Үлэһит үтүөтэ, хоһоонньут бастыҥа.

Ийэ киэнэ истиҥэ, эбээ киэнэ эйэҕэһэ,

Дьүөгэ киэнэ мааныта,

Кэргэн киэнэ эрэллээҕэ,

Сахабыт сирин сайаҕас Далбар Хотуна.

У.Н. Романова.

Ийэ тыл сүөгэйин-сүмэтин иҥэринэн, сүргэни көтөҕөр күннээҕи көстүүнү таба көрөн, кыраттан үөрэн дьолломмут санааны хомоҕой хоһооҥҥо тиһэн, бар дьоҥҥо уруйдуу туойан, ааҕааччыга тиэрдии хас биирдии киһиэхэ бэриллибэт.

Биһиги биир дойдулаахпыт Ытык Тааттаттан төрүттээх Ефросиния Васильевна (Будикина) Попова истиҥ тыллаах хоһоонноро сахалыы тыллаахха сүрэх кылын таарыйан, ааптар олоҕун кэпсээнин сэһэргииринэн, түгэх этэр санаата дириҥинэн ураты айылгылаахтар. Кини 1946 c. Даккы сиригэр тэлэһийэ улаатан, Ытык Күөл оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн, СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетын бүтэрэн, ветврач идэтин ылбыта. Эдэр саас эрчимнээх кэмнэригэр, устудьуоннуу сылдьан, Ефросиния Васильевна бэтэринээр быраас идэтигэр үөрэнэр Юрий Николаевиһы көрсөн ыал буолан, үс оҕоломмуттара. Ефросиния Васильевна үрдүк үөрэҕин кэнниттэн дойдутугар Тааттаҕа оройуоннааҕы бэтэринээрийэ лабораториятын дириэктэринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Онтон дьоллоох Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээрийэ лабораториятыгар бэтэринээр бырааһынан, отдел сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үлэтигэр бэриниилээх салайааччы өрөспүүбүлүкэҕэ ынах-сүөһү ортотугар улахан хоромньуну таһаарар сэллик ыарыытын бохсууга экспедициялары салайан, сүдү кылааты киллэрбит дьонтон биирдэстэринэн буолар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэринээрийэ ыстаансыйата туспа СӨ судаарыстыбаннай Ветеринарнай инспекция управлениета саҥа тэриллибитигэр Ефросиния Васильевна госветинспекция начальнигын солбуйааччынан анаммыта. Баай үөрүйэхтээх бастыҥ салайааччы СӨ бэтэринээрийэ департаменыгар үлэлиир кэмиттэн сонун сүүрээннэри киллэрэн, араас таһымнаах ветсанэкспертиза чинчийиилэрин ыытарга, оройуон лабораторияларыгар сертификацияны, аккредитацияны, лицензияны киллэриигэ күүскэ үлэлэһэн, үгүс сыратын биэрбит үтүө өҥөлөөх. Бу улахан үлэттэн саҕалаан, оройуон лабораторияларыгар сайдыы саҕахтара арыллан, күүстээх биохимическай чинчийиилэр ыытыллар буолбуттара, сонун ньымалары туһаныы киирэн, өрөспүүбүлүкэҕэ улахан хамсааһыннар тахсыбыттара. Салайар үлэһит тыа сирин уйгулаах олоҕо тупсарын туһугар төһүү үлэһит дьону үрдүктүк тутарга, үлэлиир усулуобуйаны тупсарыыга күүскэ үлэлэспитэ. Онтон сиэттэрэн оройуон ахсын бэтэринээрийэ лабораториялара сайдан, үрдүк көрдөрүүлээх үлэлэр саҕаламмыттара. Кэргэнэ Ленскэй оройуонун Бэчэнчэтиттэн төрүттээх Юрий Николаевич Тааттаҕа үлэлии сылдьан, Саха сиринээҕи комсомол обкомун отделын сэбиэдиссэйинэн ананан куоракка көспүттэрэ. Барыга көхтөөх, биир идэлээх дьиэ кэргэн утуму салгыыр оҕолорун, сөбүлүүр үлэлэрин, тулалыыр аймахтарын, эрэллээх доҕор-атас дьоннорун үрдүктүк туталлара. СӨ судаарыстыбаннай бэтэринээрийэ сулууспатын туйгуна Ефросиния Попова ыанньыйбыт санааны сайҕыыр, тохтор тойук кэриэтэ 100 хоһоонноох. Ааптар хоһоонноро оонньоон ааспыт оҕо саас, күөгэйэр күннээх эдэр саас ахтылҕанын, төрөөбүт дойдуга тапталы хоһуйаллар, олох тэттик түгэнин сэһэргээн, ааҕааччыны сырдык ыра санааҕа сирдииллэр. Кини үөлээннээхтэрин, биир идэлээхтэрин, чугас дьонун үбүлүөйдээх күннэригэр ахтылҕаннаах кэминэн илгийэр истиҥ тыллаах хоһоонунан күндүлүүр, илиитин сылааһынан быысапкалаабыт хартыыналарынан маанылыыр үтүө үгэстээх.

Мария Павлова.

Тыл күүһэ

Мунчаарбыт сүргэбин көтөҕөр сүмэлээх тыллары

Саппаҕырбыт санаабын саататар сып-сылаас тыллары

Сөҥүөрбүт сүрэхпин күүркэтэр

Кэрэкээн тыллары

Уйуктаах сүһүөхпэр иҥэрэр

Сүмэлээх тыллары

Тоҥхойбут төбөбүн көтөҕөр

Көнньүөрдэр тыллары

Эн этиий, Сүдү күүс!

Сип буолан ситимнээ,

Сап буолан эн салҕаа,

Алыптаах ааннаргын арыйыый,

Кый ыраах ырайтан

Күндэлэс кыымҥыттан эн бэрсиий,

Тыал буолан сипсийэн саталлаах санааны

Мэйиибэр иҥэриий!

26.08.2018 с.

Тааттам, төлкөм түспүт түөрэҕэ

Таалар Тааттам кытылыгар

Таалалаахтаан үөскээммин

Тостор тымныы саҕатыгар

Тоҥ балаҕан буоругар

Төрөөн саҥа таһааран,

Туора харах көрбөтүнэн

Түөрэҥ биһик түгэҕэр

Таба тэллэх сылааһыгар

Таҥас тастаах куобах суорҕан суоһугар

Тэрэпиискэ суулаах иҥэмтэлээх эминньэхтээх,

Тэһэ кэйбит имнэнэн

Тилэхпинэн тэбиэлэнэн,

Тоҥолохтон тардыһан,

Тобуктаан тураммын

Такым борбуй тардыһан,

Торбос этэрбэс иилинэн,

Төрөлүйэ улаатан,

Төрөппүттэрбин үөрдүбүтүм.

Төрөөбүт төрүт сирбин

Таптыыбын араас кэмнэрин,

Тоһуттар тымныытын

Тоҥуу хаарын кэһэрбин

Тоҥоруулаах сааскы кэмин,

Тэтэгэркээн сардааналаах,

Төгүрүкчээн күөллэрдээх,

Төгүрүк алаастарын

Турааҕа дааҕыргыыр,

Тоҥсоҕойо торулатар,

Тииҥнэрэ тэйиэккэлиир

Тиит мастаах тумулларын.

Түспүт эбит бу сиргэ

Тахсар күҥҥэ сүгүрүйэн,

Төлкөм түөрэх саҕаҕа

 Төрүөт буолла дьылҕабар.

Тускуо!

23.12.2021 с.

Төрөөбүт төрүт тылым

Төрөөбүт төрүт тылым

Төбөбөр уһаарыллан,

Таҥалайбар таҥыллан,

Түөспүттэн төлө көтөн,

Төрөөн-ууһаан тэнийэн,

Сыыйа тардан ханыылаһан,

Санаам хоту сааһыланан,

Сүһүөхтэнэн, күүһүрэн,

Сөрүүн салгыны эҕирийэн,

Сөҥүөрбүт санаабын этитэн

Салгыҥҥа көҥүл көтөр.

Холкутук тыынарбар,

Аһаҕастык саҥарарбар,

Иэйиибин толору этэрбэр,

Үүнэ-чэчирии сайдарбар,

Атын тылы билэрбэр,

Олук үктээн тахсарбар

Төрөөбүт тылым тумалаах,

Ийэ тылым төлөннөөх,

Этэр күүһэ эрчимнээх,

Эргиччи сайдыылаах.

Харыстаан тылгытын,

Буккуйа сатаамаҥ

Араас омук ортотугар

Саха буолар аналгытын.

21.03.2016.   12 час.15 мүн.

Оҕо сааһым дьүөгэлэрэ

Күндү мааны кыргыттарыам,

Ньуолах оттоох кырдалынан

 Бухарааскай сытынан тыынан

Оҕонньорбут отун сэргээн,

Таҥара лыаҕын эккирэтэн,

Күөрэгэйдии көтө-дайа

Күлэн үөрэн мичилиһэн,

Таммах ууну ыһыахтаан,

Кус оҕотунуу даллаҥнаһан,

Тааттам сылаас уйатыгар

Ааспыт ээ, оҕо сааспыт.

Тоҕойго кытарбыт хаптаҕас

Хонууга тэтэрбит дьэдьэммит,

Оһуор от дьүөрэтэ сибэкки

Сыһыыга алааска толору.

Лаглайбыт хатыҥмыт,

Хойуу күөх тиит маспыт,

Аатырбыт талахпыт

Кэрэтиэн бу кэмҥэ

Төрөөбүт айылҕам сиппитэ.

Үтүө мааны дьүөгэлэриэм,

Эһигини көрөн бүгүн үөрдүм.

Сыл, хонук да ааһаахтаабыт

Аҕыйаабыт да эбиппит.

Алаһа дьиэбит онно хаалбыт,

Бэл, муостабыт сууллубут,

Сирбит-уоппут уларыйбыт.

Таптыыр Тааттам ньуурунан

Аргыый тыынан уһуннум,

Ааспыты эргитэ санаатым,

Кыратык хараастан да ыллым.

 Соһолооҕум кэтэспит,

Соҕотох сардаанатын

Хонноҕор бу саһыаран,

Миэхэ бэлэхтии көрүстэ.

Далбар Хотун эбэлэриэм,

Биһиги инники ситиммит

Сиэттиһэ иилистэр сиэннэрбит

Кэллинэр Бу сиргэ

Талба күөх Тааттабыт киинигэр

Сайдыылаах олоҕу түстээннэр.

25.07.2016 с.

Уолба оскуолата

Ардыгар түүлбэр киирэҕин

Улуу күөллээх Уолбам,

Оҕо буолан улаатан,

Киһи буолан кэскиллэнэн

Иитиллэн, үөрэнэн ааспытым.

Аҕа буолар учууталбыт

Арахлиэйэп Уйбааммыт

Туруулаһан үөрэтэрэ

Туҥуй туораах оҕолору

Суруйарга, ааҕарга,

Неустроев Килимиэн

Үлэ уруогун ыытара,

Кэрэ өҥнөөх муустарынан

Дьуолка оонньуурун оҥорон,

Оскуоланы киэргэтэрбит.

Үрдүк кургаан сыырбытыгар

Бухатыырбыт төбөтүн

Хаары мууһаан оҥороро

Ол айаҕын иһинэн

Салааскалаан сырылыырбыт.

Олус убаастыы саныыбын

Алексеев Ньукулай учууталы

Аксиома, лемма, теорема

Кэпсиирин тутатына өйдүүрүм

Өрүү биэскэ үөрэнэрим.

Онтон дьиҥнээх эдьиийбин

(Биир нэһилиэктэн төрүттээх)

Слепцова Христинаны

Сахам тылын үөрэтэрин

Биир кыра түгэҥҥэ, тоҕо эрэ өсөһөммүн,

Эрэйдээн да ылбытым.

Александр Слепцову

Айылҕабыт үөрэҕин

Хаппыысталаах оҕуруотун

Парнигын, теплицатын,

Хоруолуктаах муннугун

Олус бэркэ өйдүүбүн

Өрүү үлэ күүтэрин.

Кэмсинэн ылабын ардыгар

Аатырбыт Таппыров Мэндэбит

Саахымат хараҕын ааҕарын

Сүүрэ көтө сылдьаммын,

Түптээн олорон оонньообокко

Тулуйан, иһийэн истибэтэхпин.

Интэринээт дьиэбитигэр

Иитэр, көрөр Фенябыт

Киэһээ аайы баар буолар

Остуоруйа, сэһэн кэпсээнин

Оһох аанын сыламыгар,

Саныыбын онно Гошаны.

Баспытаатал Чахов Көстөкүүн

Киирэн уруок аахтарар,

Хабылык, хаамыска оонньотор.

Онтон саамай күндү сирбит

Аһыыр дьиэбит — остолобуой

Манна баара повар Мааша,

Халааҥка оһох иннигэр

Килиэп буһар кэмигэр

Ааҕара кини биһиэхэ

Умсулҕаннаах кинигэни

«Төбөтө суох айанньыты».

Сааһын аайы хайыһар,

Ырыа, үҥкүү, күрэхтэһии.

Ытык Күөлгэ барарбыт

Фестивальга кыттарбыт,

Октябренок, пионер,

Сааскы поход кутаа уота

Сбор, слет, рапорт –

Баара барыта бу кэмҥэ.

Кыра бэйэм улаатаммын

Билии ылан, кыаҕыран,

Сэттэ кылаас үөрэхтэнэн,

Сүүрэр-көтөр сүһүөхтэнэн,

Үөрүү-көтүү үктэллэнэн,

Үүнэн-сайдан турбутум,

Олоҕум суолугар киирбитим.

Бииргэ үөрэммит оҕолорум:

Роза, Надя, Христина, Толя, Ваня, Ньургустан

Уонна Кеша Голиков –

Барыгытын өйдүүбүн,

Илэ санаан ааһабын,

Махтанабын оскуолабар,

Учууталбар, оҕолорбор,

Сайдыы суолун ыйан биэриҥ,

Дьоллоох олоҕу түстүү туруҥ!

Дуом!

2016 с.

Баайаҕа оскуолата

Ахсыс сыл үөрэҕи талаһан,

Уолбаттан, Тааттаттан түмсэн,

Суола суох үрэҕи батыһан

Уһуннук батылла айаннаан

Кэлбиппит Баайаҕа сиригэр,

Бастакы билсиһии-көрсүһүү

Үөрүү-көтүү сэлэһии.

Оттуллубут оһох аана

Сылааһынан сыламныыра

Бэрэски сыта дыргыйара,

Ичигэс интиринээт дьиэтигэр,

Ичигэс сыһыан, иитээччи.

Учууталбыт дириэктэр

Сыыйа тардан саҥарара

Сымнаҕастык сыһыаннаһара,

Саҕаламмыта олохпут,

Күргүөмнээх үлэбит, үөрэхпит.

Пионер үрдүк аата,

Дьоһун киһи комсомуол,

Походтарга барарбыт,

Кыралары үөрэтэрбит,

Кутаа тула олорон

Араас ырыа ыллыырбыт,

Үөрүү-көтүү, күрэхтэһии,

Кырдьаҕаска көмө үлэ,

Субуотунньук арааһа,

Оройуоҥҥа күрэхтэһэн,

Туризмҥа бастааммыт

Куоракка барар буоллубут.

Аны онно бэлэмнэнии,

Азимуту үөрэтии,палатканы туруоруу,

Саҥа ырыа, кутаа уот,

Саҥа күүрээн, соло суох.

Үлэ уруогар бары бииргэ

Столяркаҕа үлэлиирбит

Араама, чороон чочуйан станокка турарбыт,

Мандар мааны идэтэ

Саҕаланна бу кэмҥэ.

Уолаттар баяҥҥа оонньууллар

Үҥкүүлээх маассабай оонньуулар,

Сылайбыппын өйдөөбөппүн,

Умнуллубат түгэннэр

Бу баардыы харахпар көстөллөр.

Баара да буолуо ол онно

Оҕо саас маҥнайгы таптала…

2015 с.

Бэтэринээр атастарбар
Күөрэйэ ойбут кэрэ күнүнэн
Самаан сайыммыт ааһар кэминэн!
Кыаммат буолбуту кыайа тутан,
Турбат буолбуту таба көрөн,
Көҥүл көтөр айылҕам оҕото
Сатаан саҥаран ыарыытын ааттаабат,
Соҥуйбут хараҕын таба таайан,
Таптаан, илбийэн, туомун толорон,
Атаҕар туруорар,
Көҥүлгэ көтүтэр,
Кылгас да олоҕун
Кыратык уһатар
Айылҕа киэргэлин
Кэскилин, кэрэтин
Кэрэхсиир, үөрэтэр
Бэртээхэй атаспын
Бэтэринээр идэтин
Бэйэтэ сөбүлээн,
Суолталаах олоҕун
Суола оҥостон,
Кыраҕа, кыаммакка
Көмөлөөх буолаары,
Ол онтон саҕалаан,
Бар дьонун үөрдээри
Үлэһит үтүөтүн
Үөлээннээх атаспын,
Хайҕанар аналлаах
Күһүҥҥү күҥҥүнэн
Итиитик истиҥник
Эҕэрдэ этэбин!
Эрэллээх илиибит
Сылааһын ыытабын!

Ефросиния Васильевна Попова.

Читайте дальше