Арай иһиттэххэ, Ленин уонна революция диэн билиҥҥи кэмҥэ наһаа ыраах тыллар. Ол эрээри бу биһиги дойдубут олорон кэлбит историята, чахчыта. Онон олорон ааспыт кэми ытыгылаан, үйэтитэн ааһар тоҕоостоох. Ааспыт үйэлэр арҕастарын өҥөйөн көрдөххө, 19-с үйэ бүтүүтэ Саха сирэ эрэһиэккэтэ суох хаайыынан биллэрэ. Айылҕа анаан оҥорбут, бэйэтэ ураты кэрэлээх муус кырыа дойду — Ыраахтааҕылаах Россия ыар хаатырҕатынан сураҕырбыта.
Биир оннук ыраах сиргэ утаарыллыбыт судаарыскайынан, Күн Ыраахтааҕыны утарбыт, рабочай кылаастан тыыллан-хабыллан тахсыбыт Петр Алексеев буолар. Кини бэйэтин кэмигэр уоттаах-төлөннөөх тыл этиитэ аан дойдуга көлөһүннээн олорор дьонугар уот кутаа буолан иһиллибитэ эбээт! Ленин холобур оҥостон кинини бастакы нүөмэрдээх революционерынан эппитэ. Ол историяҕа киирбит киһи бу күннэргэ төрөөбүтэ 175 сылын туолла. Кини аатын кытта Таатта улууһа олус чугас ситимнээх. Ол бастатан туран, революционер Таатта сиригэр-уотугар көскө олорбутунан, кини көмүс кырамтата манна хаалбытынан, 1965 — 1990 сылларга Алексеевскай оройуон уонна 34 сыл устата кини аатынан бөдөн совхоз үлэлии олорбутунан.
Быраман дьылларга олорон ааспыт революционер сырдык аатын үйэтитэн, кини олорон ааспыт олоҕун саҥа кэм хараҕынан көрөн Чөркөөхтөөҕү политсыылка уонна этнография музейа бу сыл тохсунньу 26 кунугэр Петр Алексеев олорбут сиригэр Дьүлэйгэ баран көһө сылдьар быыстапканы тэрийдэ. Быыстапкаҕа уопсайа 500-тэн тахса матырыйаал, экспонат баран көрдөрүүгэ туруорулунна. Музей үлэһиттэрэ эрдэ мунньахтаан, тэрээһин ханнык киэбинэн барыан сөптөөҕүн ырытан, дьүүллэһэн баран көһө сылдьар быыстапканы сэргэ оччотооҕу Петр Алексеев аатынан совхоз дьонун түмэн тэрээһин ыытыллара ордук буолуон сөбө быһаарыллыбыта. Онон лоп курдук революционер төрөөбүт күнүгэр, кини олоҕун тиһэх күннэригэр диэри олорбут Дьүлэйгэ “Петр Алексеев Тааттаҕа” тэрээһин ыытылынна. Бу тэрэээһини Дьүлэй нэһилиэгин баһылыга О.Д .Осипов, олохтоох культура эйгэтэ, салайааччы Н.П.Аянитова тэрийэн, барытын бэлэмнээн көрсүбүттэригэр, ыыппыттарыгар махтанабыт.
Тэрээһин Дьүлэй нэһилиэгин хорунан өрө көтөҕүллүүлээхтик саҕаланна. Манна дьүлэйдэри таһынан, Игидэйтэн, Уус Тааттаттан нэһилиэк баһылыктара дьоннорун иилээн-саҕалаан илдьэ кэлэн кыттыыны ыллылар. Музей сэбиэдиссэйин э.т. М.А.Протодьяконов тэрээһини салайан, история чахчыларыгар тохтоон ыытта. Сүрүн дакылааты музейбыт биир ытыктанар салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи Н.Е.Попов оҥордо. Николай Ефимович бэйэтин дакылаатыгар, билиҥҥи ыччат историяны билэ улаатарыгар, атын норуоттары ытыктыы үөрэнэригэр, Петр Алексеев аатын сүгэ сылдьыбыт, үлэлээн ааспыт көлүөнэни ахтан-санаан ааһарга маннык тэрээһиннэр олус наадалаахтарын эттэ. Сайын революционер Петр Алексеев олорбут алааһыгар Булгунньахтаахха урукку Петр Алексеев дьоно-сэргэтэ мустан киэҥ-куоҥ сиргэ улахан тэрээһини толкуйдуохха, Дьүлэй нэһилиэгэ уонна Чөркөөх музейа шефтэһэн бииргэ үлэлиэххэ диэн ыҥырда. Салгыы Дьүлэй, Уус Таатта, Игидэй баһылыктара О.Д.Осипов, Е.Н.Постников, Е.А.Марков тыл эттилэр. Кинилэр ол ыраах, уорааннаах сылларга олорон ааспыт көскө кэлбит политсыылынайдары, оччотооҕу история кэрдиис кэмин тиһиктэрин үүнэр көлүөнэҕэ үөрэтэн, өйдөөн-санаан ааһарбыт наадалааҕын бэлиэтээтилэр.
Музей үлэһиттэрэ тэрээһини үйэтитиигэ кэлбит дьонтон интервью ылан, устан үлэ үгэнигэр түстүлэр. Көһө сылдьар быыстапканы сырдаттахха, Дьүлэй нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ 1977 сылтан музейга бэлэхтээбит экспонаттара көрдөрүүгэ таһаарылыннылар. Холобура, Дьүлэйгэ кинээстээн олорбут Абрамов күн судаартан ылбыт куортуга, улуу олоҥхоһут Табаахырап үрүҥ көмүс солотуулаах иконата, М.В.Петрова-туосчут Маарыйаттан киирбит үрүҥ көмүс искэх, кулгаах хастар, ньуоска уо.д.а., музейга бу сылларга бэлэхтээбит норуот маастардара Изабелла Элякова тикпит айанньыт уонна эр киһи таҥастарын комплега, Валерия Потапова туостан иһиттэрэ, Николай Попов булан- талан аҕалбыт Петр Алексеев аатынан совхоз төһүү дьонун кэпсиир илиинэн оҥоһуллубут планшеттара уо.д.а. турдулар. Түгэнинэн туһанан, музейга бэлэх оҥорбут бар дьоммутугар Чөркөөхтөөҕү музей аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
С.ХАЛГАЕВА.
Хаартыска5а тэрээһин түгэннэриттэн.