Бу сыл ыам ыйын 18 күнүгэр Таатта улууһугар Таптал, Эрэл, Итэҕэл сылынан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Ньургуһун» күнүнэн тыл үөрэхтээҕэ, биллиилээх литературнай кириитик, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, норуот билиниитин ылбыт «Ньургуһуннар» ырыаны матыыптаан норуотугар көтүппүт Баһылай Никитич Протодьяконов төрөөбүтэ 90 сылын көрсө «Ньургуһун, таптал, кэрэ, нарын тыына» диэн ааттаах ыллам ырыа күрэхтэһиитэ ыытылынна.

Ырыа сиэдэрэй, баай талым хонуута Василий Протодьяконов төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр кырдьаҕас Чөркөөххө буолла. Василий Никитич олоҕор икки ырыаны матыып гынан таһаарбыта. Ол бастакыта эдэр саас, таптал, эрэл ырыата — «Ньургуһуннары» 23 сааһыгар, онтон кэлин баараҕадыйан баран Алампа хоһоонугар Таатта Өрөгөйүн ырыатын ыллаппыта.
Ырыа түһүлгэтигэр Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтиттэн, Уус Алдан Арыылааҕыттан, Чурапчыттан, Томпо Мэҥэ Алданыттан уонна улууспут биэс нэһилиэгиттэн уопсайа 123 киһи кэлэн биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорууга кытыннылар. Уопсайа 35 ырыа ылланан сааскы чаҕылхай күнү уруйдуу-айхаллыы улахан кэнсиэр тэнийдэ. Күрэхтэһии икки категориянан оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо араарыллан ыытылынна.

Ырыа үөрүүтүн бэлэхтии кэлбит талба талааннаахтары уонна көрөөччүлэри Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов, улуустааҕы норуот Айымньытын дьиэтин салайааччыта Г.Г.Вырдылин уонна Чөркөөхтөөҕү политсыылка, история музейын салайааччыта М.А.Протодьяконов эҕэрдэлээтилэр.
Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов тэрээһин кыттыылаахтарын эҕэрдэлээн туран, бу ырыа түһүлгэтин сыл аайы буолбакка, икки –үс сыл арыттаан куруутун ыытыллар тэрээһин буолуон сөптөөҕүн туһунан эттэ. Дьон-сэргэ ылыммыттарын биллэрэн ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.
Ырыа кэрэ бырааһынньыгын бырайыагын автора, Василий Никитич сиэн быраата М.А.Протодьяконов: «Күндү биир дойдулаахтарым, ытык мааны ыалдьыттарбыт! Эһигини сандал саас кэлэн, харалдьыт тахсан, айылҕа тыллыытын саамай кэрэ кэмигэр үктэммит Ньургуһун күнүн бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Кырдьык даҕаны, саха киһитэ аҕыс ый кыыдааннаах кыһыны этэҥҥэ туораан, бу тоҥ буору тобулан тахсар бастакы сибэккигэ сүгүрүйэн, олох салҕаныытын, олох кэрэтин, олох үөрүүтүн туойан хас биирдии поэт, хас биирдии ырыаһыт ыллаабыт, хас биирдии тапталлаах киһи туойбут көстүүтэ буолар. Онон биһиги биир дойдулаахпыт, убайбыт Василий Никитич Протодьяконов 1957 сыллаахха СГУ-га үөрэнэ сылдьан 23 саастааҕар И.Дмитриев «Ньургуһуннар» хоһоонугар матыып таһааран бар дьонугар бэлэхтээн, ырыа саха дьонугар ылламмыта 67-с сыла буолла. Ол тухары саха омук ханна да түмүстэр, бу ырыаны ыллаан кэрэҕэ, тапталга тардыһыы бэлиэтин биллэрэн кэллэ. Кырдьык даҕаны «Ньургуһуннар» ырыа саха киһитин гимнэ буолла диэн эттэххэ дарбатыы буолбатах. Оннук улуу айымньыны бу Чөркөөхтөн төрүттээх Дьиэбэгэнэ Лампатыттан силис -мутук тардыбыт, сааһын тухары саха тылын, литературатын уонна культуратын тарҕатыыга олоҕун анаабыт Баһылай Никитич айан-тутан хаалларда. Быйыл сайын кини күн сирин көрбүтэ 90 сыла туолар. Ол бэлиэ күнү көрсө Таатта улууһун культураҕа управлениета, Октябрьскай нэһилиэк дьаһалтата, улуустааҕы үөрэх управлениета, Чөркөөхтөөҕү политсыылка музейа уонна бу Василий Никитич оҕолоро, аймахтара түмсэммит ырыа күрэхтэһиитин тэрийиэххэ, дьон талаанын арыйыахха, суолла аһыахха диэн санааттан оҥордубут. Бүгүн илин эҥэр биэс улууһуттан бэрэстэбиитэллэр кэлэн биһиги улууспут нэһилиэктэриттэн, оскуолаларыттан кытта кэлбиттэригэр сүрдээҕин үөрдүбүт, махтаннабыт. Маннык тэрээһиннэртэн тирэх ылан олохпут уйгута тупсуо, кэрэҕэ, сырдыкка тардыһыыбыт улаатыа диэн эрэнэбит. Кэрэ ырыалар, үтүө санаалар үөскүү туралларыгар баҕарабыт», — диэн бэлиэтээтэ.
Ырыа түһүлгэтин быыһыгар айылҕаттан бэриһиннэрбит талааннаах, таатталар биир күөн туттар ырыаһыппыт Харбалаахха культура салаатыгар үлэлиир Владимир Жирков нэһилиэгин ырыаһыттарын салайан аҕалбытын көрүстүм. Владимир санаатын үллэһиннэ: «Ырыа күрэхтэһиитэ олус тэрээһиннээхтиик ыытылла турар. Гала кэнсиэргэ дьонум киирэннэр ону күүтэ олоробут. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ элбэх кыттааччы кэлбит. Сүрүннээн ньургуһун, тыллыы, таптал ырыатын иһиттибит. Мин ордук Ытык Күөлтэн кэлбит хас да куоласка арахсан «Ньургуһуннар» ырыаны а капелла ыллаабыттарын сэргээтим, Чурапчыттан эмиэ ырыаһыт киһи кэлэн кытынна. Сэрэйдэххэ, арааһа, ырыа эйгэтигэр үөрэхтээх, куолаһын иһиттэххэ оннук», — диэтэ.
Уус Алдан Арыылааҕыттан олохтоох культура сынньалаҥ киинин салайар Евдокия Карамзина кэлбит. Арыылаахха культура киинин иһинэн «Ырыа уонна сибэкки» вокальнай ансаамбыл 1990 сылтан үлэлиир эбит. Манна 15 кэрэ аҥар икки көлүөнэнэн арахсан ыллыыллар. Бу ансаамбыл иһигэр ыллыыр кэрэ аҥардар квартетынан кытыннылар. «»Ньургуһуннар» ырыаны саха саҥалаах, тыллаах барыта ыллыыр. Биһиги ансаамбылбыт репертуарыгар баар. Онтон бүгүҥҥү куонкуруска бэйэбит мелодиспыт айбыт ырыатынан кыттабыт», — диэн Евдокия Карамзина кэпсиир. Күрэхтэһии быыһыгар аатырар Чөркөөх музейыгар сылдьан көрөн, ньургуһуннаах хонуутугар дуоһуйа хааман кэллибит диир. Улууспут биллиилээх мелодиһа Виктор Туманов: «Баһылай Никитич 90 сылыгар аналлаах «Ньургуһун» ырыа куонкуруһугар кыттаары кэллим. Киниэхэ СГУ-га кэтэхтэн үөрэммит дьоллоохпун. Кини эппит: «Саха күүһэ өйүгэр, өйүн күүһэ тылыгар», — диэн этиитин мас-таас курдук өйдөөн хаалбыппын. Кини «Ньургуһун» ырыатын саха музыкальнай ырыатын эталонун быһыытынан сыаналыыбын. Куонкуруска олохтоох автор Ирина Колодезникова-Ымыы «Ньургуһуннар»ырыатын толороору кэлэн турабын», — диэн кэпсээтэ.
Норуоппут биир талааннаах мелодиһа Валерий Ноев төрөппүт уола Валерий Ноев ансаамбылыгар ыллыыр ырыаһыт кэрэ аҥардарын салайан илдьэ кэлбит. Кини Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Валерий Ноев санаатын истиэххэ: «Мин «Сырдык сүүрээн» ансаамбылым кэрэ аҥардарыттан бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ триону илдьэ кэллим. Алексей Калининскай тылыгар ырыаны бэлэмнээн аҕаллым. Бүгүҥҥү ырыа күрэхтэһиитэ «Ньургуһун» күнүгэр сөп түбэстэ. «Ньургуһуннар» ырыаны саха киһитэ барыта сөбүлээн ыллыыр. Сааһым тухары кулуупка үлэлээтим. Бу ырыа хас ыытыллар кэнсиэр репертуарыттан түспэт, сонуна ааспат. Норуот бу ырыаны бырааһынньыкка, кэнсиэрдэргэ ыллыыр. Василий Никитиһи истэн эрэ билэбин. Кини икки ырыалааҕын эмиэ билэбин», — диэтэ.
Манна бэлиэтээн аастахха, улууспутугар кэнчээри ыччаты ырыа кэрэ эйгэтигэр уһуйар Дьохсоҕоҥҥо Петр Щукин, Уолбаҕа Леонид Егоров курдук эдэр специалистар бааллара киһини эрэ үөрдэр. Оҕолору бэлэмнээн аҕалан тэҥҥэ ыллаһан, ыйан-кэрдэн, көрдөрөн биэрэн үлэлэригэр бэриниилээхтэрин, сөпкө тайаммыттарын кэрэһэлиир. Эрдэлээн эттэххэ, Уолбаттан сылдьар Леонид Егоров оҕолорго бастыҥ уһуйааччы аатын ылан бэлиэтэннэ.
Түмүккэ оҕолорго кылаан кыайыылаах аатын бөлөҕүнэн толорууга Ытык Күөл 1-кы №-дээх орто оскуолатын 2-с «в» кылааһын үөрэнээччилэрэ кыайыы өрөгөйүн билэн Баһылай Никитич төрөппүт оҕолоро туруорбут 20 000 солк. наҕараадаланнылар. Бастакы степеннээх лауреат аатын Чөркөөх оскуолатын 5-с кылааһа, 2-с степеннээх ааты «Уолбан» бөлөх, Уолба оскуолатын үөрэнээччилэрэ ыллылар. Биирдиилээн толорууга бастакы степеннээх лауреат аатын Уолбаттан Руслан Собакин, иккис степеннээх лауреат аатын Чөркөөхтөн Саина Гоголева, үһүс степеннээх лауреат аатын Дьохсоҕонтон Сайаана Васильева ылан үөрдүлэр-көттүлэр.


Улахан дьоҥҥо бөлөҕүнэн толорууга кылаан кыайыылаах аатын Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтиттэн сылдьар «Сырдык сүүрээн» ылан аймахтар бириистэрин 30 000 солк ылан үлэлэрин тилиннэрдилэр. Бастакы степеннээх лауреат аатын Чөркөөхтөн «Күбэйэ» ансаамбыл; иккис степеннээх лауреат аатын Ытык Күөлтэн «Үрүйэ» ансаамбыл, үһүс степеннээх лауреат аатын Харбалаахтан «Кэрэ Куо» ансаамбыл ыллылар. Бөлөҕүнэн толорууга «Бастыҥ салайааччы» аатын Валерий Ноев ылла. Улахан дьоҥҥо биирдиилээн толорууга кылаан кыайыылаах аатын Харбалаах олохтооҕо Надежда Бурмистрова ылла уонна Е.Е.Борисов бирииһин 10000 солк. наҕараадаланна. Бастакы степеннээх лауреаттарынан Тыараһаттан Анатолий Варламов, Чөркөөхтөн Василий Дорофеев; иккис степеннээх лауреат аатын Чурапчыттан Борис Васильев; үһүс степеннээх лауреат аатын Чурапчыттан Елена Сивцева ыллылар. Бастыҥ авторскай ырыа иһин уонна көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ ааты Харбалаахтан сылдьар Виктор Тумановка иҥэрилиннэ.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ньургуһун» күнүгэр уонна норуот таптаан ыллыыр “Ньургуһуннар” ырыаны дьонугар-сэргэтигэр үйэлээх бэлэҕи хаалларбыт В.Н.Протодьяконов кэриэһигэр анаммыт аһаҕас ырыа куонкуруһун тэрийигэ үбүнэн-харчынан тирэх буолбут Таатта улууһа (баһылык А.С.Бурцев), Октябрьскай нэһилиэк (А.П.Семенов), Таатта улууһугар бастакы олохтоох бэйэни салайыыга үлэлээбит үлэһиттэр (П.И.Чарин), улуустааҕы үөрэх управлениета, Норуот айымньытын дьиэтэ, үөрэх салаатын профкома, ХИФУ саха литературатын кафедрата (Л.П.Григорьева), улууспут саха тылын учууталларын холбоһуга (Г.Ф.Им), О.П.Андросова, Е.Т.Алексеева, А.В.Вырдылина, Т.А.Цыпандина, «Сулусчаан» оҕо уһуйаана, саха салаатын 1977 сыллаах выпуһа, «Аллан» маҕаһыын, Чөркөөхтөөҕү сынньалан киинэ, Чөркөөх орто оскуолата уо.д.а. көмөлөрүнэн ыытылынна. Баһылай Никитич айан-тутан хаалларбыт ырыата норуот ырыата буолан өссө да уһун кэмнэргэ, хас саас аайы харалдьыкка ньургуһун тахсарыныы ыллана туруохтун. Ырыа күөх хонуута «Ньургуһуннар» ырыа күргүөмүнэн толоруутунан түмүктэннэ.

С.ХАЛГАЕВА.
Хаартыскаларга улахан дьоҥҥо кылаан кыайыылаах Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтиттэн сылдьар «Сырдык сүүрээн» салайааччылара В.В.Ноевтыын, оҕолорго Кылаан кыайыылаах Ытык Күөл 1-кы №-дээх орто оскуолатын 2-с «в» кылааһын үөрэнээччилэрэ, «Ырыа уонна сибэкки» вокальнай ансаамбыл, ырыа хонуутун кыттыылаахтара.

Читайте дальше