Мээндиги “Үс Хайа” базатыгар дуоһуйа сынньанныбыт

Таатта улууһун мөлтөхтүк истэр дьон уопсастыбатыттан сэттиэ буолан Мээндиги нэһилиэгин олохтоохторо Михаил уонна Варвара Охлопковтар дьиэ кэргэн тэрийбит «Үс хайа» диэн туристическай базаларыгар сынньанан кэллибит.

Биһигини тиийбит күммүтүгэр бэрт сайаҕас хаһаайыттар — Михаил Прокопьевич уонна Варвара Иннокентьевна үөрэ-көтө көрсөн Амма эбэ уҥуоргу өттүгэр турар сынньалаҥ базаларыгар илтилэр. Манна туох баар сынньанар усулуобуйаны барытын бэркэ тэрийэн, бэлэмнээбиттэр. Ол курдук утуйар дьиэ, улахан аһыыр зона, ону тэҥэ аныгы сиэринэн астанарга казан, мангал, оллоон барыта оттук маһыгар тиийэ баар. Өссө өрүһү өҥөйө турар сынньанар сир бэрт сиэдэрэй гына оҥоһуллубут. Оллоонноон олорон эрэ кэпсэтэргэ, оонньуу тэрийэргэ анаммыт курдук. Биһиги эрдэттэн анал бырагыраама оҥостон кэпсэтиһэн кэлбиппит. Онон дьоммутун кытта ону барытын тута быһаарыстыбыт. Бастакы күммүтүгэр «Золотое кольцо Мяндиги» диэн экскурсияҕа сырыттыбыт. Скороульскай волость киинэ буола сылдьыбыт «Синньигэс» алаас, Арассыыйаҕа гражданскай сэрии бүтэһик кыргыһыыта буолбут Билиистээх алааһа уонна Быкы үрэх диэн сирдэринэн сырыттыбыт.

Маны барытын биһиэхэ кыраайы үөрэтээччи Михаил Васильевич Алексеев диэн наһаа умсугутуулаахтык кэпсээбитин бары да сөҕө-махтайа иһиттибит. Онно кини 1923 сыллаахха кулун тутар 2 күнүгэр Билиистээх алааска хайдах Пепеляев уонна Суров этэрээттэрэ кыһылларга саба түһэн сэриилэспиттэрин сиһилии кэпсээтэ, бэйэтэ оҥорбут картатын көрдөрөн, бэл диэтэр онно ытыллыбыт буулдьалары көрдөрдө. Өссө бу күн норуот суруйааччыта Василий Егорович Васильев–Харысхал аатынан сынньалаҥ пааркатыгар сылдьан эмиэ бэрт интэриэһинэй кэпсээни иһиттибит. Иккис күммүтүгэр моторка оҥочонон айаннаатыбыт. Онно маршруппутугар Харама хайата, Буор хайа, Харчы хайата киирдилэр. Дьэ бу күнү бары да долгуйа күүппүппүт. Күммүт туран биэрэн олохпутугар бэртээхэй биир умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Харама хайатын тэллэҕэр, атын хайалар көстүүлэригэр баҕарбыппыт курдук хаартыскаҕа түстүбүт, Амма ыраас сылаас уутугар дуоһуйа сөтүөлээтибит.

Турбаза хаһаайына Михаил Прокопьевич балыктыырга диэн эрэһиинэ оҥочо, илим, спиннинг уларсан үөртэ. Бу күннэргэ эбэттэн тахсыбакка эдэр кыыспыт Даша, суоппарбыт Василий балыктаан айылҕа баайыттан бэриһиннэрдилэр. Болдьохпут бүтэн, бары бэркэ сынньанан, астынандуоһуйан, үөрэн-көтөн, салгыы да билсэ туруохпут диэн кэрэ дойдуттан Мээндигиттэн дойдубутугар айаннаатыбыт.

Үөрэн-көтөн туран Михаил Прокопьевичка бэйэбит Махтал сурукпутун туттардыбыт, үлэлэригэр ситиһиилэри баҕардыбыт. Бу тэрээһин СӨ Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин нөҥүө өрөспүүбүлүкэ уонна Таатта улууһун дьаһалтатын бюджетыттан үбүлэнэн тэрилиннэ. Түгэнинэн туһанан бары күүс-көмө буолбут салайааччыларга «Таатта улууһа» МО МАУ «ТОУ» директорыгар Сидоров Константин Юрьевичка ГСМ өттүнэн хааччыйбытыгар, улуус баһылыгар Бурцев Айаал Семеновичка, «Таатта улууһа» МО дьаһалтатын экономикаҕа управлениетын салайааччытыгар Татаринов Петр Елизаровичка бу бырайыакпын өйөөн, улуус бюджетыттан көмө оҥорбуттарыгар, Таатта улууһун мөлтөхтүк истэр дьон уопсастыбаларын аатыттан сиртэн халлааҥҥа диэри махталбытын тиэрдэбит.

Светлана ДОРОФЕЕВА, ВОГ уопсастыба бэрэссэдээтэлэ.

Читайте дальше