Кыыһар кыһыл хаалтыһым

Бу сыл устата өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар, нэһилиэктэригэр Саха сирин Пионериятын 100 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр уонна бэлиэтиэхтэрэ, Пионерия бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэр буолуохтара, тимуровскай үлэлэр, үтүө дьыалалар тэриллиэхтэрэ. Баайаҕа нэһилиэгэр от ыйын 4 күнүгэр Улахан Пионерскай сбор араас көлүөнэ пионердары түмтэ. Бу үөрүүлээх даатаны кытта тэҥҥэ 25 сыл пионербаһаатайынан үлэлээбит Татьяна Игнатьевна Андросованы төрөөбүтэ 85 сааһынан эҕэрдэлээтибит. Пионерскай сбор саҕаланыан иннинэ, кылгастык Баайаҕа нэһилиэгэр, оскуолаҕа пионерскай хамсааһын хайдах саҕаламмыт быыһын сэгэтэн көрүөҕүҥ! 1924 сыллаахха тохсунньу ыйга РКСМ Саха сиринээҕи обкомун Президиума пионерскай тэрилтэни тэрийэр туһунан уураах ылыммыта. Бастакынан, ити сыл олунньу 17 күнүгэр Дьокуускай куорат I сэбиэскэй оскуолатыгар Спартак аатынан пионерскай этэрээт үөрүүлээх сбора ыытыллыбыта, 63 пионер киирбитэ. Ити күн – Саха сирин Пионериятын үөскээбит күнүнэн буолбута. 1924 сыллаахха Баайаҕа оскуолатыгар «Эдэр Баайаҕа» диэн үөрэнээччилэр түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлиирэ, «Туллук» диэн сурунаалы таһаараллара, санитарнай уонна спортивнай куруһуоктарга сылдьаллара. ЯОКРОНО сэбиэдиссэйэ таб. Ефремов илии баттааһыннаах 1925 с. кулун тутар 5 күнүнээҕи 1780 №-дээх циркуляры оскуола салалтата (сэб. Гаврил Семенов) туппута, ол сурукка этиллэрэ: «Одно из больших завоеваний пролетарской революции и один из заветов Великого учителя Ленина – это организация из детей «Общество пионеров». Циркуляры тутаат, оскуола салалтата комсомольскай ячейканы кытта бииргэ үөрэнээччилэр ортолоругар өйдөтөр, быһаарар үлэни ыыппыта. Түмүгэр, 1925 сыллаахха кулун тутар 25 күнүгэр Баайаҕа оскуолатыгар пионерскай тэрилтэ тэриллибитэ уонна Исидор Барахов аатын сүкпүтэ. Маҥнайгы пионердар 28 этилэр, ол иһигэр бааллара: Ольга Афанасьевна Попова, Алексей Иванович Слепцов, Роман Кондратьевич Дедюкин, Федот Васильевич Попов, Елена Тарасовна Андросова, Алексей Егорович МалгинII, Иосиф Захарович Луковцев, Николай Иванович Кустуров, Ирина Васильевна Попова уо.д.а. Пионерскай хамсааһын оскуола, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор сүрүн хамсатар күүһүнэн буолбута. Бастакы пионердар улахан дьону үөрэтиигэ, хотону дьиэттэн араарыыга, ыраас олох иһин үлэлээбиттэрэ. Бастакы холкуостары тэрийиигэ, Аҕа дойду сэриитин сылларыгар пионердар куруутун инники күөҥҥэ этилэрэ. «Хас биирдии туйгун сыана – өстөөҕү дэлби тэбэр буомбаҕа тэҥнээҕин өйдөөҥ!» — диэн пионерка Маша Попова 1943 с. «Коммунист» хаһыакка суруйбута. Сэрии кэнниттэн Ганя Андросов туйгун үөрэҕин, көрсүө-сэмэй бэрээдэгин 1946 с. «Артек» лааҕырга сынньаммыта, 1955 с. Вера Чахова сынньанар чиэскэ тиксибитэ. 1957 сыллаахха биология учуутала Николай Дмитриевич Неустроев пришкольнай учаастагы тэрийбитэ, манна пионердар баҕаран туран үүнээйилэри кытта бодьуустаспыттара. Ону таһынан, арбуз, дыня, тыква, сибэкки арааһын олордубуттара. Бу сыл өрөспүүбүлүкэ аан маҥнай үөрэнээччилэр киин куораттарынан айаннарын тэрийбитэ. Онно Баайаҕаттан аан бастакынан үөрэх туйгуннара, көхтөөх пионердар Розалина Потапова, Валентин Бурнашев Москва – Киев куораттарынан экскурсияҕа сылдьыбыттара. 1961, 1962 сылларга «Пионердар – Ийэ дойдуга!» диэн пионерскай двухлетка биллэриллибитэ. Дружина 119 пионердааҕа, 8 этэрээттээҕэ. Баһаатайынан Софья Николаевна Самсонова үлэлээбитэ. Бу сылларга Ленинскэй муннук оҥоһуллубута, тимуровскай үлэ, шефство күүскэ ыытыллыбыта, кыраайы үөрэтии утумнаахтык саҕаламмыта, дружина үлэтин летопиһын суруйуу саҕаламмыта. 1964 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ пионерскай тэрилтэ төрүттэммитэ 40 сылынан история учуутала Ксения Александровна Андросова салалтатынан 150 экспонаттаах мусуой аһыллыбыта. Пионердар элбэхтик похуоттарга сылдьан, кырдьаҕастартан ахтыылары хомуйбуттара, дойдуларын историятын үөрэтиини саҕалаабыттара. 1967 с. «Орленок» лааҕырга бастакы хараҥаччынан Даша Белолюбская буолбута. 1984 с. «Океан» лааҕыр путевкатынан Аня Андросова наҕараадаламмыта, кини кэнниттэн элбэх пионер оҕо бу лааҕырга сынньаммыта. Пионерскай үлэ дириҥ ис хоһоонноохтук, тэтимнээхтик Татьяна Игнатьевна баһаатайдыыр кэмигэр барбыта. 1968 сыллаахха Ленинскэй хос, 1970 сыллаахха Ленинскэй мусуой тэриллибиттэрэ. 1973 сыллаахха «Алгыс» Доҕордоһуу кулууба баар буолбута. Баайаҕа пионердара сынньаммыттара, дойду киин куораттарынан үгүстүк айаннаабыттара. Дойду биллиилээх дьоннорун кытта суруйсубуттара, көрсүспүттэрэ. Николай Семенович Андросов аатынан пионерскай дружина 6 төгүл правофланговай ааты ылбыта, Бүтүн Союзтааҕы пионерскай тэрилтэ, Комсомол КК Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаламмыта. Биһиги пионердарбыт Аан дойдутааҕы таһымнаах пионерскай тэрээһиннэргэ Марина Хатылаева, Еля Башарина кыттыбыттара. Киин телевидениеҕэ «Отзовитесь, горнисты!» бырагыраамаҕа көстүбүттэрэ. 1992 сылтан оҕо түмсүүлэрэ тэриллибиттэрэ.  Улахан Пионерскай сбор горн, барабан тыаһынан саҕаланна. Сборга бэлэмнэрин туһунан этэрээттэр араапардарын дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр Оля Неустроеваҕа (Ольга Николаевна Макарова) туттараллар. Бу сборга 40-с, 50-с сыллар пионердара түмсэн, Матрена Николаевна Андросова салалтатынан оҕо саастарын эргитэн, речевка да эттилэр, ырыа да ыллаатылар. Николай Семенович Андросов аатынан пионерскай дружина мусуойга харалла сытар Знамятын үөрүүлээхтик киллэриигэ сборга кытта кэлбит артековец Мира Дедюкина (Мира Николаевна Луковцева) барабааҥҥа оонньуурун кытта, бэйэтин кэмигэр знаменосец Шура Кустурова (Александра Николаевна Кустурова) ассистеннарын кытта киллэриитэ биир туспа дьоһун түгэн буолла. Баһаатайбыт Татьяна Игнатьевна: «Куруутун бэлэм буол!»-диэн ыҥырыытын кытта «Куруук бэлэммин!» диэн сүүһүнэн мустубут пионердар эппиэттэрэ ньиргийэ түстэ. Кырдьык, пионерскай хамсааһын кэмигэр улааппыт, иитиллибит көлүөнэ улуус, нэһилиэк бары үлэтигэр көхтөөх, инники. Баһаатайбыт Татьяна Игнатьевна «Артек», «Орленок», «Океан» лааҕырдарга сынньаммыт пионердар галереяларын оҥорон, быыстапка оҥорбутун сэҥээрдибит, илиитин араарбакка үлэлиириттэн сөхтүбүт. Горн , барабаан ты аһынан доҕуһуолламмыт оҕо сааспыт үтүө кэмнэрин санаан, дуоһуйа кэпсэтэн, күлэнүөрэн тарҕастыбыт.