Мин хараҕым ыалдьар буолан ый аайы Дьокуускайга киирэн эмтэнэбин. Онон суол-иис хайдаҕын син биллим диэххэ сөп. Аара айаннаан иһэн көрдөххө Чурапчы кыраныыссатыгар диэри суолбут икки өртүгэр хаппыт мас элбэҕэ киһини сөхтөрөр. Аҕыйах сыллааҕыта шелкопряд диэн үөн үөскээн, тыабытын сиэбитин өйдүүбүт. Оннооҕор ыал олбуорун иһигэр баар олордуу мастары сиэбитэ. Тыаҕа отоннуу сырыттахха үрдүгэр шелкопряд «пос» гына үөһэттэн түһэр буолара. Ити үөн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥник тарҕаммытын эмиэ билэбит. Ол эрээри айаннаан иһэн көрдөххө, Таатта сиригэр-уотугар эрэ тыабыт олус киэҥ сиринэн куурбут-хаппыт курдук көстөр эбит. Аны икки сылынан Ытык Күөлгэ «Манчаары оонньууллара» ыытыллыахтаах. Туох тутуулар ыытыллаллара барыта өрөспүүбүлүкэ былааныгар киирэн бигэргэнэн турар. Хас эмэ тыһыынчанан спортсменнар, уонунан тыһыынча араас сиртэн ыалдьыттар кэлэллэрэ күүтүллэр. Онно дэриэбинэлэрбит ырааһыран, араас тутууларынан киэркэйэн, ыалдьыттары көрсөргө бэлэм буолуохтаахпыт эрэйиллэр. Дьэ, манна айаннаан иһэр ыалдьыттарбыт аспаалламмыт суол устун долгуйбакка айаннаан иһэн тула өртүлэрин көрөн, дьикти кэрэ сайыҥҥы айылҕаттан астынан, Ытык Күөлү булуохтаахтар. Арай биир суол мөкү көстүү айанньыт настарыанньатын буортулуон сөп. Ол тугуй? Ол суол икки өртүгэр куура хаппыт мас элбэҕэ киһини сонньутар. Куурбут маһы ыраастыыр үлэ хайаан да ыытыллыахтаах эбит. Бу үлэ кыаллыан сөп дии саныыбын. Ол курдук хас биирдии нэһилиэк бэйэтин территориятыгар киирэр суол кытыытынааҕы хаппыт мастары субуотунньугунан ыраастыан сөп. Лесхоһу кытта тыаны ыраастыырга дуогабар түһэрсэн, өссө харчы ылыахха сөп буолуо. Манна олохтоох кырдьаҕастар, үрдүкү кылаас оҕолоро да, кыттыыны ылыахтарын сөп ээ. Элбэх киһи саба түһэн үлэлээтэҕинэ кыаллар дьыала дии саныыбын. Баҕарыахха, сыал-сорук туруорунуохха эрэ наада. Бу билигин оруобуна сөптөөх күннэр тураллар. Хомуйбут маһы бөх тоҕор сиргэ тиэйэн илдьэн уматыахха сөп. Дьэ, оччоҕо кэлбит ыалдьыт Таатта сирэ-уота кырдьык да кэрэ дойду эбит, аатырыан- аатырар айылҕалаах, сураҕырар улуу дьоннор төрөөн-үөскээн, айан-тутан ааспыт дойдулара эбит диэн өйдүүн-санаалыын өрүкүйэн, үөрэн-көтөн барыах этилэр. Киһи өйө-санаата күннээҕи настарыанньаттан эмиэ тутулуктааҕын умнумуоҕуҥ.
Бу үлэ кыаллыа дуо? Кыаллыа диэн бүк эрэнэбин.
М.С.Андросова, Ытык Күөл олохтооҕо.