М. Лукачевскай «Триумф» диэн киинэтэ киэҥ араҥаҕа таҕыста. Чулуу бөҕөстөрбүт 1976 сыллааҕы Олимпиадаҕа кыайыылара саха норуотун аар-саарга аатырдыбыт өрөгөйө буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсэнэ туруо. Ол онно бу киинэ уһуллубута көмүс сэргэ кэриэтэ буолуо — чулуу дьоммут ааттарын үйэтитэр айымньы буоллаҕа.
Оператор үлэтэ киинэҕэ ураты тэтими, эрчими биэрбит. Хапсыһыы сытыы, үрдүк күүрүүлээх түгэннэрин бэркэ табан көрдөрдүлэр. Аныгы техника кыаҕын толору туһанан ол хапсыһыылар толору стадионнарга буолбут тыыннара илэ бэриллибит. Онон артыыстар тустууну толору баһылаабыт курдук бэркэ көстүбүттэр. Олимпиадаҕа күүрүүлээх хапсыһыы итэҕэтиилээх.
Улуу тренер Коркин Д.П. майгытын-сигилитин бары сэргиир артыыспыт И. Луковцев бэркэ оонньоон арыйда. Олимпиецтар оҕо эрдэҕинээҕилэрин талааннаах оҕолор олус оҕолуу холкутук оонньоон үөртүлэр.
Ол эрэн киинэ аатыгар ыйыллыбыт өрөгөйү толору арыйбата. Ол төрүөтүнэн хас эмит туспа хайысхаҕа аралдьыйыыттан. Ол курдук, сценарий быһыытынан киинэ Д.П. Коркины кытары бииргэ үлэлээбит К. Постников ахтыытыттан ситим тардар. Киинэ бу К.Постников Коркин туһунан «Күүс кыайарынан, сүрэх баҕатынан…» диэн кинигэтэ тахсыбытынан, «Суруллубут — суоруллубат!» — диэн хабааннаахтык түмүктэннэ. Хайдах эрэ болҕомтону, суолтаны ол кинигэҕэ туһаайыы баар курдук.
Сахаачча туһунан, дьиҥэр атын драма уһуллуон сөп этэ. Төһө да бу эрэллээх хаарыан эдэр тустуукпут быстахха былдьанан саха дьоно хараастан аһыйдар, чопчу бу киинэҕэ Сахаачча туһунан олус элбэх түгэн киирбитэ киинэ сүрүн кирбиититтэн туоратар. Аны туран кырачаан Павлик убайа быраатын мүһэтин былдьаан баран туох да улахан төрүөтэ суох куота-көтө сырытта. Ол тухары туох эмит сонун кэпсэтии, алтыһыы, ини биилэр сыһыаннара, бу убайа Павел Пинигин дьылҕатыгар сабыдыала, дьайыыта көстүбэтэ.
Ол курдук өрөгөйү аҕалбыт бу чулуу үс тустуукпут ис бэйэлэрэ, киһи быһыытынан уратылара киинэҕэ толору арыллыбатах курдук. Бары да билэн олордохпут дии ол Олимпиадаҕа кыайыы өрөгөйүн. Ол эрээри туох-хайдах дьон ол чыпчаалы дабайбыттарай, кинилэр спортка аартыктара хайдах этэй диэҥҥэ эппиэттииргэ сыал турбатах эбит буоллаҕа. Дьиҥэр бу курдук ыйытыктарга хоруй киинэ иитэр-үөрэтэр суолтатын күүһүрдүөх эбитэ буолуо. Бэл спорт эйгэтигэр тэҥҥэ буһа-хата сылдьар дьон, ардыгар, этэллэр эбит этэ дии: «Ол олимпиецтар диэн олоҕу билбэт халлааҥҥа олорор дьон буоллахтара»,- диэн. Онуоха номоххо кэпсэнэринэн Александр Иванов ол үөлээннээҕэр хоруйдаабыт: «Онтон ол халлааҥҥа олорорго, ол үрдүгү сыраҕын-сылбаҕын ууран дабайан тахсыахха наада ээ».
Хайа баҕарар киһини туох эмит түгэн, дьайыы кини дьиҥ туругун көрдөрөр. Дьиҥэр, бу олимпиецтар тустарынан баар үгүс кинигэни аахпыттара буоллар, устааччылар бэрт элбэх көрүдьүөс да, олимпиецтар дьылҕаларыгар дьайбыт үгүс түгэни булан киинэни байытыахтарын сөп этэ. Холобура, ити киинэҕэ Саша Ивановы тоҕо «казах» диэбиттэрин суолта биэрэн чопчулаан киинэҕэ киллэриэххэ сөп этэ. Ол курдук, биир үксүн Александр Иванов онно даҕаны дьонум-сэргэм, доҕотторум туһа диэн бэйэтин иннин хайыммакка хааллаҕа. Кинини Белоруссияҕа ыҥырбыттарын, доҕотторбун холбуу ылбатылар диэн Казахстаннарга бэйэтин ирдэбилин ситиһэн кини хас да доҕоро кинини кытары бииргэ үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэннэр, билигин Саха Сирэ хас эмэ ааттаах-суоллаах тренердэрдээхпит. Ол эрэн Казахстаҥҥа дьарыктаабыт тренерэ көһөн хаалбыт эбит. Ол курдук Александр Иванов тренерэ суох хаалар.
Ол ыраах 1976 сыллааҕы өрөгөйбүт, дьиҥэр, Роман Дмитриев доруобуйатын айгыраппыт улахан балыыр аргыстааҕа. Аан дойду көбүөрүгэр бу курдук атаҕастаныам диэбэтэҕэ чуолкай. Кинигэлэргэ ыйыллыбытынан Роман Дмитриев иккис кыһыл көмүс мэдээли ылыаҕын судьуйалар балыйан туран көмүһү Болгария бөҕөһүгэр Хасан Исаевка биэрбиттэрэ. Ол онно Роман Дмитриев кураанахсыйбыт залга өөр да өр соҥуоран олорбут. Бу түгэни киинэҕэ олус бэркэ көрдөрүөххэ сөп этэ. Үксүгэр эр дьону, буолаары буолан күүстээх-уохтаах эр дьону өрүү бөҕө курдук саныыбыт. Ону баара эр дьон да ардыгар ытыыр эбээт: харах уута, баҕар, тахсыбатын, дууһатыгар ытыыр…
Олимпиецтар бары дойду араас муннуктарыгар араас омук дьонун кытары алтыһан сырыттахтара дии. Ол онно төһөлөөх дьон болҕомтотун тардыах иитэр-үөрэтэр да суолталаах, көрүдьүөс да түгэннэр дэлэй буоллахтара. Бу эмиэ киинэни байытыа хаалбыт.
Бу бэлиэтээһиннэрбин аахсыбатахха, олус сэргэх, тэтимнээх, киһи сүргэтин көтөҕөр киинэ.
А. Ускеева, алтынньы, 2024 с.
Михаил Лукачевскай “Өрөгөй” киинэтин көрөн кэллим, сүрдээҕин сөбүлээтим. Үлэ бөҕө барбыт, барыта толкуйдаан оҥоһуллубут. Олоххо дьиҥ буолбуту устар, ону дьоҥҥо итэҕэтиилээхтик тиэриэрдэр, дьэ уустук дьыала буолуохтаах. Киинэ ис хоһооно, артыыстар оонньууллара, дьүһүннэрэ-бодолоро, быһыылара-таһаалара, күрэхтэһии тыына – барыта табыллыбыт. Маладьыастар!
Аҕыйах түгэҥҥэ тохтоон ыллахха, ити Шахмурадов Олимпиадаҕа кимнээх кытталларын этэригэр биһиги уолаттарбытын кытта Аан дойду ааттаахтарын Владимир Юмины, Леван Тедиашвилины, Виктор Новожиловы, Иван Ярыгины, Сослан Андиевы тэҥҥэ ааттаталаабыта буоллар, бу үс саха өрөгөйүн суолтата өссө үрдүөхтээҕэ хаалбыт. Онтон Пинигин Кизеры кыайан баран трикотун, баттаҕын көннөрүнэрин уонна көбүөр таһыгар быар куустан туран Арамааҥҥа ыалдьа турарын Мэҥкээрэп үүт-үкчүтүк көрдөрбүтүн дьэ сөхтүм, үүт-маас Байбал Байбалынан… Аны Арамаан оҕо эрдэҕиттэн дьиҥнээх лидер буоларын олус табатык ойуулаабыттар уонна тустан бүтэн көбүөртэн тахсан эрэрэ баар ээ, эмиэ туспа шедевр. Киинэни көрө олорон Александр Иванов-Улуу Пехлеван “подковернай интрига” сиэртибэтэ буолбатаҕа буоллар, дьэ кырдьык да Олимпиадаҕа бастыахтаах этэ диэн санаа төбөбүттэн арахпат. Уопсайынан Дмитрий Петрович Коркин, кини кэргэнэ Александра Семеновна, Александр Иванов, кини кэргэнэ Варвара Афанасьевна, Бөтүрүөбүс уҥа илиитэ Константин Сергеевич Постников, Павел Пинигин ийэлээх-аҕата, олимпиецтарбыт оҕо эрдэҕинээҕилэрэ, Сахаачча, Нуустуур курдук биллэр, саха чулуу дьонун уобарастара бэркэ арыллыбыттар. Аны Сеня Попов диэн оҕо тустуунан дьарыктана сылдьыбытын мин саҥа биллим. Бу уол оҕо эрдэҕиттэн чобуо эбит. Толлубакка Бөтүрүөбүскэ киирэн бэрт кэбэҕэстик кыһалҕатын быһаартаран таҕыстаҕа үһү. Бу лэҥкэйбит төбөлөөх уол билигин Тумат диэн аатынан киэҥник биллэр норуодунай суруйааччы. Киинэҕэ Бөтүрүөбүскэ эрчиллэн саҥардыы улахан кыайыылары ситиһэн эрэр эдэркээн уолаттар эдэр саастарыгар суох буолбуттарын туһунан курустук этэн аьардылар. Онно Павел Васильев — Хабарда диэн Союзка тиийэ биллэн эрэр Чурапчы ыччата, бадаҕа аармыйаттан тоннон иһэн, Чита үрдүнэн көтөн иһэр самолету террористар былдьаабыттарыгар (угон) суорума суолламмыта. Уол оҕото көрөн турбатах быһыылаах, бандьыыттары кытта хабыр хапсыһыыга былдьанаахтаабыта.
Онон бу киинэни саха саҥалаах барыта көрүөн наада, ордук эдэр ыччат. Киһи үөрэнэрэ, үчүгэйгэ тардыһара элбэх.
Киинэни көрө олорон мин саха буоларбынан киэн тутуннум уонна кырачаан кыыспынаан уһуннук ытыспытын таһынна олордубут!
АЙЫМ