Уруйана.
Анатолий Слепцов: «Айар үлэ — улахан эппиэтинэс»
Тохсунньу 18 күнүгэр киин библиотекаҕа олус истиҥ, ураты ис хоһоонноох көрсүһүү буолан ааста. Ол курдук Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, үс кинигэ: «Аҕаа, кэпсэтиэх» — 2009 с. «Умса бырах, тиэрэ бырах» — 2012 с. «Кустук төрдө» — 2015 с. ааптара. «Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ 3 истиэпэннээх хаһаайына, 2018 с. «Москва» сурунаал бирииһигэр Россиятааҕы кэпсээн күрэҕин кыайыылааҕа (манна 334 кыттааччы кыттыбыт) Бүтүн Россиятааҕы литература бириэмийэлэрин кыайыылааҕа, саха литературатын Россия таһымыгар таһаарбыт прозаик, поэт, идэтинэн быраас, киһи сүргэтин көтөҕөр үтүө мындыр толкуйдаах, киэҥ билиилээх биир дойдулаахпыт Анатолий Игнатьевич Слепцов дьонун-сэргэтин кытары атах тэпсэн олорон, айар үлэтин ырытыһан, кэпсэтэн, сэһэргэһэн барда. Тэрээһиҥҥэ СӨ норуодунай суруйааччыта, поэт, прозаик, СӨ үтүөлээх артыыһа, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Елена Васильевна Слепцова – Куорсуннаах, уран тыл литературнай түмсүү эдэр кэскиллээх суруйааччыта Татьяна Поскачина, уран тыл түмсүү чилиэннэрэ, Таатта улууһун салалтата, Култуура эйгэтин салайар Гаврил Вырдылин, Анатолий Игнатьевич үөрэппит учуутала СӨ туйгуна, бэтэрээн учуутал Раиса Маркова, кини кэпсээннэрин нууччалыы тылбаастаабыт бэтэрээн учуутал Владимир Семенович Андросов, бииргэ үлэлээн ааспыт, алтыспыт дьоно, оҕо сааһын доҕотторо, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна айар дьоҕурдаахтар кэлэн санаа үллэстэн, истиһэн, тэрээһин дириҥ ис хоһоонноох, сэргэх тыыннаах ааста.
Бу бэлиэ күн Таатта улууһун дьаһалтата үөрүүлээх быһыыга-майгыга Анатолий Слепцовка Таатта улууһугар кылаатын, үлэтин иһин мэтээл туттарда, ону тэҥэ хас биирдии ыалдьыт сылаас истиҥ баҕа санаалаах алгыс тылын эттэ.
Анатолий Игнатьевич аан маҥнай мед училищаҕа, онтон салҕыы мединститутка үрдэтинэн, бу олус ыарахан идэҕэ дьаныардаахтык үөрэнэн, икки үөрэҕи кыһыл дипломунан бүтэрбит. Бу кэннэ клиническай ординатураҕа киирэн хирург идэтин баһылаан, дойдутугар кэлэн хирург бырааһынан, онтон отделения сэбиэдиссэйинэн 2016 с. диэри ситиһиилээхтик үлэлээбит. Бу кэмҥэ Мария Афанасьевна Решетниковалыын биир кабинекка үлэлэһэн, кини сабыдыалынан «Араҥас сулустар» литературнай түмсүүгэ киирэр, онтон саҕалаан суруйар дьоҕурун сайыннаран, үлэтин кытары ситимнээн айар үлэтин саҕалаабыт.
2016 с. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыаҕыттан биир даҕаны саха киһитэ үөрэммэтэх үөрэҕэр, дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка Максим Горькай аатынан литературнай институт Үрдүкү литературнай курстарыгар үөрэнэр. Онтон 2018 с. Чурапчытааҕы биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка Ил Түмэҥҥэ депутаты талыыга этии киллэрбиттэригэр туора турбакка, дойдутун туһугар, баҕа өттүнэн кыттар. Бу кэннэ Өймөкөөҥҥө, Үөһээ Дьааҥы, Орто Халыма, Эдьигээн балыыһаларыгар хирург бырааһынан үлэлиир.
2019 с. бастакытын ыытыллыбыт В.К. Арсеньев аатынан «Уһук Илин» Россиятааҕы литературнай күрэх кылгас кэпсээн номинациятыгар кыайыылааҕынан буолар.
2020 с. Саха сирин суруйааччыларын сойууһун туруорсуутунан «Саха сирин култууратын туйгуна» үрдүк ааты ылар.
2021-2023 сылга диэри биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө, өйөбүл буолар сыалтан «Судебно-медицинскай Бюро» Томпотооҕу салаатын бырааһынан үлэлээн Чурапчы, Таатта, Томпо улуустарын судмед эксперт бырааһынан үлэлиир. Онтон 2022-2023 сс. иккитэ Ростовтааҕы байыаннай госпитальга быраас быһыытынан командировкаҕа барар. Элбэх бааһырбыт саллааттары эмтээн, эппэрээссийэлээн, ону тэҥэ СВО-ҕа сураҕа суох сүппүт дьону булууга үлэлэспит. Бу ыарахан кэмҥэ үлэлэһэ сылдьан суруйбут 4 хоһооно Россия суруйааччыларын Сойууһа таһаарбыт «Мы с вами, братья» диэн ааттаах национальнай поэзия антологиятыгар киирэр. Билигин Анатолий Игнатьевич Дьокуускай куоракка ООО «Варикоза нет» — диэн чааһынай клиникаҕа хирург бырааһынан үлэлиир.
Анатолий Слепцов айар үлэтинэн, дойдубут сайдарыгар дьоһун кылаатынан, сахалыы киэҥ толкуйунан, баай тылынан кэлэр кэскилгэ, ытык ыччакка үтүө холобур буолар. Ол курдук, бу тэрээһиҥҥэ кини айар үлэтинэн, ол эбэтэр «Быков мыс» уонна «Честные люди» диэн кэпсээннэринэн «Инникигэ хардыы» НПК-ҕа ситиһиилээхтик кыттыбыт А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй үөрэнээччитэ Алина Сысолятина дьиҥ олоххо буолбут кэпсээннэрин ааҕан, дьоруойдарын уруһуйдаан, бэйэтэ тэҥнээн, ырытан көрбүтүн туһунан үлэтин сырдатта. Ону таһынан, Аита Ефимовна Шапошникова (Москва куоракка А.М.Горькай аатынан литературнай институт доцена) салайыытынан Москуба куоракка литература институтугар, тылбаас салаатыгар оскуола кэннэ киирбит оҕолор этэҥҥэ үөрэммиттэрэ 4 сылыгар барда диэн А.И. Слепцов бэлиэтээн этэр, «манна биллэн турар оҕолорго киэҥ билиини иҥэрэллэр, онон бу оҕолор уһулуччу үчүгэй тылбаасчыт уонна литературнай критик буолан тахсаллара инникитин олус туһалаах буолуо этэ» — диэн баҕа санаатын тиэрдэр. Анатолий Слепцов оҕолуу бүөбэйдээн таһаарбыт айар үлэтин, тус олоҕун, ситиһиитин толору саалаҕа олорооччулар бары даҕаны сэҥээрэ, астына иһиттилэр уонна кини айымньылара дьиҥ суолталаах буолан киһи уйулҕатын таарыйарын бэлиэтээтилэр.
Елена Слепцова – Куорсуннаах.
«Анатолий Игнатьевич биһигини куруук үөрдэ сылдьар киһи, биһиги, биллэн турар, бэйэбит биир дойдулаахпыт буолан, суруйааччы Сойууһа киниэхэ күүстээх ирдэбили туруорабыт. Тоҕо? Таатта улууһа литература үөскээбит дойдута уонна бу Сойууска киирбит киһи, үрдүк таһымнаах, билиилээх буолуохтаах диэн өйдөбүллээхпит, ол иһин аан маҥнай семинарга кэлэригэр балачча күүскэ кириитикэлэммит эмиэ буолуон сөп. Быраас идэлээх хирург сойууспутугар олус элбэх, ол иһин аан маҥнай ытырыктата санаабытым, тоҕо диэн үгүс быраас үлэһиттэр үлэлэрэ олус ыарахан буолан, кэлин кэхтэн хаалаллар. Оттон, бу биһиги Анатолийбыт күүскэ ылсыһан, боччумнаахтык үлэлэһэн, күн аайы аралдьыйаары, аралдьытаары эрэ суруйар буолбакка, олох суруйуу диэн улуу эппиэтинэстээҕин өйдөөн туран, күүстээхтик ылсан, онтон салҕыы Москуба куоракка үөрэнэ барбытыгар, дьэ кырдьык итэҕэйэн киирэн барбыппыт уонна оттон, биллэн турар, Сойууска бары куоластаан управленияҕа күүскэ туруорсан кини бу биһиги кэккэбитигэр Сойууска киирэн турар. Идэтинэн СВОҕа икки төгүл баран үлэлэһэн, көмөлөһөн кэлбитэ. Бу биллэн турар үйэтин тухары ыарахан сүгэһэр буолар эрээри, суруйааччы киһиэхэ, кини айар үлэтигэр билии саппааһа буолар. Анатолий аймньылара кылгастар, тэттиктэр. Былыр итинник кэпсээннэри «Фреска» диэн ааттыыллар этэ. Кини аймньылара инчэҕэй туой буорга ууруллубут фрезкалар курдуктар. Бу кэнники кинигэтин ырытан көрдөххө ис хоһооно биир. Бу биир быраас киһи дууһатын, психологиятын арыйар биир тэттик сэһэнэ диэн этиэхпин баҕарабын. Итилэри бүтүннүү ситимнээн биэрдэххэ, бу айымньылартан биир үчүгэйкээн сэһэн тахсар кыахтаах. Айымньылара барыта сүрдээх дириҥ психологизмнаахтар, урут холобура быраас идэлээхтэр Антон Павлович Чехов курдук улуу сатириктар үлэлээтэхтэрэ ди, онон биһиги Анатолийбыт суорҕан анныгар сытар ыарыһахтар илэ ыарыыларын, бу айымньыларыгар көрдөрөрө уратылаах дии саныыбын. Сүрдээх уустук аймньылар, киһи кини айымньыларын боростуойдук ааҕан баран аһарынан кэбиспэт, тоҕо диэн манна психологическай киһи туругун арыйар айымньылар уонна сүрүн тутааҕа олох суолтатын сүрдээх күүскэ уонна кытаанахтык скальпельынан быһар курдук этэр. «Олох суолтатын билбит киһи, оннук олорбот» — диэн бу сүрдээх дириҥ этии буолар уонна киһи ааҕа олорон, хайдах эрэ дьик гынар, онон «киһи уһаабат» — диэн этиититтэн киһи этэ тардарга дылы буолар. Аны бу аҕа дойду сэриитигэр Толук уобараһын, идеятын сүрдээх үчүгэйдик биэрэр. Онон бу кини аймньыларын киһи ырытан, толкуйдаан туран ааҕар» – диэн Елена Слепцова – Куорсуннаах санаатын үллэстэр уонна Таатта улууһун киин библиотекатыгар: ааҕыҥ, сэргээҥ — диэн саҥа тахсыбыт «Сыгынах күлүгэ» диэн кинигэтин бэлэх уунна.
Түмүккэ, Анатолий Игнатьевич быйыл аҕата – Игнатий Игнатьевич Слепцов, мелодист, артист, режиссер, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС гидрометео сулууспатын туйгуна төрөөбүтэ 100 сыла буолар диэн сырдатта уонна быйылгы 2024 сылга саҥа кинигэ сүрэхтэнэрин, ол эбэтэр кэпсээнинэн роман суруйарга былаанныырын эттэ.
«Айар куттаах, тылга сыстыгас дьоҥҥо баҕарыам этэ, бу Таатта сирэ саха уус уран айымньытын төрдө буоларын өйдөөн, сүрэххэ ыкса тутан, айар аартыкка киирэллэригэр уонна бу айар үлэ диэн, улахан эппиэтинэс буоларын өйдөөн, бу аҥардас чугас аймах эрэ хайҕабылын буолбакка, дьиҥнээх норуот өйдөбүлүн, үгэстэрин ытыктаан, сыаналаан үлэлииллэригэр баҕарыам этэ».
Бу курдук сүрдээх үчүгэй тэрээһини Светлана Игнатьева иилээн-саҕалаан ыытан ис киирбэх көрсүһүү буолла. Инникитин өссө да айымньылаах үлэни баҕарабыт уонна бу курдук тэрээһиннэри күүтэбит.
Күндү Анатолий Игнатьевич, бар дьонун баҕа санааларыгар уйдаран, бэйэ турукка киирэн саҥа кинигэлэри сүрэхтээн, элбэх ааҕааччы кутун тутан, кэрэхсэбиллээх кэпсээннэри, ураты тыыннаах, дорҕоонноох айымньылары бэлэхтии тураргар баҕа санаа бастыҥын тиэрдэбит.