Өбүгэ саҕаттан саха киһитэ өҥүрүк куйаастан иҥнибэккэ хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэ- эри күнү былдьаһа ходуһаҕа тахсан, сыралаах үлэни өрө тутан, кыстыкка бэлэмнэнии үтүө түбүгэр түһэр. Үрүлүйэр үрүҥ илгэ, эмис дэлэгэй эт доруобуйа сүрүн мэктиэтинэн буолар. Нэһилиэк ахсын Бөтүрүөп таҥаратын кэнниттэн от үлэтигэр киирии күргүөмнээхтик саҕаланар.
Быйылгы от үлэтин туһунан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын агронома Евгения Пинигина сырдатта: — Таатта улууһун үрдүнэн былырыын 37445 туонна оттонуллубут эбит буоллаҕына, быйылгы от былаана 35888 туоннаҕа тэҥнэстэ. Ону таһынан эбии былырыыҥҥы оттон 3300 туонна хаһаас кур от баар. Сайын саҕаланыыта бэс ыйыгар курааннаан, өрүстэр сүнньүлэригэр халаан уута тахсыбакка от үүнүүтүн көрдөрүүтэ орто үүнүүлээх. Алаас, үрдүк сирдэр курааннаатылар. Нэһилиэктэр барыллаан ааҕыныыларынан от былаанын 75% толорор соругу туруоруммуттара, онтон кэнники сорох нэһилиэккэ ардах түһэн, оттооһун көрдөрүүтэ үрдүөҕэ диэн эрэнэбит. Оттооһуҥҥа уустук балаһыанньалаахтар ахсааннарыгар Дьүлэй, Игидэй, Таатта нэһилиэктэрэ киирэллэр. Быйыл улуус үрдүнэн уопсайа 31 мобильнай биригээдэ тэриллэн үлэлиирэ былааннанар. Биригээдэлэр 60 км. тэйиччи сытар Даайа Амма, Уус Амма, Амма, Уолба, Баайаҕа сирдэригэр тиийэн, 4 тыһ. тахса оту бэлэмниэхтэрэ. Билиҥҥи туругунан Тыараһа, Октябрьскай, Таатта, Игидэй, Уус Амма, Дьүлэй, Орто Амма, Баайаҕа нэһилиэктэригэр кэтэх хаһаайыстыбалаах биирдиилээн чааһынай дьон, бааһынай хаһаайыстыбалар окко таҕыстылар.
От ыйын 1 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александрович Александров тыа хаһаайыстыбатын управлениетын үлэһиттэрин, бааһынай хаһаайыстыбалар, кээпэрэтиип салайааччылара кыттыылаах оттооһун сүбэ мунньаҕа ыытыллыбыта. Мунньах түмүгэр оту улуус иһинээҕи оттоммот сиртэн булунар сорук туруоруллубута, онтон тиийбэт оту чопчу чуолкайдыырга быһаарыы ылыныллыбыта. Быйыл тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин от ыйын 14 күнүнээҕи 327 нүөмэрдээх бирикээһинэн от сыаната быһыллыбыта: 1-кы кылаастаах от – 8 тыһ. солк., 2-с кылаастаах – 7 тыһ. солк., 3-с кылаастаах – 6 тыһ. солк. атыыланар. От хаачыстыбатын туһунан бэлиэтээн эттэххэ, эрдэ оттоммут от хаачыстыбата үрдүк, иҥэмтэлээх битэмиинэ элбэх буолара биллэр. Холобур, быйыл дьылбыт эрдэ кэлбит курдук эрээри халлаан киэһэ тымныйар буолан, үүнүү бытаан. От кэмигэр ардах мэһэйи үөскэппэтэҕинэ үлэ таһаарыылаах буолара биллэр. От үлэтэ күн-дьыл туругуттан эмиэ улахан тутулуктаах.
Таатта үлэһит бар дьоно сыл ахсын ходуһаларбытыттан оту бэйэбит булунарга сыал-сорук туруорунан үлэлээн кэллибит. Ол курдук быйыл да оннук былааннаах үлэни тэрийэн, кыстыгы туоруур оппутун булунарга үлэлэһиэҕиҥ!
«Таатта» ТХПК дириэктэрин солбуйааччы Яков Егасов иһитиннэрбитинэн быйыл кээпэрэтиип күҥҥэ 550 кг үүттэн ынах арыытын, үрүҥ ас араас көрүҥүн оҥорор. Ону таһынан бурдук астан тыын суолталаах килиэби, араас көрүҥ эт ас полуфабрикаттарын атыылыыр. Кээпэрэтиип сыл ахсын дуогабар түһэрсэн Дьокуускай куоракка, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы оройуоннарыгар нэдиэлэҕэ иккитэ арыыны уонна үрүҥ аһы 50 маҕаһыыҥҥа ыытан, бэйэ оҥорбут бородууксуйатын атыы киэҥ эйгэтигэр таһаарар. «Таатта» ТХПК 2023 сылга 2401 туонна үүт былаанын ылыммыт эбит буоллаҕына, 2024 сылга былаан 1946 туоннаҕа тэҥнэстэ. Үүт былаанын намтааһынын сүрүн төрүөтүнэн ыанар ынах аччааһыныттан уонна үүт туттарар хаһаайыстыбалар туттарбат буолууларыттан таҕыста. От ыйын 15 күнүнээҕи көрдөрүүнэн кээпэрэтиипкэ Дьүлэй, Игидэй, Тыараһа, Октябрьскай, Дьохсоҕон, Таатта нэһилиэктэриттэн уопсайа 9 туонна үүт астанар. Амма нэһилиэгэр күҥҥэ икки туонна үүттэн сибиэһэй ынах арыытын оҥорор. Билиҥҥи туругунан үүт былаана 686 туонна толорулунна.
«Баай-Ас» ТХПК дириэктэр эбээһинэһин толорооччу Зиновий Варламов билиһиннэрбитинэн былырыын «Баай-Ас» ТХПК сыллааҕы үүтүн былаана 2029 туонна этэ. Быйыл 1855,67 туонна тутар былааннаах. Кээпэрэтиипкэ Баайаҕа, Алдан, Уус Амма, Орто Амма, Уолба нэһилиэктэрэ үүт туттараллар. Оҥорон таһаарар кээпэрэтиип хаачыстыбалаах үрүҥ, эт ас эгэлгэ бородууксуйатын «БаайАс», «КҮН», «Байдам» маҕаһыыннарыгар атыыга таһаарар.
Отчуттар күргүөмнээх үлэлэригэр күн-дьыл туран биэрэн, өбүгэ дьарыга утумнаахтык салҕана турарыгар баҕарыаҕыҥ.
Мария Павлова.