Аан дойду үрдүнэн ыытылла турар «Мас олордуута» диэн акцияҕа ис сүрэхтэриттэн кыттыбыт бука бары үөрэнээччилэргэ, оскуола үлэһиттэригэр, төрөппүттэргэ, Амма нэһилиэгин олохтоохторугар махталбытын тиэрдэбит!
Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас, Таатта улууһугар эрэл, итэҕэл, таптал сылынан, Кыайыы 80 сылын көрсө Чычымахпытыгар экологическай тэрээһин олус көхтөөхтүк ааста.
Уопсайа 150 бэс үнүгэсчээннэрин питомниктан Лесресурс тыа маастара Ньургун Васильевич Татаринов
аҕалан, кини салайыытынан уһуйаан, оскуола, лааҕыр, Амма нэһилиэгин музей-комплексын, Кыайыы болуоссатын, «Сүгүрүйэр ытык дьоммут» сквер территорияларыгар олордуу тэрилиннэ.
Төһө да кыһыммыт саҕаланнар бары биир санаанан турунан, күргүөмүнэн тахсан Чычымахпыт тупсарын уонна эһиил үнүгэстэр үүнэллэрин туһугар үтүө кыһамньыбытын анаатыбыт.
Мас олордуллан, сотору кэминэн хойуутук, өлгөмнүк үүнэн тэнийиэ. Үтүө уонна наадалаах акцияҕа кыттан экологическай турук бөҕөргүүрүгэр тус кылааккытын өссө киллэрэ тураргытыгар баҕарабыт.
Төрөөбүт дойдубут айылҕата чэчирии турдун!
Иванова Д.Е., экологическай үлэни көҕүлээччи