Күндүтүөн, саллааттар саһарбыт суруктара.

Капитан Слепцов Трофим Николаевич

Трофим Николаевич 1911 сыллаахха Боотурускай (Таатта) улууһун Уус-Амма нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Чычымах оскуолатын бэһис кылааһын бүтэрэр, олохтоох сэбиэккэ суруксутунан, Комсомол райкомун эппиэттээх үлэһитинэн үлэлиир. 1940 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педучилищаны бүтэрэр. БСК(б)П Амматааҕы райкомун пропагандаҕа уонна агитацияҕа отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлиир.

Сэрии буолан, Советскай Армияҕа ыҥырыллыбыт. Үс ый үөрэммитин кэннэ Трофим Николаевыһы Арҕааҥҥы Фронт 116-с стрелковай дивизиятын 441-с стрелковай полкатыгар политругунан сэриигэ ыыппыттар. Кыргыһыы толоонугар икки төгүл бааһырбыт. 1942 с. В.И. Ленин аатынан Кыһыл Армия  байыаннай-политическай Академиятыгар үөрэххэ ыыппыттар. Капитан Т.Н.  Слепцов фроҥҥа иккиһин, 1-кы ударнай армия 146-с стрелковай дивизиятын 512-с стрелковай полкатын батальонугар тиийэр. Псков уобалаһын  Пушкиногорскай оройуон Пегане, Новай Пута дэриэбинэлэр тастарыгар 1944 с. муус устар 10-12 күннэригэр буолбут кыргыһыыга ыараханнык бааһырдар да, батальон инники кэккэтиттэн туораабатах. Салгыы Прибалтиканы босхолуур  кыргыһыыга кыттыбыта. Эстонияҕа Тарту куораты босхолуур кыргыһыыга өстөөх снайперын уодаһыннаах буулдьата капитан, коммунист Трофим Николаевич сырдык тыынын быспыта.

 

Быраатым Дмитрий, бука бары дорооболоруҥ!

Сонун суох, бэрт аҕыйах, доруобуйа үчүгэй. Иккиһин кыратык бааһыран баран, эмтэнэн уруккум курдук буоллум. Билигин Горькай куоракка баарбын, Фрунзе аатынан военнай-политическай училищаҕа резерва ахсааныгар холбоһон, хаһан үлэҕэ ыыталларын (фроҥҥа) көһүтэбин.

Быйыл саас миэхэ саҥа саас кэлэн ааста. Биир да көтөрү (куһу, хааһы) баччааҥҥа диэри көрө иликпин. Бу дойдуга ото-маһа уонна көтөрө-сүүрэрэ биһиэниттэн дьикти атын, үксэ олордуллубут культурнай үүнээйилэр. Волга өрүс устун устан суһал борохуотунан айаннаан бэрткэ диэн биһирээтим, элбэх үчүгэй куораттары көрүтэлээтим, барытын суругунан кэпсиир кыах суох.

Дойдубар хаһан сэрии уурайдаҕына, немецко-фашистскай армияны үлтүрүттэхпитинэ барыаҕым. Онуоха диэри бука бары үчүгэйдик олоруҥ, кэһиигитин мунньа турун. Чэ, пока быраһаайдарын!

Убайын Трофим. 3.05.42.

 

Саха сирин комсомолецтарыгар сурук.

Күнэ-дьыла биллибэт.

Ыраах Эстония сириттэн, Эһиэхэ, офицерскай боевой эҕэрдэ!

1930 сыллаахха мин Комсомол Тааттатааҕы тэрилтэтигэр чилиэнинэн киирбитим. Ытык Күөл оскуолатынааҕы уонна «Ыҥырыылаах» холхозтааҕы Комсомольскай тэрилтэлэргэ секретарынан, онтон Комсомол оройуоннааҕы Комитетын пропагандаҕа отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитим.

Онон  мин Ленинскэй Комсомол ииппит уолунабын диэн этиэх тустаахпын. Комсомол миэхэ хорсун быһыы, инициативалаах уонна сатабыллаах буолуу хаачыстыбаларын иҥэрбитэ.

Күндү табаарыстар, Саха сирин комсомольскай уонна политическай тэрилтэлэрэ, урут ыччаты байыаннай-физическай өттүнэн иитиигэ соччолоох үлэни ыыппат этилэр. Ити балаһыанньа куһаҕан өрүттэрдээҕи Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии хайа-үйэ дьэҥкэтик дакаастаата.

Байыаннай өттүнэн бэлэмэ суох табаарыстар бастакы сиэртибэнэн буолаллар, ардыгар өстөөҕү харахтарынан көрбөккө эрэ стройтан туорууллар.

Онон Саха сирин комсомолецтара предприятияларга, колхозтарга, оскуолаларга ханна баҕарар ыччат байыаннай физкультурнай дьыаланан дьиҥнээхтик дьарыктанарын баһылыах тустаахтар. Ол аата билиҥҥи пехотнай оружиены, огневой бэлэмнэниини, бэргэннник ытарга тренировкаланыы, хонууга уонна ойуурга уонна хайаҕа тактическай занятиелары ыытыы буолар. Биһиги улуу өбүгэлэрбит А. Суворов, М. Кутузов уо.д.а. килбиэннээх походтарын туһунан  дакылааттар уонна бэсиэдэлэр ыытыллаллара наада, ити бииринэн. Иккиһинэн тыһыынчананан ааҕыллар Саха буойуннар кыргыһыы хонуутугар сылдьан икки атахтаах кыыллары – немецтэри кыдыйаллар. Кинилэр сорохторо дойдуларыттан ханнык да сураҕы истибэттэр. Онон фронтовиктарга бойобуой күүрүүлээх үлэҕит туһунан сурук суруйаргытыгар, хаһыаттары уонна сурунааллары ыытаргытыгар баҕарабын. Оччоҕо буойун санаата көтөҕүллэр, өстөөҕү урусхаллыырга саҥа күүс киирэр. Дьоллоохтук уонна баайдык олорогутугар баҕаран туран хааллым «Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии II ст» орденын уонна «Кыһыл сулус» орден Кавалера капитан Т.Н. Слепцов.

 

 

Доргуев Николай Сергеевич, мл лейтенант – 1924 сыллаахха Байаҕантай улууһун Уолба нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Армияҕа ыҥырыллыар диэри Якутскайдааҕы педрабфакка үөрэнэр, үөрэх кэнниттэн Тааттаҕа суут таһаарар приговордарын толорооччунан ананан үлэлиир. 1942 с. Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллар. 1944 с. олунньу ыйга офицердары бэлэмниир Серетенскэй байыаннай пехотнай училищаны б8тэрэин кытта мл.лейтенант званиетын ылан Украинскай фронт 3-с гвардейскай армиятыгар взвод командирынан ананар. 1944 с. атырдьах ыйыгар Висла өрүһү кимэн киириини Доргуев хамаандалыыр взвода оһуобай геройствоны көрдөрбүтүн туһунан мл.лейтенант Доргуев туһунан командование оһуобай бэлиэтээһини оҥорбутун туһунан журналист И.Ф. Иванов архыып докумуонугар олоҕуран «Офицеры – Якутяне» диэн кинигэтигэр бу курдук суруллар: «Мл.лейтенант Доргуев участвуя в боях по расширению плацдарма на белом берегу р. Висла, проявил исключительную смелость и мужество. 14 августа 1944 года в бою за деревню Слупча с небольшой группой бойцов первым ворвался в деревню. Немцы, воспользовавшись тем, что Доргуев еще не успел закрепиться, численно превосходящими силами 3 раза шли в конратаку на взвод Доргуева. Но все контратаки противника успешно были отражены. В конце последней Доргуев поднял свою группу в атаку, тем самым окончательно закрепил завоеванный рубеж.»

Доргуев Н.С. сэтинньи 2 күнүгэр 1944 с. «Аҕа дойду сэриитин II ст.» орденынан наҕараадаланар. Мл.лейтенант Доргуев Н.С. 1945 с. тохсунньу ый 24 күнүгэр Польша сиригэр, Комоцы диэн дэриэбинэ иһин кыргыһыыга өстөөх буулдьатыттан сырдык  тыына быстыбыта.

 

Тапталлаах дьоннорум бука барыгыт дорооболорун!

Сонун суох. Сылдьыы үчүгэй. Доруобуйа чааһа олус бэрт. Дьэ бэйэм олоҕум чааһынан кылгастык суруйдахпына маннык:

Олунньу ыйга үөрэхпит бүппүтэ. Онтон бары арҕаа барбыппыт. Икки ый айаннаан, I Украинскай фроҥҥа тиийдибит. Билигин взвод командирынан үлэлиибин. Львов куорат аттыгар баарбын. Ас-таҥас чааһа үчүгэй. Ыйга 750 солк. Хамнас ылабын. Бу ый 10 күнүгэр 120 солк. Переводтаан турабын.

Дьэ эһиги миигин сүтэрбиккит ырааттаҕа буолуо. Өр бириэмэҕэ фроҥҥа сылдьыбытым. Онтон сылтаан суруйбатаҕым. Ону дьэ баалаабаккытыгар көрдөһөбүн. Эһигиттэн сурук туппатаҕым, дойду сонунун истибэтэх ыраатта. Дойду сонунун истиэҕи, дьон-сэргэ хайдах олороллорун билиэҕи олус баҕарыллар.

Дьону кытта үлэлиир, ыаһахтаһар олус кытаанах эбит. Билигин фроҥҥа баарбын. Өстөөх атаҕа быстарынан куотан эрэр. Сотору Варшаҕа тиийэрбит буолуо. Билиҥҥитэ буулдьа да, кыра да снаряд оскуолката таба тайана илик. Дьэ, бырааттарым, балтыларым хайдах сылдьаҕыт? Доруобуйаҕыт хайдаҕый? Быраатым Сергей доруобуйата кэлин хайдах буолла, үлэлиир дуо? Чэ тугу ыйытыахпыный? Эһигиттэн сурук туттахха барытын истиллиэ.

Чэ мин туспунан төрүт санаарҕааман! Этэҥҥэ сылдьыллыа. Мантан атын суруйарым суох. Барыгытыгар үчүгэй доруобуйаны баҕарабын! Үчүгэйдик олорун!

Сэрии бүтэрэ чугаһаан эрэр. Онон сотору дойдуга эргийэн тиийиэҕим, быраһаайдарын!

Эһиги уолгут Николай. 1944 с. от ыйын 25 күнэ.

 

 

 

 

        Мандаров Василий Захарович – 1919 сыллаахха Байаҕантай улууһун Б-Игидэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1944 с. армияҕа ыҥырыллар, илиҥҥи фроҥҥа сулууспалыыр. 1945 с. демобилизацияланан дойдутугар эргиллэн кэлэр. Сэрии кэнниттэн Баайаҕа орто оскуолатыгар өр сыл устата учууталлыыр. Кэргэннэнэн ыал буолан сэттэ оҕоломмуттара. Билигин хас да сиэн, хос сиэннэр бааллар. Улахан кыыһа Любовь Васильевна, И.М. Хатылаев аатынан Баайаҕа орто оскуолатын үөрэҕин чааһын сэбиэдиссэйэ, СӨ үтүөлээх учуутала.

Василий Захарович 1978 с. ыалдьан өлбүтэ. Кини армияҕа сылдьан дьонугар бастайааннай сурук суруйар, сорох суругун, сорох суругун хоһоонунан суруйан ыытар.

(Баайаҕа оскуолатын оҕолоругар суругар)

Күн көрдө биһиэхэ,

Дьол кэллэ эһиэхэ.

Өстөөҕү кыайдыбыт,

Дьол аанын астыбыт.

 

Дьэ тардын ырыаны,

Барабан дарбаанын!

 

Арҕааттан, илинтэн,

Айдааннаах сэрииттэн

Өстөөхпүт суох буолла,

Санаабыт бу туолла.

 

Кырдьыкка күн тахсар

Көҥүлгэ дьол тутар.

 

Эһиги суруккут –

Суруйбут сонуҥҥут

Оо, миигин үөрдэрэ,

Кыайыыга күүрдэрэ.

 

Дальнай Востокка

Модун күүс походка.

 

Көлүөнэ төлкөтүн

Көҕөрдөн түстүөхпүт.

Улуу дьол соргутун

Үөрэхтэн сомсуохпут.

 

Үөрэниҥ, үөрэниҥ,

Үөрэҕи үрдэтиҥ.

 

Бу Хиин-Хаан Хайлаар

Дарбаанын анныгар

Учуутал Убайгыт

Соругун толорор.

 

Кыраайбар тиийиэҕим

Кылааспар киириэҕим.

 

В.М Хонуу 74120-ц почтата.

1945 сыл 15/VIII к.

 

Ытыктабыллаах дьонум, убайым Василий, саҥаһым Елизавета, быраатарым Вася, Афоня, дьонум Вера, Афоня, Нюта привет!

       Доруобуйа бэрт кэмин курдук, кыратык да ыалдьыбаппын. Сылдьыы үчүгэй. Танканы утарар үөрэххэ үөрэнэбин. Үөрэх кытаанаҕа суох, тактика кытаанах сүүрүүлээх уонна таһырдьа тымныы, тыаллаах буолар. Граница таһа. Тыала олус күүстээх. Киһи кыайан хаампат, тыыммат түһэр. Ханнык да от-мас суох, киэҥ куйаар, кумах таас. Эһиэхэ үгүстүк суруйталыыбын, ыйга 3-4. Э7игиттэн сурук тута иликпин, арахсыбытым аҕыс ый буолла. Хайдах олороргутун истиэхпин баҕарабын. Вася ханна үөрэнэр?Афанасьевтаахха хаста да суруйбутум. Романнаах хайдах олороллоруй? Сурахпын иһитиннэрэр буолуҥ. Кумааҕы суох.

Эһиги уолгут Василий. (күнэ-ыйа биллибэт) 1945 с.

 

 

 

Д.Г. Бравин  «Күндүтүөн, саллааттар саһарбыт суруктара» кинигэттэн. Таатта 2000 с.