“Таатта” хаһыат улуус олоҕун сырдаппыта, оройуон устуоруйатын сурукка тиспитэ, нэһилиэнньэни үтүөҕэ, ситиһиигэ көҕүлээбитэ, маассабай үлэни тэрийбитэ 85 сыл буолбут.
Бу бэлиэ түгэҥҥэ биир идэлээхтэрин ыҥыран, кулун тутар 21-22 күннэригэр бэртээхэй бырагыраамалаах тэрээһиҥҥэ сырытыннардылар.
Тыҥ хатыыта уһуктан, халлаан суһуктуйуута куораттан турунан, күнү көрсө айаннаан, Чурапчыга диэри аспаал суолунан начаас элэҥнэтэн, ытык Таатта кыраныыссатыгар сарсыарда 9 чааска ыраахтан-чугастан тоҕуоруһа муһуннубут.
Ыалдьыттары тыаралаһар уруйдуу көрүстүлэр. Алгысчыт Сергей Кладкин сырыыбыт сатанарыгар, сытыы бөрүөбүт сыппаабатыгар баҕаран, аман тылынан алҕаата, аал уотун алаадьылаах кымыһынан күндүлээтэ.
Норуот маастара, хара ииһи сөргүппүт Изабелла Элякова Ааллаах Үүн таһаҕасчыттарын таҥаһын үтүгүннэрэн тикпит кэллиэксийэтиттэн тирии-түү кэмпилиэктэри кэппит аттаах дьон айаммытын киэргэттилэр.
Улуус бастакы бөһүөлэгэр Кыйыга тохтоон, Өксөкүлээх Өлөксөй оҕо сааһа манна ааспытын туоһулаан, грант үбүнэн пааматынньыктаах сквер оҥорторбуттарын кэрэхсии көрөн, сүдү киһибит мэҥэ бэлиэтигэр сибэкки дьөрбөтө ууран, сүгүрүйэн аастыбыт.
Чөркөөх биһигини куолакал тыаһынан көрүстэ. Онуоха суруналыыстар, бэйэбитигэр чугаһатан, Герцен 1857 сыллаахха таһаарбыт “Колокол” диэн бастакы революционнай хаһыатын саныы биэрдибит. Чахчыта да, сурук-бичик таҥара дьиэтиттэн тарҕаммыта, кырдьыга да, сонун-илдьит чуораан чугдаарарын тэҥэ дуорааннаах, ыраахха иһиллэр уратылаах.
Чөркөөхтөөҕү историко-этнографическай комплекс дириэктэрэ Михаил Протодьяконов түмэл тэриллибит устуоруйатын билиһиннэрдэ.
– 1977 сыллаахха Суорун Омоллоон бу кураанах сиргэ политсыылынайдарга анаммыт түмэли, судаарыстыбаттан биир да үбү-харчыны ылбакка, норуот сомоҕо күүһүнэн тэрийбитэ. Бу сахалар үөрэх-билии тарҕаныытыгар сүҥкэн өҥөлөөх судаарыскайдарбытыгар махталбыт бэлиэтэ буолар. Ол курдук, манна көһөрөн аҕалбыттара – саха тылдьытын оҥорбут Пекарскай, саха култууратын үөрэппит Трощанскай, саха олоҕун суруйбут Короленко, саха оҕолоругар оскуола аспыт Ионов олорбут дьиэлэрин. Аны туран, билигин сөҕө саныыгын, социализм муҥутаан сайдан турар кэмигэр таҥара дьиэлэрин сөргүппүттэрин. Дьэ, хорсун быһыы. Инньэ гынан сүтээри гыммыт архитектурабытын үйэтиппиттэрэ. Холобура, Носовтаах, Поповтаах уруһуйдарынан сирдэтиннэрэн, ураһаны дьиҥнээх ирдэбилинэн бастаан манна туппуттара. Аал Луук мас эмиэ аан бастаан манна анньыллыбыта. Туора Күөл Булгунньахтаах алааһыттан сууллан сытарын тиэйэн аҕалан туруорбуттара. Инникини өтө көрөр улуу Суорун устуоруйабыт кэрэһиттэрин кэнчээри ыччакка харайан хаалларбыта тугунан да кэмнэммэт сүдү суолталаах. Матырыйаалынай баайбытын тутан хааламмыт, билигин былыргы малы-салы, тэрили, таҥаһы-сабы үөрэтэн-чинчийэн, төһөлөөх элбэх уустаах, иистэнньэрдээх буоллубутуй?
Ити тыллары бигэргэрдии, Изабелла Элякова Өймөкөөн сылгыһыт далбар хотуна Сардаана Громоваҕа тигэ сылдьар таҥаһын көрдөрдө.
Бу мусуойга уһуннук үлэлээбит Изабелла Жерготова быраҕыллан турбут, сылгы-ынах сөрүүкүүр буолбут, сотору кэминэн сууллан түһэн, суох буолуохтаах устуоруйабыт пааматынньыктарын Суорун Омоллоон быыһаан ылбытын бэлиэтээн туран, 1912 сыллаахха аанын аспыт Ньукуола таҥаратын дьиэтэ “в целях исцеления императора” диэн куоһур тыллаах буолан, синод көҥүлүн уонна өйөбүлүн ылан тутуллубутун кэпсээтэ. 1927 сыллаахха саҥа былаас куолакалын тууран, көтүрэн испитин, Ойуунускай: “Тыытымаҥ, дьон көлөһүнэ”, – диэн тохтоппут эбит.
Тааттаҕа политсыылынай Всеволод Ионов 1893 сыллаахха аспыт оскуолатыгар киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Лидия Аргунова Өксөкүлээх “Сайын кэлиитэ” поэматынан туруорбут тифло-испэктээгин баайыылаах харахтаах туран иһиттибит.
Салгыы Муҥха Дэлбэрийбит алааска тиийэн, Ойуунускай олорбут балаҕанын, Маппыайабыс учууталга үөрэммит оскуолатын көрдүбүт.
Устуоруйа кэрэһиттэрин сөргүтэр үлэҕэ норуот дьокутааттара кыттыһаллара үтүө холобур буолар. Виктор Лебедев Ойуунускай балаҕанын өрөмүөннэппит уонна Таатта үрэҕи туоруур күргэни туттарбыт. Оттон Прокопий Рахлеев сынньанар сири оҥорторбут.
Ыалдьыттарга Чөркөөх норуодунай тыйаатырын артыыстара нүөмэр бэлэмнээбиттэр. Мариетта Бондарева уонна Прокопий Решетников Ойуунускайдаах Өкүлүүн тиһэх көрсүһүүлэринэн дьүһүйүүлэрэ барыбытын уйадытта.
Суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ Е.Филатова-Сыгыйык Ойуунускайга бэйэтэ айбыт, Михаил Прохоров аҕата суруйбут анабыл хоһооннорун аахтылар.
Василий Дорофеев уонна Влада Дьяконова “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” олоҥхоттон, оскуола үөрэнээччилэрэ Айхал Поисеев уонна Санаайа Филатова “Оҕо куйуурдуу турара” айымньыттан толордулар.
Хадаайыга литературнай-художественнай түмэлгэ сылдьан баран, улуус баһылыга Айаал Бурцевтыын “Тойон Сүбэҕэ” көрүстүбүт, сарсыныгар суруналыыстардыын пресс-кэмпириэнсийэ буолла. Манчаары оонньууларын сырдатыыга, Тааттаҕа туризмы сайыннарыыга идиэйэлэр этилиннилэр, ыччаты сахалыы саҥардыыга үлэ күүскэ ыытыллыахтааҕын, суруйааччылар кинигэлэрин бэчээттээһин. о.д.а. туһунан кэпсэттибит.
Түмүгэр улуус эрэдээксийэлэрин сүрүннүүр “Сахабэчээт” тэрилтэни кытта бииргэ үлэлэһиигэ Сөбүлэҥ түһэристилэр.
Алампа “Тыл сытыйбат, сыттаммат, сурук сууйуллубат, суодайбат” диэн этиитинэн тосхолломмут сэминээргэ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр Галина Им, Маргарита Егорова, Ольга Макарова уонна идэтийбит суруналыыс Анисия Иевлева маастар-кылаас ыыттылар.
“Сахамедиа” генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Чокуур Гаврильев “Таатта” хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэринэн баай буолан, ис хоһооно өрүү сонунун, сырдатар тиэмэтэ киэҥин, ааҕааччылара элбэҕин бэлиэтээтэ,
Өрөгөйдөөх чааһыгар араас кэмҥэ үлэлээбит эрэдээктэрдэр – Ольга Корякина-Умсуура, Семен Неустроев уонна Анна Посельская – үһүөн тахсан тыл эттилэр.
Ольга Николаевна Корякина-Умсуура (1993-1996 сс.):
-Мин хаһан да салайан көрбөтөх киһи, хаһааҥҥыттан эрэ үлэлиир киһи курдук, иллээх кэлэктиипкэ киирэн хаалбытым. Эрэдээксийэ хас биирдии киһитэ аһылларыгар, сүрэҕэ туохха сытарынан айарыгар-тутарыгар кыах биэрбитим дии саныыбын. Буҕаалтырым Клара Архиповна Байбаллыкова олох юрист курдуга. Кинилиин альтернативнай сурутуу диэни тэрийбиппит. Онон син дохуоттанан, харчы суох кырыымчык кэмигэр бэркэ дьаһанан олорбуппут. Ол оннугар айар үлэнэн дьарыктанарбар бириэмэ тиийбэт этэ, онон баҕа өттүнэн уурайан, айаары-тутаары, Дьокуускайга көспүтүм.
Семен Васильевич Неустроев (1996-2004 сс):
-Мин эрэдээктэрдиир кэммэр эрэдээксийэ матырыйаалынай-тиэхэньиичэскэй өттө тупсубута. “Таатта” хаһыат өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан офсетнай бэччээккэ көспүтэ. Ол бэчээттиир тэрилбитин Чехияттан атыыласпыппыт. Оччолорго улуус салалтата, тэрилтэлэр эрэдээксийэни саҥа тиэхиньикэнэн хааччыйыыга олус көмөлөһөллөрө, принтер, көмпүүтэр эҥин биэрэн. Ону куруук махтана саныыбын.
Билиҥҥи туругунан саамай уһуннук, ол эбэтэр 16 сыл эрэдээктэрдээбит киһинэн Дмитрий Павлов буолар. Кинини куоһаран эрэр, быйыл хаһыат 85 сылыгар үлэлээбитэ 15 сылын туолбут Анна Посельская:
-Норуодунай суруйааччы Сэмэн Тумат устуоруйа өйдөбүллэрин уонна өйөбүллэрин туһунан санааны сахта. Мин өйөбүллэрбинэн Таатта улууһун ытык кырдьаҕастара этилэрэ : М.П. Прокопьева, А.Р. Рахлеева, Е.Д. Андросов, М.С. Петрова, П.Н. Меккюсяров, Н.С. Миронов уо.д.а. Кинилэр алгыстарынан учуутал идэлээх киһи айар эйгэҕэ бэриниилээхтик үлэлээн кэллим.
“Таатта” хаһыат урукку тутулун, үгэһин, уратытын сүтэрбэккэ тутан кэлбит буолан, биһиги бүгүн кэм ситимин бигэргэтэр тэрээһиҥҥэ олорон, үлэлээн ааспыт үтүөкэн дьоммутун ахтабыт: Н.П. Голиковы, Д.Н. Павловы, А.А. Морхоеваны, Е.Г. Шаринаны уо.д.а. Эрэдээксийэнэн сүбэлэһэн баран, саамай үлэлиир үгэнигэр сылдьан, эдэр сааһыгар олус хомолтолоохтук барбыт Николай Филатов аатынан бириэмийэни олохтуурга быһаарынныбыт. Тутуу тиэмэтин сырдатар кэрэспэдьиэннэргэ куонкурус түмүгүнэн туттарар буолуохпут. Бастакынан бу бириэмийэни ылар чиэскэ тиксэр – Уус Алдан “Мүрү саһарҕата” хаһыатын суруналыыһа Афанасий Копырин.
Хаһыаты, сурунаалы таһынан, эрэдээксийэ дьоһуннаах кинигэлэри бэлэмнээн таһаарара хайҕаллаах. Маннык киэҥ далааһыннаах үлэни кыайа-хото тутар Анна Константиновнаҕа улуус баһылыга А.С. Бурцев “Таатта улууһун сайдыытыгар кылаатын иһин” III степеннээх бэлиэни туттаран, толору кавалер буолла. Итини сэргэ А.К. Посельская СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин Махтал суругунан наҕараадаланна.
“Таатта” хаһыакка өрүү суруйар уонна көмөлөһөр дьоҥҥо инновация министиэристибэтин аатыттан Роза Павлова, “Сахабэчээттэн” Валентина Бочонина, “Сахамедиаттан” Чокуур Гаврильев, Суруналыыстар сойуустарыттан Галина Бочкарева, улуус дьокутааттарын сүбэтиттэн Петр Захаров, култуура салалтатыттан Гаврил Вырдылин уо.д.а. Махтал суруктары туттардылар.
Сарсыҥҥы күнүгэр бачча кэлбиччэ Баайаҕаҕа баран, Мандар Уустуун көрсөн, суруналыыстар тутум үрдээн, духуобунай эйгэлэрэ өссө байан, билиилэрэ-көрүүлэрэ хаҥаан, суруйарга матырыйаал хомуйсан, аны 5 сылынан үбүлүөйгэ өссө көрсөр санаалаах айар айаҥҥа туруннулар.
Суруналыыстар сырыыларын сырдатта Анисия Иевлева.
Ааптар түһэриилэрэ. Сорох хаартыскалар “Таатта” социальнай ситимиттэн.