Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Биһиги нэһилиэстибэбит» күрэс кыайыылааҕа, Бүтүн Арассыыйатааҕы Уһук Илин уокуругар «Норуот үгэһэ» номинация Кылаан бирииһин хаһаайына «Күн Чөмчүүк» норуодунай фольклорнай ансаабыл тэриллибитэ номнуо 10 сыла буолбут.
Эдэрдии эрчимнээх «Күн Чөмчүүк» фольклор ансаамбыла 2013 сыллаахха муус устар 5 күнүгэр 5 киһи састааптаах тэриллибитэ. Билигин кэҥээн, фольклорунан дьарыктаныан баҕалаахтар мустан, сайдан, тупсан ансаабылларыгар 13 буолбуттар.
Бастакы холонууларын Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майа сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар саҕалаабыттар. Манна кинилэр хомус тардан «Айархаан» этно бөлөх (сал. А.Дегтярева) кэнниттэн иккис миэстэни ылан олус үөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн кэлбиттэр. Ол кэннэ саҕаламмыт кинилэр сахалыы ырыалара-тойуктара, кэрэ иэйиигэ куустуһуулара. Сылын аайы буолар Олоҥхо ыһыахтарыгар олус ситиһиилээхтик кыттыылара. Ол курдук, быйылгы Туймаада ыһыаҕар «Дьүрүскэн куолас» күрэс саамай сүрүн бирииһин «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын ылан, үөрүү үктэллээх, кыайыы өрөгөйүн туппуттара.
Онтон «хайдах ансаабылгытын ааттаатыгыт” диэҥҥэ «бары дьиэ кэргэн ийэлэрэ, күн күбэй ийэлэрэ буоламмыт «Күн” диэн аат барыбытыгар киирбитэ. Онтон салгыы арааһынай тыллар киирбиттэрэ эрээри биир “Жемчуг” диэҥҥэ иҥнэн, бу тылы «Чөмчүүк” диэни саха тылдьытыгар көрөн, сөбүлээн “Күн Чөмчүүктэрэ” буолар эбиппит диэн, биир тылга киирбиппит» — , дииллэр ансаабыл кыргыттара.
«Фольклор ансаабыла буоларбытынан көстүүмнэрбитин ырыабытыгар, тойукпутугар түбэһиннэрэн, кэнники саас кэрдииһинэн тиктэрэ сатыыбыт. Бастакы көстүүммүтүн Анфиса Большакова эскиистээн, тигэн биэрбитэ”-, диэн кэпсииллэр кыргыттара.
2022 сыл Култуура нэһилиэстибэтин уонна норуот искусствотын сылыгар анаммыт “Биһиги нэһилиэстибэбит” бэстибээл түмүктүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүтүгэр “Фольклор” номинацияҕа кыайаннар, Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ 450 тыһ. солкуобайынан наҕараадалаабыт. Ол харчыларынан ансаамбыл бары кыттыылаахтарыгар сахалыы бууктаах сону кытары хороох дьабака тиктэрбиттэр. Таҥастарын эскииһин СӨ уус-уран оҥоһукка маастара М.В. Степанова оҥорбут, тигиитин Таатта эдэр иистэнньэҥэ С.А. Старостина, дьабака түүтүн В.Н. Собакина тикпиттэр.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Култуура» национальнай бырайыагынан айар кэлэктииптэргэ грантовай бырагырааманы аныыр. Ол сүнньүнэн, бу дьыл муус устар ыйга Бурятия өрөспүүбүлүкэтин Улан Үдэ куоратыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы айар кэлэктииптэр бэстибээл-куонкурустарын Сибиир уонна Уһук Илин уокуруктарын хабар II-с түһүмэҕэ буолан ааспыта. Манна саха сириттэн 5 кэлэктиип кыттыбытыттан Таатта улууһуттан «Күн Чөмчүүк» фольклор норуодунай ансаамбыла талыллыбыта. 20 бастыҥ кэлэктиип иһигэр киирэн, Бурятияҕа Саха өрөспүүбүлүкэтин аатын көмүскээн, кыайан-хотон, ситиһии үктэллэнэн, дойду бэрэсидьиэнин 2 мөлүйүөн солкуобайдаах гранын тутан, үөрүү өрөгөйүн билбитэ, бырайыакка Саха сиригэр өтөрүнэн кэлбэтэх кыайыыны аҕалбыта.
Кинилэр саха омугун баай-талым таҥаһын-сабын – бууктаах сон, түүлээх дьабака, кылыгырыы тыаһыыр үрүҥ көмүс симэх, дьүрүһүйэр хомус, кылыһахтыыр кырыымпа тыастара кэлбит ыалдьыттары сөхтөрбүттэрэ. Ыраах тымныы Саха сириттэн күннүү күлүмнээн, сулустуу чаҕылыйан, сүрдээх дьоһуннаахтык кыттыбыттара.
«Күн Чөмчүүк» фольклор норуодунай ансаамбылын салайааччыта Сахаяна Колодезникова:
— Биһиги Бурятияҕа “Олоҥхо дойдутун туойабын” композициянан норуот ырыатын сэргэ олоҥхолоон доллоһутан, тойуктаан, туойан, көтөр-сүүрэр саҥатын, айылҕа тыаһын үтүктэн, хомуһунан дьүрүскэнинэн, оһуохай тойугунан кыттыбыппыт. Санаабытын ситиспиппит, өрөспүүбүлүкэбит аатын араас омук ортотугар чиэстээхтик көмүскээбиппит диэн үөрүүбүт муҥура суох. Ансаамбылбыт быйыл норуодунай ааты ылбыта, бу кыайыыбыт тэриллибиппит 10 сылыгар дьоһун бэлэх буолла диэн сыаналыыбыт. Гранмытынан 5 устуука кырыымпаны норуот маастара Дмитрий Чиняновка оҥотторон ыллыбыт. Үбүлүөйдээх «10 сыл бииргэ» диэн дьоро киэһэбитигэр саха төрүт инструменынан кырыымпанан оонньоон дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаарыахпыт.
Бу күннэргэ, алтынньы ый 16 күнүгэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка Уһук Илин уонна Сибиир уокуругу Бурятия, Алтай, Тува, Камчатка норуодунай ансаамбылларын кытта дьоһуннаахтык бастыҥ ансаабыл аатын көмүскүү бараары сылдьаллар, кинилэргэ үрдүк ситиһиини баҕарабыт.
Саха төрүт култууратын үйэтитэр, киэҥ эйгэҕэ саха төрүт инструменнарын, муусукатын, ырыатын-тойугун сайыннарын, тарҕата туруҥ.
Елена Слепцова.