Быыстапка-тэрээһинГлавноеЖизнь в районахИнтересноеНовостиСахалыыФоторепортаж Күн сири сылытар, үлэ киһини киэргэтэр um-redactor 03.11.23 12:33 Бу сыл сэтинньи 2 күнүгэр Чөркөөххө Былатыан Ойуунускай аатынан суударыстыбаннас музейыгар «Күн сири сылытар, үлэ киһини киэргэтэр» диэн ааттаах быыстапка-тэрээһин ыытылынна. Быыстапка-тэрээһин Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан уонна уһулуччулаах биир дойдулаахпыт П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө буолла. Урукку сылларга, өссө Алексеевскай оройуон эрдэхпитинэ, кырдьаҕас Чөркөөх «Таатта» совхоз биир бөдөҥ киинэ этэ. «Таатта» совхозка түөрт отделениелааҕа, үлэ-хамнас, кэлии-барыы ньиргийэн олороро. Бу сылларга аһаҕас халлаан анныгар турар, билигин аар-саарга аатырар Чөркөөх музейын совхоз төһүү үлэһиттэрин чэрдээх илиилэринэн тутуллан оҥоһуллан, биир дойдулаахпыт Былатыан Ойуунускай сырдык аата тиллиитэ, кини үбүлүөйдээх сылларын үрдүк таһымҥа, дойду суруйааччыларын түмэн ыытыллар улахан ыһыахтар, тэрээһиннэр барыта буолан ааспыттара. Онон кэм кэрдии устан ааспытын иһин, үлэлээн-хамсаан, айан-тутан хаалларбыт дьоммут-сэргэбит сырдык мөссүөннэрин санатан, биир сиргэ түмэн кинилэргэ аналлаах быыстапка-тэрээһин тэрилиннэ. Бу күн билигин биһиги ортобутугар баар ытык мааны ветераннабыт, «Таатта» совхоз салайааччылара, туруу үлэһиттэрэ кэлэн быыстапканы көрөн, тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар. Быыстапка аһыллыыта урукку совхоз кыстыкка киириитин санатан салайааччылар дакылааттарыттан, президиумҥа ыҥырыыттан саҕаланна. Оччотооҕу кэм курдук кыайыылаах-хотуулаах үлэһиттэр ааттара, былаан туолуута барыта этилиннэ. Быыһыгар урукку агитбиригээдэни санатан Чөркөөхтөөҕү Н.Н.Тулааһынап аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрэ кыттыылаах эҕэрдэ ырыалара, хоһоонноро сэргэхситтэ. Ол курдук, «Таатта» совхозка кылаабынай зоотехнигынан үлэлээбит Р.Р.Богатырев: «Урукку сылларга совхозпут саамай маяк үлэһиттэригэр П.А.Ойуунускай уонна А.Д.Богатырев аатынан бириэмийэлэри туттарар этибит, билигин Октябрьскай нэһилиэк эмиэ маннык бириэмийэни олохтуура буоллар», — диэн баҕа санаатын эттэ. Олохтоохтор дьоннорун-сэргэлэрин кэриэстээн кинилэри санатар малларын, хаартыскаларын, ситиһиилэрин көрдөрөн быыстапкаҕа кыттыстылар. Ол курдук манна көрүөххэ сөп П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэни ылбыт, «Таатта» совхоз биир бастыҥ доярката А.Р.Варламованы, А.Д.Богатырев аатынан бириэмийэнэн наҕараадаламмыт, пятилетка кыайыылаах механизаторын П.П.Полускины, Октябрьскай нэһилиэк бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга үлэлээбит Т.Г.Мордосованы, бастыҥ көрдөрүүлээх сылгыһыты Х.А.Яковлевы, биир дойдулаахпыт, үрдүкү салайар үлэҕэ үлэлээбит, Булуҥ быыбардыыр уокуругуттан икки төгүллээх төрдүс уонна бэһис Үрдүкү сэбиэт ыҥырыылаах мунньаҕын депутатын, ССРС Бочуоттаах полярнигын В.Х.Вырдылины уо.д.а. Быыстапка биир сүрүн экспонатынан 1985 сыллаахха Москва куоракка ыытыллыбыт аан дойдутааҕы ыччаттар фестивалларыгар кыттыбыт, Саха сириттэн официальнай политическай делегация састаабыгар киирбит, оччолорго СГУ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үөрэнэр студентка Лина Попова кэппит таҥаһа буолла. Кэлин, үөрэҕин бүтэрэн баран Акулина Васильевна төрөөбүт дойдутугар эргиллэн зоотехнигынан, парткомунан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Бу курдук дьоммутун санаан, Үлэ сылыгар кинилэр ааттарын дорҕоонноохтук этэн, биир дойдулаахпыт Былатыан Ойуунускай «Былааһы – Сэбиэккэ» ырыатынан күргүөмнээхтик ыллаан быыстапка-тэрээһиммитин түмүктээтибит. http://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/wp-content/uploads/2023/11/video5341283791015003204.mp4 http://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/wp-content/uploads/2023/11/video5341634243166483442.mp4 http://xn--80aaa3eca.xn--p1ai/wp-content/uploads/2023/11/video5341283791015003216.mp4 С.ХАЛГАЕВА. Хаартыскаларга: быыстапка-тэрээһин түгэннэриттэн. Поделиться: