(Суруйааччы Василий Васильевич Яковлев айар үлэтигэр бэлиэтээһиннэр)
Ааҕааччы биһирэбилин ылбыт прозаик
Саха биллиилээх суруйааччыта, ааҕааччыларга умнуллубат классическай айымньылары айан хаалларбыт Василий Васильевич Яковлев баара эбитэ буоллар, баараҕадыйар тоҕус уон сааһын бэлиэтиэх эбит.
Сыл-хонук түннүгүнэн элэс гынар чыычаах кэриэтэ ааһа көтөрүн, үксүгэр өйдөөбөккө хаалаҥҥын, хойутаабыт хомолто хоботун тыаһатыах курдуккун. Литэрэтиирэни таптааччы, уус-уран айымньылары ааҕааччы элбэх курдугун иһин, Василий Васильевич курдук саха литэрэтиирэтигэр уһулуччу бэлиэтэниэн сөптөөх, кылбар кыайыытынан, сэмэй ситиһиилэринэн тэҥнээҕэ суох, классик-суруйааччы «Өрүстэр кирбиилэригэр», «Уот иитиитэ», «Кэрэхтээххэ» арамааннары, «Сардаҥа ардаҕа» сэһэни, уонунан кэпсээннэри, бөлүһүөктүү санаалардаах хоһооннорун кэлим ырытыы суоҕун кэриэтэ. Арай кириитик идэлээх Егор Петрович Шестаков – Эрчимэн, чинчийээччи-суруйааччы Семен Андреевич Попов – Тумат, учуонайдар Данил Тарасович Бурцев, Борис Николаевич Попов, бу строкалар автордара аҕыйах ыстатыйалары суруйан бэчээттэтэн тураллар.
Василий Васильевич литэрэтиирэҕэ «Өрүстэр кирбиилэригэр» арамааны суруйан, аҕырымнаан турбут тыа сирин тиэмэтин ураты буочардаах, сонунтан сонун идиэйэлэрдээх айымньытынан ааҕааччы сүргэтин көтөхпүтэ, кутун туппута. Бу уустук уус-уран айымньы күн сирин көрүүтүгэр саха биллиилээх суруйааччыта, сир түннүгэ, иччилээх тыл-өс кистэлэҥин баһылаабыт, айар үлэ абылаҥнаах маастара Николай Максимович Заболоцкай – Чысхаан дьоҕурун, талаанын ууран көмө-ньыма, сүбэ-ама буолбута бэрт элбэҕи көмөлөспүтэ. Арамаан маҥнай «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэниэҕиттэн ыла, ааҕааччы биһирэбилин ылбытын бэлиэтиир наадалаах.
Кэскиллээх тыын кыһалҕалары көтөхпүтэ
Суруйааччы тыа сирин оччотооҕу олоҕун кырдьыктаахтык, итэҕэтиилээхтик арыйан көрдөрбүтэ дьону-сэргэни кэрэхсэтиэн кэрэхсэтэр. Онно, биллэн турар, дойду киин куораттарыгар ситиһиилээхтик үөрэнэн, төрөөбүт дойдуга элбэҕи, саҥаны киллэрэр, тыа сиригэр уларыта тутуу өрөбүлүүссүйэтигэр тэҥнээх, үлэни-хамнаһы наука төрүттэригэр олоҕуран, салайыы, дьаһайыы ньымаларын утумнаахтык олоххо киллэрии этэ. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх эдэр специалистар баараҕай хамсааһыннарын үлэ-хамнас дьоно үрдүк өрө көтөҕүллүүнэн, үөрүүнэн өйөөбүттэрэ. Ол да иһин кинилэр көмүскэ тэҥнээх идиэйэлэрэ баһыйар үксэ олоххо киирбитэ, салгыы үлэтин кэҥэтэригэр эркээйилээх суол аһыллыбыта.
«Өрүстэр кирбиилэригэр» диэн роман идеята, омос ааҕыыга диэн суруйар Эрчимэн, «билиҥҥи кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатын наука ситиһиилэригэр олоҕуран салайыыга эрэ туһуламмыт курдук. Дьиҥинэн, итиниэхэ сыһыаннаах боппуруостары суруйааччы буолбакка, тыа хаһаайыстыбатын специалистара быһаччы уонна ордук ситиһиилээхтик көтөҕөр, олоххо киллэрэр кыахтаахтар. Кырдьыга даҕаны, роман сүрүн геройдара ити боппуруостары сорунуулаахтык туруораллар. Ол туһугар туруулаһан охсуһаллар. Дьэ, ити иһин «Өрүстэр кирбиилэригэр» роман өссө кинигэнэн тахса илигинэ, Чурапчыга буолбут ааҕааччылар конференцияларыгар киэҥ кэпсэтии, дьүүллэһии буолбута. Дакылааты райсовет исполкомун оччотооҕу председателэ Степан Гаврильевич Охлопков оҥорбута. Кини ромаҥҥа тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи кэминээҕи тирээн турар боппуруостара олоччу кэриэтэ таарыллан ааһаллар диэн астынан туран бэлиэтээбитэ» [1,c.57].
Василий Васильевич оройуону уунан хааччыйыыга элбэх сыратын биэрбит инженер-мелиоратор. Ол курдук кини бырайыагынан Чурапчыга 19 гидротехническай тутуулары ыыппыта, саҥа күөллэри үөскэппитэ. Холобур, Мугудайга Буоратай, Кытаанахха Лоскуй, Болтоҥоҕо Чуораайыттаҕа уу систиэмэтин, ити тутууларга Чурапчы эбэтин эбэн кэбис. Баараҕай тутуулар, кэскиллээх бырайыактар, үйэлээх үлэлэр. Норуот суруйааччыта Сэмэн Тумат бэлиэтээбитин курдук, «Мелиорация диэн тыл биһиги литературабытыгар Василий Яковлев аатын кытта бииргэ киирбитэ» [2,c.114].
1978 сыллаахха Василий Васильевич Саха сиригэр хоту баар Хотун өрүскэ ГЭС тутуутун туһунан «Уот иитиитэ» арамааныгар саха ыччата көхтөөх кыттыыны ылара ойууланар. Арамааҥҥа улахан тутуу барыыта сиһилии кэпсэнэрэ кэрэхсэбиллээх. Саха ыччата техническэй рабочай идэлэри баһылааһыннара олоххо толору киириэн сөптөөҕүн суруйааччы бэлиэтиир.
Манна суруйааччы нуучча дьонун көмөлөрүнэн уонна тус бэйэлэрин уҕараабат дьулуурдарынан, кыһамньыларынан саха уолаттара уонна кыргыттара үлэ кыһатыгар буһан-хатан тахсаллар. Василий Васильевич бэйэтин эдэр геройдарын төлкөлөрүнэн эрчимнээх үлэ, рабочай идэлэри кыһамньылаахтык баһылааһын – бу гражданскай ытык иэс буоларын итэҕэтиилээхтик арыйан көрдөрөр.
Суруйааччы эдэр дьон үлэлэрин-хамнастарын эрэ ойуулааһынынан муҥурдаммакка, баараҕай тутуу ыччатын олоҕун-дьаһаҕын, уолаттар уонна кыргыттар икки ардыларыгар үөскүүр сыһыаннаһыылары толору көрдөрөргө кыһаллар. Онон, Василий Яковлев «Уот иитиитэ» арамаана баай ис хоһоонноох уонна дириҥ проблематикалаах айымньы.
Ситиһии сиэтиилээх айымньылара
Аныгы интеллигенция туһунан Василий Васильевич «Сардаҥа ардаҕа» сэһэнигэр наука эйгэтигэр уларыйа турар утарсыылар тустарынан уустаан-ураннаан ойуулуур. Бу айымньы Улуу Октябрьскай революция 50 сыла туолуутугар биллэриллибит республикатааҕы литературнай куонкуруска иккис миэстэни ылбыта. Манна суруйааччы космофизиктэр дьоһуннаах үлэлэрин дириҥник хорутан сэһэргиир. Холобур, дойду Судаарыстыбаннай бириэмийэлэринэн бэлиэтэниилэрин, АХШ космофизик-учуонайдар наукаҕа ситиһиилэрин куоһаран уонунан сылларынан кыайа-хото инники күөҥҥэ сылдьыыларын таарыйан ааһар.
Василий Яковлев «Тэҥҥэ кырдьыбыт тэҥкэ тиит» айымньытынан 40-с Москватааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин Гран-При лауреата «Тойон Кыыл» («Царь-птица») киинэ сценарийа суруллубута уонна киинэ быһыытынан ситиһиилээхтик көрөөч-чүлэр биһирэбиллэрин ылбыта.
Ураты истииллээх бөлүһүөк-суруйааччы
Василий Васильевич кэпсээннэрэ сэһэнниҥи формалаахтар. Бу кэпсээннэр түмүллэн «Тыа салгына» кинигэҕэ киирбиттэрэ. Манна «Санааны ситтэххэ», «Салгын сии», «Миэстэ аналынан», «Быстах түбэлтэ», «Буурай от», «Кэһэтэрим буолуо», «Көмүү», «Айымньы умсулҕана», «Мээчик», «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит», «Олох-дьаһах очумаастара», «Киһи бэйэтин туһугар кытта сэриилэһэр» кэпсээннэр хас биирдии бэйэлэрэ проблемалаахтар, ураты көрүүлээхтэр, сорохторун кылгас сэһэннэргэ киллэриэххэ сөптөөх. Саха литэрэтиирэтигэр учуонай Гавриил Ксенофонтович Боескоровтан ураты кэпсээннэри литэрэтиирэ жанрын быһыытынан ырытыы кэлин оҥоһулла илик.
Суруйааччы бүтэһик айымньыта «Кэрэхтээххэ» арамаана «Бичик» кинигэ кыһатыгар күн сирин көрбүтэ. Манна тыа сиригэр совхоз тутула киллэрбит уларыйыыларын туһунан сиһилии сэһэргиир.
Түмүктээн эттэххэ, классическай айымньылардаах бөлүһүөк-суруйааччы Василий Васильевич Яковлев мутугунан быраҕар муҥур үйэтэ үөһэ мэҥэ халлаантан уоттаах сулус суулларын курдук кылам гынаат сүппүтэ. Ол эрээри муҥурун булларбат проблемалары туруорбут «Өрүстэр кирбиилэригэр», «Уот иитиитэ», «Сардаҥа ардаҕа», «Кэрэхтээххэ», «Тыа салгына» айымньыларын, «Утары саһарҕа кыыһар» бөлүһүөктүү ис эйгэлээх хоһооннорун эргитэн, саҥалыы ааҕан, сыаналыыр, ааҕааччыга тиэрдэр кэмэ кэллэ.
Егор Гаврильевич Винокуров,
философия наукатын кандидата, доцент.