Алексей Иванович Кладкин (1911-1948) Дьиэбэгэнэ нэҺилиэгэр Амыдай алааска төрөөбүтэ. 1932 с. «Сокольников күүһэ» холкуоска киирбитэ. Күүстээх-уохтаах, кыайыгас-хотугас биир бастыҥ үлэҺит этэ.
Күҥҥэ 10 куб. маһы сүгэнэн кэрдэн саҺаанныыра. Сэттэ киһилээх биригээдэни салайан 15 хонукка 50 ынах, 40 торбос киирэр хотонун туттарбыта. Ааллаах Yүҥҥэ колхуоһун дьонун салайан таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта. 1935-40 сылларга илиинэн от охсуутугар биир күн 4-5 гааны охсон оройуоҥҥа киэҥник биллибитэ. 27 саастаах Өлөксөй 1938 с. от ыйын 26 күнүгэр Дьаам анныгар Дьуойа атаҕар бытыгырас дулҕалаах сиргэ 5 га 16 суотайы охсон, күннээҕи былаанын 700 % толорбута, оройуоҥҥа от охсуутугар рекорд олохтообута. Бу рекорд 85 сыл устата куоһарылла илик. Хотуурун Чыраапчык ууска «Көмүс туура» хотуурдары салҕатан оҥорторбут.
Алексей Иванович Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ 1942 с. ыҥырыллан саас Охотскайтан барбыта. 1944 с. бааһыран төннөн кэлбитэ.
Биир уол оҕолоох. Уола Алексей Алексеевич Кладкин тракторист идэлээх. Кини Тааттаҕа Харбалаах бөһүөлэгин тутуспут, комсомол путевкатынан үлэлии кэлбит Иванова В.В. кэргэн ылбыт. 1969 с. кэргэнин дойдутугар хоту Ɵлөөҥҥө олохсуйан, 7 уол, 1 кыыс оҕолонон-урууланан улуу от охсооччу утума салҕанар.
«Чөркөөх» кинигэ 2-с туомуттан, 68 стр. ылылынна.
Автор: А.Неустроева