Людмила Григорьева 80 сылыгар

БИҺИКТЭММИТ ЭЙГЭТЭ

Людмила Николаевна 1944 c. кулун тутар биир ылааҥы күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Григорьевтар дьиэ кэргэҥҥэ 4 оҕо төрөөн өлбүтэ. Биһиэхэ оҕо турбат диэн санааттан буолуо, бэһис оҕолорун Таняны эһэтин аахха ииттэрэ биэрбиттэрэ. Онтон Людмиланы – алтыс оҕолорун — эбэтэ Наталья Николаевна Захарова иитэн, бүөбэйдээн улаатыннарбыта. Аҕата Николай Павлович оройуон маҥнайгы агронома этэ. (Кини туһунан 1970 c. ХС 8 нүөмэригэр аах). Кини кыыһа биирдээҕэр 1945 c. кыайыы буолуон аҕыйах хонук иннинэ сэллик ыарыыттан өлбүтэ. Ийэтэ кыыһа алталааҕар эмиэ сэлликтэн өлөр. Кыысчаан тулаайах хаалар. Эбэтигэр Натааһаҕа оҕо буолан, Кыйыга 5 кылаастаах оскуоланы бүтэрэр. Ол кэми «Эбэбинээн «Сайсарыны» ааҕа-ааҕа ытаһарбыт», — диэн кэлин ахтара. 1960 c. Чөркөөххө алтыс кылааска үөрэнэ кэлэр. Эһэтэ Сылбырҕа оҕонньор маҥнай утаа Дьорҕоотопторго дьиэлиир, кэлин оскуолаҕа чугаһаан, оччолорго оскуолаҕа остуорастыыр Анна Михайловна Вырдылинаҕа (Аана эмээхсин билигин 77 саастаах, Чөркөөх) көһөн кэлэр.

ҮӨРЭХХЭ ТАРДЫҺЫЫ

Үөрэнээччи Люда дневнигар 1960 c. ахсынньы 21 күнүгэр «Үөрэниэххэ наада… билиини кэҥэтэргэ кыһаныы наада», — диэн суруйар. Ити сылларга сөбүлээн аахпыт кинигэлэринэн «Зоя уонна Шура туһунан сэһэн», «Байкальская повесть», «Төлкө», «Хочу верить», «Цель жизни», «Герой нашего времени» уо.д.а. этилэр. Кырдьык билиигэ тардыһарга үчүгэйдик үөрэниэҕин тымныйбыта дьайан ыалдьар идэлэммитэ.

«15/12-22/12-61 балыыһаҕа сыттым.

26/12-61 эмиэ балыыһаҕа киирдим. Ыалдьыбакка эрэ үөрэммит киһи. Мин ыарыыны кыайыахтаахпын.

23/01-62 старостабыттан босхолообуттара. 4 сылы мэлдьи старостанан сылдьыбытым. Ыарыым олох ааспат».

Ити курдук элбэхтик балыыһаланан орто оскуоланы 1966 c. бүтэрэр. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр суруйааччылары, ол курдук Амма Аччыгыйын, Суорун Омоллоону кытта көрсүһүүлэри өйдөөн хаалбыта, кинилэр «кырдьыгы булар иһин мөккүөр наада, киһи буолар үрдүк чиэс» – эппиттэрин куруук өйдүүр. Оскуола кэнниттэн оскуолаҕа хаалан лабораанныыр. Бу сылларга аҕатын туһунан хомуйбут ахтыыларыгар, докумуоннарыгар олоҕуран кэлин журналист А.Л. Данилов «Аҕатын аатын кыыһа ааттатыа» диэн очерк бэчээттэнэр. Бу кэмҥэ доруобуйата көнөргө барар, чугас доҕотторо, эмтиир быраастар үөрэххэ киир диэн санаатын көтөхпүттэрэ.

КИНИГЭ ДЬОРУОЙДАРЫН ТИЛИННЭРИИ

1969 c. СГУ саха тылын салаатыгар үөрэнэ киирэр. Үөрэххэ киирээт, билиитин дириҥэтэр, интэриэһин кэҥэтэр таба суолга үктэммитин толору өйдүүр. Студенныыр сылларыгар саха суруйааччыларыгар сыһыаннаах элбэх матырыйааллары мунньар, ордук үлүһүйэн былыргы хаартыскалары, кинигэлэри, ордук үлүһүйэн былыргы хаартыскалары мунньар. Бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан Бэс Дьарааһын «Бойобуойун» (Ньукулай Григорьев – айымньы дьоруойдарыттан биирдэстэрэ) дьоруойдары тилиннэрэр баҕаттан Харбалаахха тиийэн, өрүс уҥуор тахсан элбэҕи туһанар. «Кыым», «Бэлэм буол», «Хотугу сулус» редакциятыгар үгүстүк сылдьар ыалдьытынан буолар, А.С. Пушкин аатынан библиотека фондатыгар үлэлиир. Баай фотоколлекцияны көрүү, сэдэх хаартыскалары булуу киниэхэ бырааһынньык тэҥэ буолара. 1972 сыл түмүгүнэн бэйэтигэр отчуот оҥостубута: «Барыта 1300 хаартыскалаахпын. 400-500 кинигэлээхпин, харахпын быһа симэн баран, үс реалиска нагляднай босуобуйа, быыстапка оҥоруохха», — диэн биир бигэ санааҕа кэлэр. Бу студент киһиэхэ сүдү былаан буолбаат? Аҕа табаарыстара Суорун Омоллоон, Андрей Данилов. Табаарыстара Ганя Копырин, Слава Окороков уо.д.а. көмөҕө кэлэллэр.

1973 с. кулун тутар 24 к. Людмила I фотовыставката СГУ историческай факультетыгар аһыллар. 25 араамаҕа 201 хаартысканы наардаан ыйыыллар. Д.К. Сивцев — Суорун Омоллоон быыстапка аһыллар лентатын кырыйар. Быыстапкаҕа сылдьыбыт дьон махтанан, үгүс отзыв бөҕөнү суруйаллар. Быыстапка иккистээн кулун тутар 25-31 күннэригэр турар. Н.И. Андреев, З.Т. Тюнгюрядов, М.А. Черосов, М.К. Сокольникова, И.Д. Архипов о.д.а. сылдьаллар (бу быыстапка туһунан «Якутский Университет» хаһыат 1973 с. муус устар 5 к. нүөмэригэр аах). Муус устар 12 к. культура үлэһиттэрин съеһигэр анаан үһүстээн СГУ главнай корпуһугар быыстапкатын туруорар. Сарсыарда 8-тан киэһээ 9 чааска дылы үлэлиир. Ыам ыйын 14 к. даннайынан Л.Н. Григорьева быыстапкатыгар Г.В. Данилов, Н.Н. Павлов — Тыаһыт, А.Н. Борисова — Ойунская, М.Д. Соловьева, Авксентий Мординов, Г.Г. Макаров, Д.С. Макаров о.д.а. сылдьаллар. Акулина Николаевна тахсан иһэн улаханнык махтанар, Людмиланы уураан соһутар. Ити курдук студентка Григорьева киэҥ эйгэҕэ тахсар. Үс реалистка былаанын эмиэ толорор. «А.Е.Кулаковскай, А.И.Софронов, Н.Д.Неустроев олохторун, айар үлэлэрин оскуолаҕа үөрэтиигэ фотоальбом» диэн темаҕа дипломнай үлэтин туйгун сыанаҕа көмүскүүр.

ХААРТЫСКАНАН АЛЬБОМ ДЬЫЛҔАТА

Үрдүк үөрэҕи 1974 с. ситиһиилээхтик бүтэрэн, саха тылын уонна литературатын учуутала идэни ылар. Бу сыл Чөркөөх орто оскуолатыгар учууталлыыр. Кылгас кэмҥэ үлэлииригэр уруоктарыгар баай матырыйаалы туһанан ыытар, биирдэ уруокка хамыйахтаах киирэн соһутар. Ол гынан баран санаата үс реалистка анаммыт альбомугар бара турар, онон куоракка төннөр. 1975 сыл балаҕан ыйыгар Якутскайдааҕы ЦГА младшай научнай сотруднигынан үлэҕэ киирэр. Альбомун дьылҕатын быһаартараары минпроһунан, араас тэрилтэлэринэн сүүрэр-көтөр. 1975 сыл ахсынньы 3 к. Н.Д. Неустроевка аналлаах телепередачаҕа быһа эфиргэ тахсар, киниэхэ аналлаах биэчэргэ бэйэтин матырыйаалларыттан быыстапка туруорар. Альбомун дьылҕата дьэ быһаарыллыах курдук буолар, перспективнэй былааҥҥа киллэриллэр.

1977 сыл тохсунньу 1 күнүгэр бүтэрэн киллэрэригэр этэллэр. Манна биири этэр тоҕоостоох, бу альбом дьылҕата күн бүгүҥҥэ диэри быһаарылла илик.

Түмүкпэр, Л.Н. Григорьева олоҕун 1969-76 сс. кэрчигэ Чөркөөх музейын төрүттэһэригэр, кини бэйэтэ да билбэтинэн, бэлэмнэнии түһүмэҕинэн буолбут эбит диэн биир бигэ санааҕа кэллим.

И.Я. ЖЕРГОТОВА, Чөркөөх музейын 1993-2005 сс. сэбиэдиссэйэ, испэсэлииһэ.

БАР ДЬОҤҤО АНАММЫТ ОЛОХ

Үүнэр мас, холобур, дууп, тиит, хатыҥ, кини лабаата, силиһэ баараҕай, бөҕөтаҕа буолара үүнэн тахсыбыт буора хайдаҕыттан тутулуктаах. Киһи эмиэ оннук. Люся сэрии кытаанах дьылыгар, 1944 сыллаахха төрөөбүтэ, онтон алта сааһыгар төрөөбүт аҕата, ийэтэ сэллик ыарыытыттан өлөннөр тулаайах хаалбыта. Ийэ-аҕа таптала, хоойдорун сылааһа диэни билбэккэ, өссө ыарыһах буолан улааппыта. Кини дьылҕата кытаанах этэ. Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, үчүгэй үлэһит аатын, чиэһин да ылар. Людмила Николаевна саамай ытыктанар кэриэһэ — кини бэйэтин олоҕун, күн сиринээҕи дьолун олорчутун, бар дьонун, норуотун үрдэтэр иннигэр анаабыта, онтон дьолломмута. Итинник соругу, ити курдук бэйэни сиэртибэлээһин, киһи эрэ кыайбат, дьиҥнээх үрдүк баҕалаах, ыраас санаалаах эрэ дьон сүрэхтэрин, дууһаларын дьулуура буолуохтаах. Итинник дьон олохторун кэриэстээһин, үйэтитэргэ кыһаныы биһиги барыбыт бочуоттаах гражданскай иэспит, ыччат дьоммутун үтүөҕэ иитэр ньымабыт буолуохтаах. Туох баар нэһилиэстибэни барытын, көмүс-алтан курдук тутан-хабан, эһиги муспуккут, бэрээдэктээбиккит олус үчүгэй. Ити бэйэтэ үтүө холобур. Чөркөөх музейа — бүтүн Саха норуотун достояниета, киэн туттуута диэтэхпитинэ биһиги бука улаханнык омуннаабаппыт. Чөркөөх музейын общественнай, историческай суолтата сүтүө суоҕа диэн, мин бэрт холкутук эрэнэбин. Чөркөөх музейын ис сүрэҕиттэн көҕүлээн, онно бүтүн бэйэтин олоҕун анаан тэрийсибит, атаҕар туруорбут Людмила Николаевна Григорьевнаны, эһиги олохтоохтор кэриэстииргит — музейгыт суолтатын толору өйдүүргүтүн туоһулуур. Чөркөөх музейа бүтүн Таатта улууһун үтүө дьонун ааттарын ааттатар, барыларын өйдөбүнньүктэрэ, нууччалыы эттэххэ, бэйэлэригэр пааматынньыктары диэтэххэ, манна омуннааһын суох. Бу памятник – кэриэстэбилэ сүппэтигэр, уһун үйэлэнэ турарыгар биһиги бары, бастаан туппутуттан итэҕэһэ суохтук салгыырга кыһаныахтаахпыт. Хайа да омук судаарыстыбатын атын омуктар культуратын, наукатын, техникатын баһылаабат, онон көмөлөһүннэрбэт буоллаҕына историята, олоҕо сайдыан сатаммат. Ол иһин Өксөкүлээх Өлөксөй эппитэ: кэлии омуктар, ол аата араас омуктар, үрдүк культураларын баһылаатахпытына эрэ, оччоҕо эрэ биһиги, сахалар, кинилэри кытта тэҥҥэ кэпсэтэр норуот буолуохпут – диэн кэриэһин хаалларбыта. Людмила Николаевна тэрийбит, бүгүн республика үрдүнэн үтүө холобур буолбут Чөркөөх музейа, ону кытары тэҥҥэ эһиги Чөркөөхтөр, Таатталар үтүө ааккыт хаһан даҕаны намтаабатын диэн алҕаатаҕым буоллун.

Д.К. СИВЦЕВ – Суорун Омоллоон.

ТАЛААНЫГАР СҮГҮРҮЙЭ АХТАБЫН

Людмила Николаевна Григорьеваны университекка, историческай факультекка үөрэнэр сыллларбар көрөр этим, былыргы сэдэх хаартыскалары мунньарын, хомуйсарын истэрим. Саха народнай суруйааччыта Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн, тэрийиитинэн Чөркөөххө политсыылка музейа аһыллыбыта. Людмила Николаевна сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Онон биһиги кинилиин син балайда уһун кэмҥэ бииргэ үлэлээбиппит. Людмила Николаевна төрөөбүт Сахатын сирин, төрөөбүт Тааттатын дьиҥнээх патриота этэ. Онон ис сүрэҕиттэн баҕаран туран олус бэриниилээхтик музейыгар, история уонна культура пааматынньыктарын харыстааһыҥҥа үлэлээбитэ. Дмитрий Кононовичка улахан көмө буолбута, дьонугар сэргэтигэр да, республика киэҥ общественноһыгар да дириҥ ытыктабылы ылбыта.

БАСТЫҤ ЭКСПОЗИЦИОНЕР

Музей үлэһитин быһыытынан айылҕаттан айдарыылааҕа. Саҥаттан саҥаны буларга, ону дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэ охсорго баҕата бэрт улахан буолан, хотунан-соҕуруунан үгүстүк командировкаҕа барара. Командировкаларга сылдьан, экспонат хомуйсуутун кыайа-хото тутара. Манна кини дьоҥҥо үчүгэй сыһыана, сайаҕас, сайдам майгыта улаханнык туһалыыра. Музей үлэһитэ хайаан да үчүгэй экспозицияны туруорааччы буолуохтаах. Бу туһугар уустук уонна эппиэттээх үлэ. Экспозиция научнай төрүккэ олоҕуруохтаах, көрөөччүлэргэ өйдөнүмтүө-тиийимтиэ буолуохтаах. Людмила Николаевна бу өттүнэн да эҥкилэ суох этэ. Биллэн турар, улуу экспозиционер Дмитрий Кононович Сивцевы — Суорун Омоллоону кытта уһуннук бииргэ үлэлээбитэ улахан көмөлөөҕө.

ЫТЫКТАБЫЛЫ ЫЛБЫТ САЛАЙААЧЧЫ

Музейын үлэһиттэригэр олус үчүгэйдик сыһыаннаһара. Уолаттарын: Алеша Тарбаховы, Миша Охотины бырааттарын курдук саныыра, командировкаларга сүгэһэрдьитинэн илдьэ сылдьара, үөрэтэрэ. Олус хайҕаан Изабелла Яковлевна Жерготованы кэпсиирэ. Олус билиилээх, сүрдээх толоругас уонна өрүү элбэх, саҥа идеялаах буоларын сөбүлүүрэ. Биир кэмҥэ Чөркөөх музейын үлэһитэ буола сылдьыбыт, билигин киэҥник биллэр, талааннаах журналист Иван Николаевы «чэй иһэ-иһэ» хайгыыра, үлэһитин, киэҥ билиитин, суруксутун сөҕөрө, хайаан да улахан учуонай тахсар киһитэ диэн билгэлиирэ. Дмитрий Таппыровы олус хайгыыра, махтанара «улаханнык көмөлөһөр, абырыыр» диэн өрүү бэлиэтиирэ. Музейын үлэһиттэрэ кинини ытыктыыллара, таптыыллара «маамабыт, эдьиийбит» диэн дэлэҕэ истибэтигэр ааттыахтара дуо? Төһөлөөх ыалдьыттары, делегациялары көрсүбүтэ буолла, Людмила Николаевна ити Чөркөөх музейыгар үлэлиир кэмигэр? Ити сылларга туох да омуна суох республикаҕа музейдары көрүүнэн үлүһүйүү, өрө тутуу баар буолбута. Онно Людмила Николаевна үтүөтэ-өҥөтө үгүс.

ҮЙЭТИТИИГЭ ҮЛЭТЭ

Людмила Николаевна дойдутун Тааттаны, дьонун-сэргэтин, историятын олус үчүгэйдик билэрэ, киэн туттара уонна бу тапталын, киэн туттуутун төрөөбүт Сахатын сиригэр, төрөөбүт норуотугар күүһэ кыайарынан музей нөҥүө тиэрдэ сатаабыта. История уонна культура пааматынньыктарыгар ураты сыһыаннааҕа, кинилэри, харыстааһыҥҥа, чөлүгэр түһэриигэ Д.К. Сивцев — Суорун Омоллооннуун, И.А. Уваровтыын, Таатта улууһун салалтатын, общественноһын кытта үгүс үлэни ыыппыта, республикаҕа бастыҥ хо- лобурунан буолбута умнуллуо суохтаах. Талааннаах кыраайы үөрэтээччи Людмила Николаевнаны биһиги умнубаппыт.

Е.С. Шишигин, СГУ доцена, историческай наука кандидата.

Кулун тутар 24 күнэ, 1994 сыл.

Читайте дальше