Кулун тутар 10 күнэ — Россияҕа архыып күнэ

Оруобуна бу күн (эргэ стилинэн олунньу 28 күнүгэр, билиҥҥи стилинэн кулун тутар 10 күнүгэр) 1720 сыллаахха Бүөтүр I ыраахтааҕы «Генеральнай регламент эбэтэр Устаап» диэн государственнай аактаҕа илии баттыыр. Бу докумуон быһаарыытынан дойдуга государственнай салалтаны тэрийэр олуктар олохтоноллор, государственнай былаас бары уорганнарыгар архыыптар тэриллэллэр уонна актуариус диэн государственнай дуоһунастар баар буолаллар. Бу Ыйаах Россияҕа государственнай архыып сулууспатын үлэтин саҕалыыр докумуонунан буолбута.

Федеральнай архыып сулууспатын коллегиятын 2003 сыллаах кулун тутар 5 күнүнээҕи быһаарыытынан, кулун тутар 10 күнэ архыып үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарын күнүнэн буолар. Архыып сулууспата государство баар буолуутун мэктиэтинэн буолар, ол туоһутунан Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланаатын кытта, ССРС-ка арҕаа куораттарга, уобаластарга баар архыыптары Россия киин, илин уобаластарыгар көһөрбүттэрэ. Таатта оройуонугар государственнай архыып Үлэһиттэр депутаттарын Сэбиэтин 1958 с. олунньу ый 22 күнүгэр «Оройуоҥҥа архыып салаатын тэрийэр туһунан» 735 №-дээх уурааҕар олоҕуран тэриллибитэ (ТМА. 1. Ф. 1.Уо. 99 Дь. 52.53.Ил.). Уураахха этиллэринэн, бу дьыл тохсунньу ыйтан оройуоҥҥа государственнай архыып салаатын уонна биэс киһиттэн састааптаах экспертнэй комиссияны тэрийэргэ диэн ыйыллыбыт. Муниципальнай (государственнай) архыып «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон (Таатта оройуонун депутаттарын Сэбиэтин) биир салаата буолар. Улуус, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр историяларын кэрэһэлиир, үйэ-саас тухары хараллар докумуоннар сылын аайы тэрилтэлэргэ бэрээдэктэнэн, илиистэрэ нүөмэрдэнэн, докумуоннара тигиллэн, уопустанан, уопустара СӨ Культураҕа уонна духуобунай сайдыыга Министерствотын экспертиир-бэрэбиэркэлиир комиссиятыгар көрүллэн, бигэргэнэн, муниципальнай архыыпка туттарыллан иһиэхтээх. Экспертиир-бэрэбиэркэлиир комиссия сөбүлэҥинэн, муниципальнай оройуон баһылыгын бигэргэтиитинэн улууспутугар барыта 29 тэрилтэ муниципальнай архыыпка докумуоннарын туттарар тэрилтэлэр испииһэктэригэр киирэр. Тэрилтэ ахсын делопроизводство уонна архыып үлэтин тэрилтэ салайааччытын дьаһалынан (бирикээһинэн) анаммыт тэрилтэ хас салаатыттан биирдии чилиэн киирэн, бэрэссэдээтэл ананан, экспертнэй комиссия салайар. Маны таһынан, тэрилтэ аайы делопроизводствоҕа уонна архыыпка эппиэттээх специалист үлэни сүрүннүүр. Тэрилтэлэр делопроизводство уонна архыып үлэтигэр нормативнай-методическай докумуоннары (дьыалалар номенклатураларын, делопроизводство инструкциятын, экспертнэй комиссияларын, архыыптарын балаһыанньаларын) оҥорон, республика экспертиир-бэрэбиэркэлиир комиссиятыгар бигэргэттэрэн, ити докумуоннарга олоҕуран үлэлииллэр.

Саҥа 2019, 2020 сс. Росархив бигэргэппит нормативнай-методическай докумуоннарыгар олоҕуран, докумуоннарын толору саҥардан, экспертиир-бэрэбиэркэлиир комиссия сөбүлэҥин, бигэргэтиитин бу ааспыт сылларга улууска барыта 11 эрэ тэрилтэ ааста. Бу докумуоннары үлэҕэ сүрүн докумуон оҥостон, тэрилтэ докумуоннарын бэрээдэктээн, тигэн, илиистэрин нүөмэрдээн докумуоннарын толору уонна бириэмэтигэр биир эрэ тэрилтэ-Дьарыктаах буолуу киинэ (сал. Дарбасова Н.Г., эппиэттээх специалист Андреева К.Н.) Таатта муниципальнай архыыбыгар туттарда. Докумуоннарын бэрээдэктиир, уопустуур үлэни кэлиҥҥи сылларга Таатта лесничествота ыытта, ааспыт сылга 304 докумуоннарын уопустара республика экспертиир-бэрэбиэркэлиир комиссиятыгар бигэргэннилэр. Таатта муниципальнай архыыба 2023 сылга биирдиилээн гражданнар уонна тэрилтэлэр 326 социальнай-правовой запростарын толордо. Ити иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа Федерациятын биэнсийэҕэ уонна социальнай страховкаҕа пуондатын салаатыттан «Випнет» программа дьыала почтатынан 201 запрос киирэн регистрацияланна уонна хоруй бэрилиннэ. Киирбит запростартан 269 запроска муниципальнай архыыпка баар докумуоннарга олоҕуран, сөптөөх хоруй бэрилиннэ. Онтон 57-гэр докумуон, информация суоҕунан аккаастанна.

Социальнай-правовой запростары толоруунан муниципальнай архыып кылаабынай архивиһа Мария Ефимова дьарыктанар. Маны таһынан, улуус, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр историяларыгар 22 тематическай запростар толорулуннулар. Сэттэ запрос дьиэ-кэргэттэр төрдүлэрин-уустарын үөрэтиигэ ананна, 24 улуус историятын чинчийээччи 47-тэ муниципальнай архыыпка сылдьан, 311 докумуону туһанан дьарыктанна.

Чинчийээччилэр муниципальнай архыып докумуоннарын туһанан, араас ис хоһоонноох кинигэлэри таһаардылар, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей үөрэнээччилэрэ сыл аайы ыытыллар араас таһымнаах конференцияларга кытыннылар. Биллиилээх общественнай-политическай деятель, республика бастакы салайааччыта, сахалартан бастакы учуонай П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах быыстапкаҕа муниципальнай архыып барыта 11 докумуону, хаартысканы улуус краеведческай музейыгар көрдөрүүгэ туруорда. Манна муус устар 11 күнүгэр 1937 с. буолбут П.А. Ойуунускай кыттыылаах оройуон депутаттарын Пленумун боротокуола дьон болҕомтотун тарта.

Үгүс көлүөнэ ыччаты түмпүт Ленинскэй Комсомол тэриллибитэ 105 сылыгар аналлаах тэрээһин быыстапкатыгар муниципальнай архыыпка харалла сытар докумуоннары, альбомнары көрөн, комсомуол бэтэрээннэрэ оҕо-эдэр саастарын санаан сэргэхсийдилэр, үөрдүлэр. Сыл устата барыта 429 киһи архыып информациятынан туһанна. Архыып докумуоннарын электроннай көрүҥҥэ киллэриигэ «АИСЭЛАР» программаҕа 509 дьыала уопустартан угулунна.

2023 сылга СӨ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистиринэн, «Таатта улууһа» муниципальнай оройуон баһылыгынан бигэргэммит үлэ былаана толорулунна. Улуус, өрөспүүбүлүкэ Архыыбын пуондатын харайар, улуус историятын, олохтоохторун туһунан сыаналаах информацияны түмэр муниципальнай архыып туһааннаах сокуоннар уонна быраабылалар ирдэбиллэринэн таас дьиэҕэ туруохтаах. Өрөспүүбүлүкэ аҕыйах хоту улуустарын кытта Таатта муниципальнай архыыба эрэ, билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттээбэт дьиэҕэ-уокка үлэлиир. Россияҕа 2004 с., Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2008 с. тахсыбыт «РФ архыып дьыалатын туһунан», «СӨ архыып дьыалатын туһунан» Сокуоннарга олоҕуран, архыып дьыалатыгар үлэ ыытыллар. Ааспыт 2023 сыл бэс ыйын 13 күнүгэр Росархивынан бигэргэммит «Государственнай уорганнарга, бэйэни салайыныы уорганнарыгар уонна тэрилтэлэргэ РФ Архыыбын фондатын докумуоннарын уонна атын архыып докумуоннарын хараллыыларын тэрийии, бэрээдэктээн туттарыы, учуоттааһын, туһаныы Быраабылаларынан» салайтаран, улуус тэрилтэлэрэ, салайааччылара докумуоннаргытын кичэллээхтик харайыыга, учуоттааһыҥҥа, туһаныыга уонна муниципальнай архыыпка туттарар үлэни тэрийиигэ кыһаллыахтаахтар. Бу үлэ түмүгэр дьиэ кэргэн, тэрилтэ, нэһилиэк, улуус историята үйэтитиллэн, кэлэр кэнчээри ыччакка, дьонун-сэргэтин көрүүтүгэр, билиитигэр уонна бу докумуоннарга олоҕуран ыытыллар үлэ улуус, республика сайдыытын эркээйитэ буолалларын умнуо суохтаахпыт.

Лариса Слепцова, муниципальнай архыып сэбиэдиссэйэ.