттэр уонна атыыга аҕалбыттар. Быыстапкаҕа кустары, хаастары аҕалан, дьон-сэргэ сэҥээрдэ.
С.Р.Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах агро-оскуолата бэйэтэ үүннэрбит оҕуруотун аһын быыстапкатын туруорда, атыытын атыылаата.
Бэйэтэ медик үөрэхтээх, дойдубутугар үүнэр эмтээх оттору хомуйан, хатардар дьарыктаах Сардаана Андросова бэйэтэ хомуйбут отторун атыыга аҕалбыт. Ол курдук лабыкта, багульник, тысячелистник, тимэх от, толокнянка, кучу чэй, герань луговой, чага, үөрэ ото, ромашка полевая уонна да араас көрүҥү үргээбит. Маны сэргэ моонньоҕон, дьэдьэн, хаптаҕас сэбирдэхтэрин хомуйан, хатаран атыыга аҕалбыт.
Дьон кэрэхсибилин ылбыт, сайын устата бэйэтэ ииппит кустарын, хаастарын, индюктарын быыстапкаҕа туруорбут Алексей Уваров бу курдук кэпсиир: «Олунньу ыйтан сымыыттарын инкубаторга баттатан ылан үөскэтэбин уонна сайын-күһүн идэһэ оҥостобун. Тыа сиригэр саас-сайын электричество уотун араас албаһынан араарар үгэстээхтэр. Оннук түбэлтэҕэ аккумуляторга холбуубун. Быйыл иккис сылбын иитэбин, 13 көҕөн кус, 8 индюк, бройлер кууруссалар, 8 хаас ииттим. Индюктар биир дьиэ кэргэн курдук иллээхтик-эйэлээхтик олороллор. Арай, хаастарбын тимир сиэккэнэн быыс тардан, туспа тутабын. Кинилэр суостаах көтөрдөр, кыра «бырааттарын-балыстарын» тобулута тоҥсуйан кэбиһиэхтэрин сөп. Кууруссаларым сайын устата тохтоло суох сымыыттаатылар, олус диэн абыранным».
Булун нэһилиэгин «Силис» тыа хаһаайыстыбатын кэпирэтиибин технолога Мария Бурнашова: «Биһиги бүгүҥҥү дьаарбаҥкаҕа сүөһү этиттэн фарш, ис үөрэ, сиир арыы аҕалан атыылаан бүтэрдибит. Олох хамаҕатык атыыластылар, суповой набор диэни аҕалбатах эбиппит дии санаатыбыт. Мантан күһүн сүөһү өлүүтүгэр итини көрүнүүһүбүт», диэтэ.
Онон, дьон-сэргэ тугу наадыйарынан атыылаһан кыһыҥҥы хаһаастарын хаҥаттылар. Ону тэҥэ ырыа-тойук аргыстаах тэттик кэнсиэр көрөн астыннылар.