Бу Тааттаҕа олохтоох аҕа уолунаан дьон билиниитин ылыан ылбыт дьоннор. Төһөлөөх элбэх саха киһитэ кыһалҕа оҥостубут ыарыытын эмтэтэн, киһи буолбута, тыынын уһаппыта буолуой.
Кинилэр тустарынан Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин баһылыга Александр Винокуров суруйуутуттан быһа тардан билиһиннэрдэххэ маннык:
Куома Чааскын былыргынан IV Байаҕантай нэһилиэгэр, билиҥҥитэ Уолба Дьөҥкүүдэй эбэҕэ, 1878 с. дьадаҥы, үөрэҕэ суох ыалга төрөөбүтэ. Дьону эмтээһини сааһыран баран, сэрии сылларыттан ыла, саҕалаабыта…
Кинигэҕэ аҕалыы-уоллуу Чааскыннарга эмтэнэн үтүөрбүт дьон ахтыылара, махталлара киирбиттэр. Кинигэни хомуйан оҥорбут “Таатта ытык дьоно” бырайыак салайааччыта, “Таатта” хаһыат эрэдээктэрэ А.К. Посельская: Кинигэ оҥорорго элбэхтэ биллэрии ыыттым, элбэх дьону кытта алтыстым. Бары сүгүрүйэллэр, махтаналлар, үтүө санааларын тиэрдиэхтэрин тыллара тиийбэт, сатаан суруйбаттар. Онон бу кинигэҕэ киирбит ахтыылары, махтал тылларын хас эмэ киһи тыһыынчанан киһи санаата диэн ылыныахтаахпыт
— диэн түмүк тылыгар быһааран суруйбут.
Дьэ ситинник үгүс киһиэхэ үрүҥ күн өллөйө буолбут үтүө-мааны дьоннор тустарынан кинигэ сүрэхтэниитэ алтынньы 15 күнүгэр Национальнай бибилэтиэкэҕэ 15.00 чаастан буолуоҕа.
Автор: Пути великих свершений
Текст: “Саха сирэ” хаһыат сайта