Иллэрээ сыл Бүлүү улууһуттан кэлэ сылдьыбыт түмэлбит ыалдьытын, педагогическай үлэ бэтэрээнин Ирина Егоровна Петрова туһунан «Таатта» хаһыакка уонна социальнай ситимнэрбитигэр «Тааттаҕа айан» диэн ыстатыйабытыгар сырдаппыппыт. Санатан эттэххэ, кини аҕатынан Чычымах нэһилиэгиттэн төрүттээҕин билэн, аймахтарын булуон баҕарарын туһунан экскурсия кэмигэр кэпсээбитэ. Саһарбыт хаартыскаларынан билэр убайа Софронов Роман Егорович тулаайах хаалбыт бырааттарын Егору, Алексейы уонна балтын Агашаны бадаҕа, сэрии иннинэ Охотскай оройуонун «Медвежка» бөһүөлэгэр көһөрөн илдьэ барбыт. Итинтэн ыла Софроновтар төрөөбүт дойдуларын кытта ситимнэрэ быстар. Ыалдьыттарбытын тугу эмэ биллэхпитинэ, сибээскэ тахсыахпыт диэн эрэннэрэн төлөпүөммүтүн атастаспыппыт.
Сотору куйаар ситиминэн Ирина Егоровнаҕа Софронов Лаврентий Степанович оҕолоро сибээскэ тахсыбыттар. Эһиилги сылыгар Ирина Егоровна кыыһынаан Надеждалыын Чөркөөххө Татьяна Лаврентьевна Жерготова, Ытык Күөлгэ Спартак Лаврентьевич Софронов, Уолбаҕа Дария Лаврентьевна Мончурина, Александра Лаврентьевна Софронова, Чычымахха Мария Лаврентьевна Софронова дьиэ кэргэттэрин кытта билсэн, аймахтарын кытта ирэ-хоро кэпсэтэн ыалдьыттаан ааспыттара.
Онтон бу дьон ханан аймахтыы буолалларын быһааран биэрдэххэ маннык эбит. СӨ Национальнай архыыбыгар «Аллараа Амма. Нижне Амгинский» нэһилиэгин олохтоохторун эрэдьиэстиир икки кинигэ баар. Бастакыта 1926-1927сс., иккиһэ 1927-1928сс.
Бастакы кинигэҕэ 11-ис нүөмэринэн: «Софронов Роман Егорович -23 саастаах. Грамотность: на русском/на якутском; трудоспособный; главное занятие — сельхоз». Кини аллараа аҕата Софронов Егор Алексеевич -68 саастаах, кэргэнэ — Софронова Александра-68 саастаах, оҕолоро: Василий Егорович-17 саастаах, Февронья-11, Павел-7, «восприемный сын» диэн суруллубут.
Салгыы 12-ис нүөмэринэн Софронов Афанасий Егорович -27 саастаах, кэргэнэ Софронова Марфа 23-тээх. Эмиэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар эдэр ыал эбит.
93-үс нүөмэринэн Софронов Степан Егорович -34 саастаах, кэргэнэ Мария — 29-һа, оҕолоро: Лавра уоннаах, Гавриил аҕыстаах, Алексей иккилээх.
Иккис кинигэбитигэр:
473 Софронов Егор Ал. -хозяин, 67, с/х.
474 Софронова Александра жена-67
475 Роман -сын, 22
476 Василий — сын,19
477 Февралья-дочь,12
478 Павел — сын, 9
Аллараа тэйиччи 135-ис ыал латыынныы суруллубут:
479 Sopruonap Okonoohoi-хозяин,27
480 Марфа -жена, 23.
Икки устуруоканан тэйиччи 136-ыс ыал суруллубут.
481 Софронов Степан Егорович — хозяин,32
482 Жена Мария, 31
483 Лавра-сын, 11
484 Гавриил-сын, 8
485 Алексей -сын, 3.
Онон 1926-27сс. Аллараа Амма нэһилиэгин олохтооҕо Софронов Егор Алексеевич биэс уоллаах эбит: Степан, Афанасий, Роман, Василий уонна ииппит уола Павел. Ирина Егоровна эһэтэ Афанасий Егорович уонна эбэтэ Марфа, Спартак Лаврентьевичтаах эһэлэрэ Степан Егорович уонна кини кэргэнэ Мария ыал буолбуттарынан, туспа хаһаайыстыба быһыытынан суруллубуттар. Ирина Егоровна уонна Лаврентий Степанович оҕолоро сыганнар буолаллар.
Өбүгэлэрбит хаалларбыт «көрдөөбүт көмүһү, сылдьыбыт сыыһы булар» диэн мындыр этиилэрэ Ирина Егоровна Тааттаҕа сырыытын чаҕылхай холобура буолар.
Александра Постникова «Таатта» түмэлин пуондаҕа үлэһитэ.