2025 сылга Таатта улууһугар буолуохтаах «Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнии үлэлэрэ бара тураллар. Онтон биир кэрэхсибиллээҕэ оонньуу ымыыларын (талисман) талыы буолар.
Ол курдук алтынньы ыйга биллэриллибит куонкуруска барыта 16 үлэ киирбит. Худуоһунньуктар, дизайнердар, студеннар, оскуола үөрэнээччилэрэ уонна олохтоох нэһилиэнньэттэн кыттыыны ыллылар.
Киирбит үлэлэр ымыылар ис хоһоонноругар чинчийии үлэтин ыыппыттар. Таатта улууһун культуратын, айылҕатын, уратытын ыйбыттар. Ирдэбил быһыытынан, ымыы бэлиэлэр сахалыы сиэринэн майгылара, дьүһүннэрэ, оонньуу сүрүн оруолун көрдөрүөхтээхтэр этэ.
Онон, хамыыһыйа ахсынньы ый 20 күнүгэр хас биирдии ымыыны ырытан, ирдэбилгэ сөп түбэһэрин көрөн кыайыылааҕынан Владивосток куорат Уһук Илиҥҥи федеральнай университет 3 курсун устудьуона Санаайа Доргуеваны кыайыылааҕынан биллэрдэ.
Санаайа А.Е.Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэйи бүтэрэн дизайнер үөрэҕэр үөрэнэр. Кини сэһэнэ: Талах Бэргэн – булчут, бэйэтин кыанар, сымса, Таатта талаҕын курдук имигэс, муҥура суох сэниэлээх уолан. Кыратык ыһыллаҕаһын, мэлдьи бииргэ сылдьар доҕоро Туллук өйдөтөр, санатар үгэстээх. Талах Бэргэн дбээбэлээх-хооболоох, доҕотторугар олус бэриниилээх. Уол көрүҥэ чөл туруктаах, мэник арбайбыт баттахтаах, Чээлэй күөх, сахалыы стилизованнай спортивнай көстүүмнээх. Санныгар сүбэһитэ Туллук олорсо сылдьар.
Кэрэ Кытыл, Таатта эбээ сиэн кыыһа. Доҕотторо аҥардас Кэрэ диэн ааттыыллар. Нарын – сэмэй эрээри, туруорбут сыалын чопчу ситиһэр, сыыдам, мэһэйдэ\ри ойон-сүүрэн холкутук туоруур быһый атахтаах кыыс. Көрүҥэ чөл туруктаах, уһун уу суһуохтаах, отуката этин-сиинин эргиччи эргийэн кэлэр, сэттэ халыҥ таастаах диадемалаах.
Тотооной оҕусчаан. Олус сэмэй. Баппат күүһүн билинэн, толкуйдаан-толкуйдаан баран биирдэ сорунар. Ол эрээри доҕордуулар мүччүргэннээх сырыыларыгар биир-баар эрэнэр мэһэйдэри халыйан, туора солуур бөҕөс оҕусчаан. Модьу көрүҥнээх эрээри интеллегеннтнай камзол сонноох, мээнэ киһи кыайбат, эрчиллэр таастаах.
Олус баас ис хоһоонноох ымыыны Санаайа ыыппыт.
Елена Слепцова