Култуура сонуна: хомурахха хоммут хоһооннор

Биир дойдулаахпыт, суруйааччы, бэйиэт, артыыска Елена Афанасьевна Филатова — Сыгыйык «Хомурахха хоммут хоһооннор» хомуурунньугун биһирэмэ буолла. СӨ суруйааччыларын сойууһун правлениетыттан Г. Басылайканова, К. Маркова кыттыыны ыллылар.
 
Маны тэҥэ «Чурапчы айар-суруйар эйгэтэ» түмсүүттэн Р. Корякина — Хотууна, Тааттатааҕы кииннэммит библиотекаттан, «Уран тыл» улуустааҕы түмсүүтүттэн С. Игнатьева, С. Андросова, З. Санникова ыалдьыттаатылар. Маны тэҥэ Октябрьскай нэһилиэк айар түмсүүлэрэ «Көһөҥө ситим», «Дьээбэ- дьиибэ» тэттик театра, олохтоох ааптардар «Иэйии түһүлгэтэ» түмсүүлэр, норуот тыйаатырын артыыстара, «Сайдыс» оҕо бөлөҕө поэт хоһооннорун толордулар санааларын атастастылар.
Суруйааччы И.Д. Лукачевскай — Силис хомуурунньук хоһооннорун сиһилии ырытыытын кэлбит дьон сэргээн иһиттилэр. Елена Филатова айар үлэтэ суруйуунан муҥурдаммакка сцена нөҥүө бар дьонугар тиэрдэр  чаҕылхай уобарастара кини талба талаанын туоһута буоларын биһирэм сэһэргэһии толору арыйан, мустубут дьон астыннарда. Олохтоох  дьаһалта, нэһилиэк бастыҥ общественнигын үрдүктүк сыаналаан «Октябрьскай нэһилиэк социальнай- экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэнэн наҕараадалаата. Улуус Баһылыга А.С. Бурцев Бочуотунай Грамотата туттарылынна.СӨ суруйааччыларын сойууһун правлениетын үрдүкү наҕараадатын Г.Г. Басылайканова эҕэрдэлээн туран туттарда. Нэһилиэк общественнай түмсүүлэрэ,  аймахтара,  бииргэ үлэлиир, алтыһар доҕотторо эҕэрдэ истиҥин анаатылар, махтал тылларын эттилэр, бэлэхтэри туттардылар.
Елена Филатова — Сыгыйык айар үлэтигэр анаммыт биэчэри журналист П. Татаринова хомоҕойдук салайан ыытта. Истиҥ иэйиилээх киэһэ ырыанан, иһирэх кэпсэтиинэн түмүктэннэ.
Н.Н.Туласынов аатынан НАДь, норуот тыйаатыра.

Читайте дальше