Кинигэни ааҕыы Аан дойду үрдүнэн киһи сайдыытын таһымын көрдөрөр. Кинигэ киһи киһиэхэ сыһыанын, олоҕу анааран көрөр дьоҕурун сайыннарар.
Оҕону ааҕыыга уһуйуу биир суолунан сааһыгар сөптөөх кинигэни, хаһыаты, сурунаалы истэ, билэ, ааҕа улаатыыта буолар. Манна төрөппүтү кытта оҕо тэҥҥэ ааҕыыта сүҥкэн улахан суолталаах, бииргэ быһаарсан, сэһэргэһэн оҕо өйдөөн хааларыгар улахан көмөлөөх. Кыра сааһыттан остуоруйаны истэ, билэ улаатар оҕо тыла-өһө сайдар, өйдүүр эйгэтэ кэҥиир. Кинигэни таптаан ааҕыы дьиэ кэргэнтэн, үөрэтэр учууталтан олус тутулуктаах.
Ол курдук Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларынан «Туллукчаан» оҕо библиотеката «Ааҕыаҥ – элбэҕи билиэҥ» бырайыагын иитинэн Ытык Күөл оскуолаларын 3 кылаастарын икки ардыларыгар ааҕыы марафонун кулун тутар 1 күнүттэн ыам ыйын 20 күнүгэр диэри ыыта сылдьар.
Марафон сыала-соруга оҕолору библиотекаҕа сырытыннарыы, кинигэни аахтарыы, түмсүүлээх буоларга иитии буолар.
Марафон саҕаланыаҕыттан оҕолору учууталларын, төрөппүттэрин кытары кинигэ уларса таарыйа, экология ыйын чэрчитинэн «Сир – бөҕүнэн туолбут дойду!» диэн кэпсэтиигэ кытыннылар.
Төрөппүттэргэ аатырбыт психолог Юлия Борисовна Гиппенрейтер сүбэлэрэ:

Маҥнайгытынан, кыра оҕо үтүктэн үөрэнэр. Төрөппүттэр кинигэ ааҕар буоллулар да,
кини эмиэ кинигэ тутуурданар. Оҕолордоох ыал хайаан да дьиэтээҕи библиотека тэриниэхтээх. Оҕо библиотекатыгар, нэһилиэк библиотекатыгар сылдьыыны дьиэ кэргэн
үгэһигэр кубулутуохтаах.
Иккиһинэн, киэһэ аайы дорҕоонноохтук ааҕыы дьиэҕэ олохсуйарын ситиһиэххэ, оччоҕо оҕо кинигэҕэ убаныа этэ. Манна кэмин куоттарбат уонна үөрүйэх үөскүүрүн туһугар киэһээҥи ааҕыылары үгэскэ кубулутар ордук.
Бииргэ ааҕан, кэпсэтэн төрөппүт оҕотун үөрэтэр, көмөлөһөр, болҕомтотун тардар, үчүгэйгэ сыһыарар, бииргэ саҥаны-сонуну арыйаллар, бу алтыһыы хаһан баҕарар үтүөҕэ эрэ тиэрдэр.
Киинэлэри, көмпүүтэри, ииһи-ууһу, бүтэн быстыбат дьиэ үлэтин, онтон да атын бары дьарыгы тохтотон, муҥ саатар чаас аҥара аныахха. Оҕо кинигэни кэмигэр тута үөрэммэтэҕинэ, кэлин ытаан да, ыллаан да кинигэҕэ сыһыарбаккын.
Үсүһүнэн, оҕо аахпытын кэпсии үөрэниэхтээх. Былыргылар этэллэринэн, «дьолоҕойугар тохтото, куойатыгар-маҥкытыгар оҕустара» үөрэнэр, ону кытта билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта күүһүрэр.
Төрдүһүнэн, оҕо кыра эрдэҕинээҕи кэпсиир үөрүйэҕэ хаҥнан хаалбатын ситиһиэххэ. Уһуйааҥҥа уонна алын кылааска кэпсэтэн бодоруһуу, дорҕоонноохтук саҥаран хоруйдуур балачча туттуллар. Кыра кылаас оҕотугар сөбүлүүр улахан киһитэ муҥутуур холобур.
Бу киһи эппитин оҕо хайаан да толорорго дьулуһар. Ол да иһин ааҕыыга улахан болҕомтону уурар учуутал, төрөппүт оҕото ааҕар буолар.
Былыргылар этэллэринэн, «саҥа — диэн таһыччы умнуллубут эргэни ааттыыллар»
(хорошо забытое старое).
Онон ааҕааччыны кытта үлэ уруккуттан биллэр көрүҥнэрэ сөргүтүллүөхтэрэ. Ол курдук,
ааҕыы дневниктэрин толорторуохха уонна тиһигин быспакка хонтуруоллуохха, оҕо библиотекатыгар элбэхтик сырытыннарыахха, оччоҕо үөрэнээччигэ куоталаһар санаа киириэ, онтон сыыйа-баайа ааҕыы культурата үөскүө.
Урукку советскай кэмҥэ оскуола оҕотун ааҕыынан 100% хабыы ирдэнэрэ бэркэ үлэлиир этэ. Тоҕо диэтэххэ ити ирдэбил оскуола иннигэр эмиэ туруоруллар этэ.
Ордук кыра уонна орто сүһүөх кылаас учууталлара ааҕыыга улахан болҕомтону ууралларын түмүгэр ааҕыыны доҕор оҥостор оҕо элбэх этэ. Билиҥҥи да оҕолор библиотекаҕа сылдьалларын сөбүлүүллэр: манна бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэллэр, доҕордоһоллор, оонньууллар, кинигэ сурунаал ойуутун да доҕордуун көрөр ордуга биллэр. 1-дэ, 2-тэ кэлиэхтэрэ, онтон сыыйа-баайа атахтара бара үөрэниэ этэ. Төрөппүт, учуутал эрэ өйүөн наада.
Билигин кинигэни компьютер ыган таһааран эрэр диибит да, ис дьиҥэр кинигэ ааҕыыта
информация ылыынан эрэ мунурдаммат. Энциклопедияны көрүү, справочнигы ааҕыы хайдах да дьиҥнээх ааҕыы буолбат. Оҕо уус-уран айымньыны хайаан да ааҕыахтаах. Дьэ, бу эрэ ааҕыы — олоххо оҕо өйүнсанаатын уонна дууһатын сөптөөхтүк иитии (воспитание детского ума и сердца) буолар.
Биллиилээх нуучча суруйааччыта, педагога Владимир Одоевскай этэн турар: «оҕо аҥардас
бэйэтэ кинигэттэн элбэҕи сатаан билэ үөрэммэт. Манна киниэхэ быһааран биэрэр салайааччы наада, кини көмөтүнэн аахпыт кинигэтин ис хоһоонун өйдүү уонна толкуйдуу үөрэнэр».
Үс сүрүн салайааччы: дьиэ кэргэн, оскуола, библиотекаоҕо тула ааҕар эйгэни тэрийээччилэринэн буолаллар.
Биһигини кытта бииргэ үлэлиир учууталларбытыгар, төрөппүттэргэ махталбытын тиэрдэбит. «Туллукчаан» оҕо библиотекатыгар мэлдьи күүтэбит, ыҥырабыт!

С.Т. Кычкина, «Туллукчаан» оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ.

 

Читайте дальше