Михайловтар дьиэ кэргэн: «Үлэ — биһиги үүнэр, сайдар суолбут»

Уруйана.

Сахабыт сирин инники кэскилэ – олоххо көхтөөх, бигэ тирэхтээх, биир ситимнээх, кэрэ эйгэлээх, ситиһии аргыстаах Михайловтар дьиэ кэргэн буолаллар.

— Бастатан туран ыал ийэтэ – Вера Юрьевна, дьиэ кэргэҥҥин сырдатыаҥ дуо?

— Биһиги ыал аҕа баһылыга – Владимир Михайлов Тааттатааҕы баһаарынай сулууспаҕа ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар. Иллэҥ кэмин дьиэ кэргэнин кытта атаарар уонна үгүс бириэмэтин спортка аныыр.  Мин бэйэм үөрэммит оскуолабар А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицейгэ 2013 сылтан история уонна обществознания учууталынан, ону тэҥэ дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан  үлэлиибин. Кэргэммин кытары 2012 сыллаахха «Дыгын оонньууларыгар» Туймаада ыһыаҕар билсибиппит. 2015 сылга сүрэхпитин холбоон, таптал ыраас, истиҥ сыһыанын олохтоон ыал буолбуппут. Ийэ, аҕа буолар дьолун биллэрбит соҕотох уолчааммыт Витя, номнуо маҥнайгы кылааска быйыл күһүн киирэн үөрэнэ сылдьар.

 

— Бу күрэххэ кыттарыҥ хайдах быһыылаахтык туохтан саҕаланнай?

«Мординавскай ааҕыылар» чэрчитинэн оскуолабыт иһинэн «Сыл бастыҥ учуутала» күрэх ыытыллыбыта, бу манна «Бастыҥ уруок»  анал ааты ыламмыт үгэс буолбут улуустааҕы «Сыл бастыҥ учуутала» күрэххэ кыттан муҥутуур кыайыылаах аатын сүгэн, балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт 32-с төгүлүн ыытыллар бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ учуутала» улахан күрэххэ кыттыыны ылары ситиспитим. Манна Сахабыт сирин араас муннугуттан,  30 бастыҥ учууталлар бэйэлэрин тургутан көрдүлэр.

— Хас күн кытынныгыт? Ханнык түһүмэхтэр баалларый?

— «Сыл бастыҥ учуутала» күрэх балаҕан ыйын 28 күнүттэн алтынньы 5 күнүгэр диэри Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа уонна үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институтка ыытыллыбыта. Бастакы күн Педагог уонна Уһуйааччы сылыгар аналлаах күрэхпит арыллыыта эҕэрдэ тылтан өрө көтөҕүүлээх, ураты эйгэлээх, долгутуулаах этэ. Күрэх бастакы күнэ педагогическай диктантан саҕаламмыта, бу түһүмэх быйыл саҥа киирдэ, манна Арассыыйа бастыҥ суруйааччытын, научнай педагог —  Константин Дмитриевич Ушинскай айымньыларыттан 3-с ыйытыкка эппиэттээн, аныгы олох ирдэбилинэн туох санаалаахпытын арыйан, толорон, сырдатан биэрбиппит, ону тэҥэ бу диктант иһинэн бырайыак суруйан эмиэ холонон көрдүбүт. Бу курдук алтынньы биэс күнүгэр диэри, утуйар уубутун умнан, алта түһүмэҕи ааһан, нэдиэлэ устата бары күүскэ үлэлэһэн, сүбэлэһэн, уопут атыстаһан, саҥаны арыйан ону тэҥэ долгуйан бириэмэбит бэрт түргэнник ааспыта. Күрэхпит муҥутуур кыайыылааҕын балаҕан ыйын 5 күнүгэр, учуутал күнүгэр түбэһиннэрэн чиэстээбиттэрэ. Уопсайа алта түһүмэх, биэс площадканан ыытыллыбыта, ол курдук сүрүн түһүмэхтэрдээх этэ:  педагогическай диктант, аһаҕас уруок уонна «Дьоһуннаах кэпсэтии», бу түмүгүнэн балаҕан ыйын 30 күнүгэр 17 учуутал «Үрдэл» үрдүк аатын сүгэн, салҕыы кэлэр түһүмэххэ олох атын көрүүлээх-билиилээх, элбэх уопут мунньунан, салҕыы кыттыбыппыт.

— Сүрүн түһүмэхтэри сырдатыаҥ дуо?

— Балаҕан ыйын 30 күнүгэр  уруок түһүмэҕэ буолбута, манна эрдэттэн бэриллибит 15 араас тиэмэттэн талан ылан, оскуола оҕолоругар уруок ыытыллыбыта. Мин Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия 8-с кылааһын үөрэнээччилэригэр  «Главная ценность это люди» диэн олус үчүгэй, дириҥ ис хоһонноох тиэмэни талбытым. Кыттааччылар бары  20 мүнүүтэ иһигэр сүрүн ис хоһоонун арыйан, сырдатан, кэпсээн, түмүк таһааран, ыйытыктарга эппиэттэппиппит.

Алтынньы 2-с күнүгэр маастар-кылаастар саҕаламмыттара, манна хас биирдии кыттааччы бэйэтин уруогар «Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» туттубут ньымаларыттан үллэстибиттэрэ. Бу түһүмэххэ мин эвристическай ньыманы арыйбытым, бу ньыма оҕону сайыннарыыга олус туһалаах, манна оҕо толкуйдуур дьоҕура сайдар, ону тэҥэ бэйэтин санаатын сайа этэр буолар, онон бу эвристическай ньыма аныгы тэтимнээх үйэбитигэр олус табыгастаах буолар. Алтынньы 3-с күнүгэр бэһис түһүмэхпит «Вопрос учителю» диэн саҕаламмыта. Барытын үс бөлөххө арааран ыйытыылары үллэрэн биэрэллэр, ол курдук төрөппүттэртэн, устудьуоннар сообществоларыттан, үөрэнээччилэртэн киирбит педагогическай,  профессиональнай 12 ыйытыылары атастаһа сылдьан хоруйдаабыппыт. Түмүктүүр «Слово учителю» түһүмэххэ хас биирдии учуутал аныгылыы үөрэхтээһин систиэмэтигэр баар араас кыһалҕалары хайдах быһаарарга бэйэбит көрүүбүтүн этэн, түмүк таһаарыахтаахпыт, бу манна мин «Осознанный выбор профессии» кыһалҕатын арыйбытым. Билиҥҥи кэмҥэ бу хас бирдии үөрэнээччигэ бэйэтин идэтин өйдөөн, толкуйдаан туран сөптөөх быһаарыныыны ылынара олоҕор сүрдээх улахан эппиэтинэстээх хардыы буолар. Онон бу сытыытык турар кыһалҕаны бэйэбит оскуолабыт үлэлии-хамсыы олорор уопутуттан  сырдаппыппыт. Уопсай түмүккэ хас биирдии түһүмэхтэн талыллан учууталларга анал ааттары туттарбыттара. Миэхэ «Слово учителю» түһүмэх түмүгүнэн «Увлеченная профессия» — диэн анал ааты иҥэрбиттэрэ, ону тэҥэ биэс бастыҥ кыайыылаахтарга наҕараада туттарыллыбыта. Алтынньы 5 күнүгэр саамай бастыҥ учуутал, кыайыылаах аатын  Международнай арктическай оскуолаҕа Павел Николаевич Гоголевка туттарбыттара.

— Бу улахан хабааннаах күрэххэ кыттыбыппар бастатан туран махтаныам этэ А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй бары коллективыгар, чуолаан оскуолам дириэктэригэр Изабелла Александровна Сивцеваҕа, маны тэҥэ бу күрэх саҕаланыан инниттэн түмүктэниэр диэри миигин арыаллаан, өйөөн кэлбит бииргэ үлэлиир дьоммор: Анастасия Юрьевна Тарасенкоҕа, Сардана Спартаковна Сыромятниковаҕа, Анна Николаевна Сыромятниковаҕа, Күннэй Алексеевна Белолюбскаяҕа, Яна Ильинична Поповаҕа, Мария Фомична Чашкинаҕа, Людмила Дмитриевна Сысолятинаҕа, Оксана Мировна Слепцоваҕа, Ольга Васильевна Корякинаҕа бэйэм махтал тылларбын тиэрдэбин.

— Кэргэниҥ дьарыгын, ситиһиитин кэпсиэҥ дуо?

— Быйыл биһиги дьиэ кэргэҥҥэ олус ситиһиилээх ураты сыл үүннэ. Ол курдук мин кэргэним Михайлов Владимир Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт мас тардыһыытын чемпионатыгар иккис миэстэни ылан, Бүтүн Арассыыйатааҕы мас тардыһыытын чемпионатыгар 3-с миэстэни ылары ситиспитэ. Бу сайын от ыйыгар Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар  «Эр Бэрдэ» диэн саха төрүт оонньууларыгар силовой экстрим күрэҕэр кыайыылаах аатын сүкпүтэ. Ону таһынан, балаҕан ыйыгар норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга «Навстречу Евразиаде» мас тардыһыытыгар тиийэн бастакы миэстэни ылбыта. Онон аҕабыт Арассыыйа спордун маастара буолан, үөрүүбүт муҥура суох.

— Дьиэ кэргэҥҥэ саамай сүрүнэ туохха сытарый? Бу ситиһии барыта дьиэ кэргэн тутулуттан тахсар буоллаҕа дии?

— Дьиэ кэргэҥҥэ ситиһии кэлэригэр ис-иһиттэн син-биир күүстээх үлэ барар, бу манна биир эрэ киһи буолбакка бары тэбис-тэҥҥэ биир тыынан устан, биир ситимҥэ уйдаран, бэйэ-бэйэҕэ күүс-көмө буолан, өйдөһөн-өйөһөн, убаастаһан, бииргэ тутуһуу буолар, оччоҕо дьиэ кэргэн эйгэтэ күүһүрэн, бөҕөргөөн, ситиһии арыаллыыр.

Вера Юрьевна бастатан туран бастыҥ хаһаайка, кэргэн уонна ийэ буоллаҕа. Кини дьиэ кэргэнигэр, үлэтигэр, үөрэтэр оҕолоругар истиҥ- иһирэх сыһыанынан, бэриниилээх үлэтинэн, олоххо тардыһыытынан, холку майгытынан, ону-тэҥэ олоххо тапталынан, кэрэ эйгэтинэн барыларын угуттаан, олох киэҥ аартыгар тиэрдэр анал ураты күүстээх диэтэхпитинэ букатын сыыспаппыт. Вера Юрьевнаҕа уонна кини дьиэ кэргэнигэр инникитин ситиһии аргыстаах дьоллоох олоҕу баҕарыаҕыҥ.

Читайте дальше