Күндү коллегаларбытын Таатта улууһун үөрэх эйгэтин бары үлэһиттэрин, олохторун кэнчээри ыччаты иитиигэ анаабыт ытыктабыллаах бэтэрээннэрбитин Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Эһиги күннэтэ түбүгүрэр сыралаах үлэҕит хас биирдии оҕо, ыччат үүнэн-сайдан тахсарыгар, бу Орто туруу дойдуга бэйэтин суолун-ииһин булунарыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох. Учуутал оҕоҕо билиини биэрэри, толкуйдуурга үөрэтэри таһынан, үтүөҕэ- кэрэҕэ, сырдыкка уһуйар, хас биирдии үөрэнээччигэ сүрэҕин сылааһын иҥэрэр. Оскуолаҕа хас биирдии оҕоҕо сиэр-майгы, билии-көрүү бигэ акылаата ууруллар буолан, биир эрэ киһи дьылҕата буолбакка, Улууспут, Өрөспүүбүлүкэбит, Дойдубут кэскилэ эмиэ түстэнэр!
Күндү коллегаларбытыгар чэгиэн доруобуйаны, айымньылаах, таһаарыылаах үлэни, дьиэ кэргэҥҥитигэр, чугас дьоҥҥутугар этэҥҥэ буолууну, дьолу! Сырдык санаанан салайтаран, тулаҕытыгар үтүөнү эрэ түстээҥ, кэрэни эрэ олохтооҥ! Саҥа үөрэх сыла саҥа саҕахтары арыйдын, ситиһиилэри аҕаллын!
П.В. Борисов, Таатта улууһун үөрэх үлэһиттэрин идэлээх союһун бэрэссэдээтэлэ.