Уруйана.
Сахам ыала алаһа дьиэҕэ ытык эйгэни олохтоон,
күөх отунан хааман, айылҕалыын алтыһар,
Сахам ыала оҕо-уруу төрөтөн, киһи аймаҕы
тэнитэн, дьоллоох олоҕу түстүүр аналлаах.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылы дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Бу быһаарыы дьиэ кэргэни өйүүргэ, бары өттүнэн көмүскэллээх буоларын хааччыйарга туһуламмыта саарбаҕа суох. Улахан болҕомто ордук элбэх оҕолоох ыалга ууруллар.
Биһиги ыалдьыттарбыт күн санаалаах Егоровтар дьиэ кэргэн. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга саха эркин Уолба уола Владимир кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыстыгас буолан, киһи кыайбатаҕа суох диэн санаанан сиэттэрэн, сахалыы сэмэйдик эттэххэ, сатабыллаах маастар. Кини дьиэ малыттан саҕалаан дьиэ тутуутунан дьарыктанан, дьон хайҕабылын ылар. Ыал улахан оҕото барыга эппиэтинэстээх, куруук сүүрэн-көтөн элбэх дьыаланы биирдэ оҥорор. Уолба орто оскуолатыгар 8-с кылааска диэри үөрэнэн баран, спортка көрдөрүүтэ үчүгэй буолан, чэгиэн, чэбдик буоларга дьулуһан Амма улууһугар спортивнай оскуолаҕа үөрэнэ барар. Онтон ситиһиилээхтик бүтэрэн, сыал-сорук туруорунан Чурапчытааҕы спорт үөрэҕэр киирэр. Үөрэҕин бүтэрэн 2008 с. физкультура учууталынан ананан, үлэтин саҕалыыр. Бу курдук үлэһит киһини үлэ сырсар дииллэринии оҕо эйгэтигэр үлэлээн-хамсаан эдэр уол эрчимнээхтик үлэ үөһүгэр түһэр. Онтон кэлин сөбүлүүр дьарыгын сайыннарар сыалтан, чааһынай тэрилтэ арынан, тутуу биригээдэтин тэринэн, элбэх ыалы саҥа дьиэлээн, үтүөнү үксэтэр. 2018 сылтан саҕалаан ОДьКХ тэрилтэтигэр оператор идэтин баһыйар. Бу курдук аҕа баһылык саҥаны арыйа, үлэттэн толлубакка, оҕолорун, кэргэнин тапталларыгар уйдаран, туруоруммут сыалын ситиһэн, сүрүҥ күүһүрдэн, кэргэнин истиҥ санаатынан күүстээхтик сайдыы суолугар үктэнэр.
Онтон ыал ийэтэ – дьиэ кэргэн туллар тутааҕа Ньургуйаана эмиэ ыал улахан оҕото буолар. Үөрэххэ-билиигэ тардыһыылаах кыыс кыра сааһыттан ырааҕы-киэҥи толкуйдаан, сыал-сорук туруорунан, ылыммыт дьыалатын тиһэҕэр тиэрдэр хаачыстыбалаах. Кини кэрэ эйгэҕэ тардыһан, үҥкүү абылаҥар уйдаран, кылыыҥкай оҕо үҥкүү ансамблыгар дьарыктаммыт. Манна биэс сыл тухары үөрэнэн, Ф.С.Аргунов аатынан оҕо искусствотын оскуолатын туйгуннук түмүктүүр. Оскуолаҕа сылдьан оҕо психологиятын интэриэһиргээн 2010 сыллаахха ХИФУ-га педагогическай салааҕа киирэн, үрдүк үөрэх кыһатын 2015 сыллаахха кыһыл дипломунан бүтэрэр. Устудьуоннуу сылдьан үҥкүүтүн аргыс оҥостон, бальнай үҥкүүнэн дьарыктанан, ситиһиитэ үксүүр.
Үөрэҕин баһыйан, ийэлии эйэҕэс, намчы дууһалаах буолан, оҕолору кыра саастарыттан бүөбэйдээн таһаарар баҕаттан, төрөөбүт улууһугар «Туйаара» оҕо саадыгар тутатына үлэлии киирэр. Бу эйгэҕэ үлэлээбитэ быйыл тохсус сыла. Сылын аайы саҥа сүүрээҥҥэ үөрэнэн, олох тэтимин кытары оҕо сайдыытыгар араас бырагыраамалары үөрэтэн, үлэтигэр туһанар. Үс оҕолоох ыал ийэтэ, хаһан баҕарар, туохха барытыгар быыс көстөр диэн үлэтигэр сөбүлүүр дьарыгын туһанан «Танцуют все» диэн бырайыак арынан кырачаан иитиллээччилэрин уонна бииргэ үлэлиир кыргыттарын үҥкүүгэ уһуйар. Бу курдук күн бүгүнүгэр диэри үҥкүүнү кытары алтыһа, ансаамбыл тэринэн, үҥкүү туоруоран, араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Онон сөптөөх идэни талан, үлэтин сайыннарыыга өссө да үлэлэһэр былааннаах. Ийэ буолан алаһа дьиэтин араҥаччылаан, дьиэ ис туругун оҥорон, минньигэс аһылык астаан, оҕуруонан дьарыктанан, бастыҥ хаһаайка буолан, дьиэ кэргэнин уйгулуур саха Далбар Хотуна буолар. Ньургуйаана хайа да ийэҕэ үтүө холобур, кини эдэрин көрүмэҥ, бэйэтин сааһыгар мындыр толкуйунан, олоххо тардыһыытынан киһини сөхтөрөрө элбэх. Аныгы үйэ ийэтэ буолан дьиэ-уот эрэ сүпсүлгэнигэр баттаппакка, бары өттүнэн сайдарга дьулуһар.
Сахалыы тыыннаах эдэр ыал ураты эйгэтэ тутатына биллэр. Бу дьиэҕэ истиҥ сыһыан, таптал долгуна уйдарар.
Кинилэр билсиһиилэрэ да ураты кэпсээннээх. Ол курдук биир бириэмэҕэ, биир чааска, харахтарынан хайҕаһан, утары хардарсан ааһаллар, нууччалыы этэллэрин курдук «любовь с первого взгляда» хабан ылар. Өр өтөр буолбакка Владимир сүрэҕин этэрин ылынан, эр хаанын киллэрэн утары көрсөн кэпсэтэн саҕалыыр. Эдэркээн кыыс маҥнайгы ыраас таптала этиҥ этэринии эмискэ, соһуччу, эрээри нарыннык, истиҥник кэлбитин долгуйа сэрэйэр. Онтон ыла доҕордоһон, ыллык устун хаамаллара элбээн, умнуллубат сайын ааһа охсор. Ол эрэн бу дьикти сайын икки эдэр сүрэҕи холбоон, таптал уотун күөдьүтэн, олохторун остуоруйатын тиһэн саҕалыыр.
Бу курдук 2014 сылга саҥа ыал күн сирин көрөр. Сыыйа кыталык кыргыттары, олоҥхоҕо кэпсэнэр соҕотох бухатыыр уолчааны төрөтөн ийэ, аҕа буолар дьолу билэн, дьиэ туттан, киэҥ унаар буруо таһааран, мас олордон остуоруйалыы олоҕу арыйан, дьикти алыптаах түгэни кырачааннарыгар аныыр туһуттан, күн бүгүн үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар. Бу буоллаҕа дии дьоллоох оҕо саас биһигэ. Оҕолорун олоххо бэлэмнээх буолалларын туһугар аһаҕастык кэпсэтиһэн, хайҕаһан, оҕо бэйэтин баҕатынан сайдарыгар араас куруһуоктарга сырытыннаран, бэйэлэригэр эрэллээх киһи буолан тахсалларын туһугар ыкса үлэлэһэллэр.
Элбэх оҕолоох ыал буолан биллэн турар судаарыстыба көмөтүнэн ийэ хапытаалын уонна эдэр дьиэ кэргэн бырагырааматын туһанан 2022 сыллаахха дьол уйатын туттан киирэллэр.
Оҕо ситиһиитэ – төрөппүт үөрүүтэ
Улахан кыыстара Каролина А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй 3-с кылааһын үөрэнээччитэ, ийэтин курдук үҥкүүнэн сөбүлээн дьарыктанар уонна флейта инструменыгар оонньуур. Ону тэҥэ Спорт да өттүгэр Республикаҕа бочуоттаах миэстэтэ үгүс. Аны туран, дьиэтигэр даҕаны туһата олус элбэх, ыал улахан оҕото буолан аҕа-ийэ сүрүн, тутаах көмөлөһөөччүтэ буолар. Ыал соҕотох, мааны уолчаана, эрэнэр эркинэ Максимка маҥнайгы кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэр, уол оҕо буолан аҕатын курдук успуорду сэҥээрэн араас күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Онтон ураты, сэдэх ааттаах, кэтэһиилээх кыысчаан — Ева «Туйаара» оҕо саадын иитиллээччитэ.
Быйыл саҥа үүммүт дьиэ кэргэн, Оҕо саас, ону тэҥэ Эрэл, Таптал, Итэҕэл сылыгар Егоровтар дьиэ кэргэн биир санаанан салайтаран, биир сыаллаах, биир көрүүлээх буолан, олох оҥхойдорун туораан олорбуттара, номнуо үбүлүөйдээх 10 сыллара түбэстэ. Онон сахам ыалыгар ураты, бэлиэ сыл үүннэ.
Эдэр ыал үтүө, кэрэ баҕата, үүнэ сайда турдун
Ыал ийэтэ аан маҥнай оҕо көрөн олорор кэмигэр бэйэтэ иитээччи идэлээх буолан биир кэм оҕолорун сайыннарар туһунан толкуйдуур эбит. Ол курдук, оҕо көрөн олорор кэмигэр, быыс хайаҕас булан, аан маҥнай оҕо бырааһынньыктарын тэрийэргэ үлэлэһэр. Мультик геройдарын толкуйдуу охсон, көстүүм тигэн, ыҥырыынан сылдьан көрү-нары ыытар. Онтон, биир үтүө күн, оҕолор кыһыҥҥы кэмҥэ дьиэҕэ өр олороллорун туһуттан, эт-хаан өттүнэн сайыннарар сыалтан, дьиэ иһигэр батар кыракый батут ылыналлар. Бу кыракый батуттарын тутан оҕолор үөрүүлэрэ үксүүр, ону тэҥэ Аҕа, Ийэ сүрэҕэ сылаанньыйар. Инньэ гынан, бу кырачаан батуттара элбэх толкуйу биэрэр. Онтон 2019 сылтан эдэр ыал кыралаан сүбэлэһэн, сөбүлэһэн кэрэни кэрэхсии, үчүгэйи үксэтээри оҕо-аймах оонньуур усулуобуйатын оҥороору, үлэлэрин быыһыгар дьүккүөрдээхтик ыра санааларыгар түһүнэллэр. Таатта улууһугар дьиэ-кэргэн, оҕо-аймах тоҕуоруһа мустан оонньуур, сынньанар, сүүрэр-көтөр миэстэтэ баар буоларын туһугар үлэлэһэллэрэ олохтоохтору үөрдэр. Бу чахчы улахан кыһалҕа. Төрөппүт хайа да дьыл кэмигэр оҕотун аралдьытыан, оонньотуон, сайыннарыан баҕарар.
Онтон Егоровтар дьиэ кэргэн Таатта улууһун оҕолорун бүтүннүү хабар сыалтан, дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээри күүскэ ылсан үлэлииллэр. Ол курдук сыыйа кэҥээн, тэнийэн сайынын ыһыахтары кэрийэн, кыһыҥҥы каникулга үлэлээн, төрөөбүт күннэри киэргэтэн оҕо-аймахха кэрэ бэлиэ күнү анаан тохтоло суох хамсанан бараллар. Быйылгы кыһыҥҥы каникулга Таатта нэһилиэктэригэр уонна аан бастакытын Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгэр үлэлээн кэллилэр. Владимир кэргэнин бары өттүнэн өйөөн, эппит санаатын ылынан утары хаамар, бу буоллаҕа дии дьиэ кэргэҥҥэ саамай сүрүн суолтата. Хайа да түгэҥҥэ бииргэ өйөһөн-өйдөһөн, бигэ тирэхтээх биир тэҥник дабайыы. Онон Егоровтар дьиэ кэргэттэрэ сөптөөх кыһалҕаны таарыйан, кырачаан норуот бары өттүнэн сайдар киинин арыныахтара диэн бигэ эрэллээхпит.
Инникитин Сахам ыалыгар баҕарыам этэ ситиһии аргыстаах тэтимнээх үлэни, алаһа дьиэҕит оҕо саҥатынан туолан, уруйдана-айхаллана туруохтун!